Салгыы
Тускул: «Соҕурууттан бу нэдиэлэҕэ олус күүстээх буурҕа иһэринэн, сэрэхтээх буолуҥ!»

Тускул: «Соҕурууттан бу нэдиэлэҕэ олус күүстээх буурҕа иһэринэн, сэрэхтээх буолуҥ!»

28.11.2023, 14:55
Хаартыска -- Мария Васильева / СИА
Бөлөххө киир:

Сэтинньи сылаас ыйынан буолла: хаардыырын ааһан, аны ардаан ылла. 

Ол эрээри бу ый бүтэһигэр, ахсынньы саҥатыгар Саха сиригэр күн-дьыл ыксаллаах быһыыны-майгыны аҕалар буолла. Бу туһунан норуот синоптига Тускул биир дойдулаахтарын анаан сэрэттэ:

— Халлааммыт улаханнык «буккуллаары» турар, доҕоттор. Онон кытаатыҥ бу  күннэргэ олох сэрэхтээҥ буолуҥ. Соторутааҕыта эрэ бассаапка Краснодарга, Тулаҕа, Архангельскайга улахан буурҕа, тыал түспүтүн көрөн ыраахтан аймаммыппыт. Ол күүстээх тыал-куус Сибиир киин куораттарын Омскайы, Томскайы, Новосибирскайы таарыйан Иркутскайынан, аны биһиги диэки «хайыста». Ол, бастатан туран, арҕаа, илин, киин улуустары хабыаҕа. Санаан көрүҥ, 8 тыһыынча км сири-уоту икки-үс хонугунан уҥуордаан, Саха сирин арҕаа уонна соҕуруу улуустарын бүгүҥҥүттэн ыла харса суох ытыйан эрэр. Онон халлаан туруга мөлтүүрүнэн сибээстээн, ыраах айаҥҥа барааччылар бу күннэргэ туттунуҥ. Сарсыҥҥыттан, сэрэдэттэн саҕалаан Горнай, Нам, Хаҥалас улуустарыгар сөкүүндэҕэ 10-14 м түргэннээх улахан тыал түһүөҕэ. Бээтинсэҕэ буурҕа Дьокуускайга, илин эҥэр улуустары хаарыйыаҕа. Горнайга бээтинсэҕэ  тыал күүһэ 16 м тиийиэҕэ. Кэбээйигэ — 15 м. 

Төһөнөн хоту тиийэр да, тыа күүһүрүөҕэ. Ол курдук, Эдьигээҥҥэ 18-19 м  күүстээх тыал нэдиэлэни тохтообокко сирилиэҕэ. Бүлүү эҥэр улуустарга, арҕаа, киин улуустарга күүстээх тыал бүгүҥҥүттэн саҕаланна. Манна тыал күүһэ сөкүүндэҕэ 19-21 м буолуоҕа. Саха сиригэр буурҕаны бастакынан Өлүөхүмэ улууһа көрүстэ. Манна тыал күүһэ — 18 м түргэннээх. 

Илин эҥэринэн күүстээх тыал хоту улуустарга элээриэҕэ. Ол диэки тыал күүһэ сөкүүндэҕэ 18-21 м тиийиэҕэ. 

Киин куоракка Дьокуускайга 12-13 м күүстээх тыал бээтинсэҕэ кэлиэҕэ. Онон, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, бу нэдиэлэҕэ буурҕаттан сэрэниҥ, сылаастык таҥна сылдьыҥ, ыраах айаннаамаҥ. 

+1
13
+1
8
+1
4
+1
1
+1
62
+1
10
+1
25
Бары сонуннар
Салгыы
4 мая
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 80% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: