Тускул сэтинньини анаарда

Share

Сэтинньи саха саамай сүгүрүйэр ыйа — өбүгэ Байанайы кытта ыкса сибээстиирэ.

Махталлаах булчукка Байанай хара тыа баайыттан үөрэ-көтө бэрсэр диэн өйдөбүл олохсуйбут. Олус үөрүнньэҥ, кэһии биэрэр курдук саныыллара. Сэтинньигэ кыһын хайдах буолуон, саас хойутуон дуу, эрдэлиэн дуу, быһаараллар.  Ыам ыйын батыһар. Миитэрэйэп саҕана (сэтинньи 8 күнэ) халлааҥҥа чүмэчи курдук былыттар таҕыстахтарына, сылаас кыһын буолар. Ыт атаҕын чиккэччи тэбинэн ойоҕоһунан сыттаҕына, хаар түһүө. Өрүс уута тура илигинэ кыстык хаар түстэҕинэ, куһаҕан дьыл кэлэр. Ойбону саҥа аллардахха уута толору тахсар, ардыгар модьоҕотун таһыгар охсор буоллаҕына, уулаах саас, итиэннэ өҥ сайын кэлэр. Уу нэһиилэ тахсар, өрө тэппэт буоллаҕына, сааһыгар үрэххэ уу кэлбэт, уута суох саас буолар.

Кэлиҥҥи уонча сылга күһүн балай да уһаан, сымнаан иһэр. Кыстык хаар улуус аайы араастаан түһэн, билигин сорох улуустарга хаар олох суоҕун кэриэтэ. Онон бүгүҥҥү күҥҥэ хаар олох чараас.  буолан, сүөһүнү да, сылгыны да идэһэлииргэ  уустуктары үөскэттэ. Мантан салгыы хаар түспэтэҕинэ, сылгы кыстыга уустугуруо. Ити балаҕан ыйыгар сир аайы барытыгар ардаан, күһүҥҥү нуорматын толорон, хаар мэлийдэ дуу диэҕи баҕарыллар. Онон сэтинньи хайдах эрэ сымнаҕас буолсу дуу диэн сабаҕалыыбын. Урукку сылларга сэтинньи 7 күнүгэр 40-45 кыраадыстаах тымныы түһэн, бастакы массыыналар туорууллар этэ. Сэтинньини анааран көрүү кэнниттэн 40 кыраадыстаах тымныы бу ый бүтүүтүгэр Өймөкөөн, Дьааҥы диэки  биллиэҕэ.  Атын улуустар 30 кыраадыс иһинэн-таһынан буолан, сэтинньи-ахсынньы ыйдар сымнаҕас буолсулар диэн тойоннуохха сөп. Бу аата Артика сылыйыыта Хотугу муустаах муора мууһун ириитин охсуута буолар. Эһиил өссө сылыйаары турар. Онон айылҕа тосту уларыйыыларын биирдэ буолар көстүүлэрин туоһулара буолабыт.

Сэтинньигэ түүмэх түһэн барар. Түүмэх диэн син биир кыраһа курдук. Уу паара тоҥон, хаар буолар уонна сиргэ түһэр. Түүмэх, үксүгэр, былыта суох буолар. Эһиилги сыл хайдах буолуон түүмэҕинэн билэллэр. Түүмэх элбэх буоллаҕына — өҥ дьылы, түүмэх аҕыйах буоллаҕына, курааны күүтэллэр. Ый ортотугар (14 күн) сылаас таҥаһы кэтэр кэм. Халлаан биллэ тымныйар. Ый бүтүүтэ сэргэ төбөтө сэтэриччи тоҥор тымныыта түһэр. Бу өссө аам-даам буолбатах (ахсынньы 10 күнүттэн саҕаланыа). Күн сиэлиинэн күрэнэн иһэр. Хараҥа улаата турар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сиэр-майгы: Мин билэр буоллум да…

Кистэл буолбатах, үгүстэргэ “мин билэр буоллум да, киһи барыта билиэхтээх” диэн өйдөбүл иҥэн хаалбыт. Билбэтин…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох сиринэн -21-26°С кыраадыс тымныы буолуоҕа

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ баһыйар үгүс өттүгэр кыралаан хаардыаҕа. Халымаҕа, Аллайыахаҕа хаар сөбүгэр түһүөҕэ.…

3 часа ago
  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Күннээҕи гороскоп: ахсынньы 21 күнэ

Бүгүн Күн салайар күнэ — өрөбүл. Онон айар-тутар эрчим, үөрүү-көтүү уонна сырдык баһылыаҕа. Онуоха эбии,…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһын — «Хюгге» кэмэ

Cаҥа дьылы кэтэһии бырааһынньыктааҕар ордук үчүгэй, күүтүүлээх, күндү курдук буолар. Оннук күндү кэтэһиини биһиги бэйэбит…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Ыйыт-хоруйдуубут: Дьонтон иэһи ирдээһин бэрээдэгэ хайдах уларыйыаҕай?

Ыйытыыга Арассыыйа ФНС Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр управлениетын 1 разрядтаах исписэлииһэ Пелагея Гуляева маннык хоруйдаата: — Арассыыйа ФНС саайтыгар…

16 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Саха сиригэр нэһилиэнньэ 60%-тан тахсата успуордунан дьарыктанар

Быйыл 3-тэн 79-гар диэри саастаах нэһилиэнньэ уопсай ахсааныттан физическэй култууранан уонна успуордунан систиэмэлээхтик дьарыктанар дьон…

16 часов ago