Салгыы
ТУСКУЛ: «Сүөһүнү, сыспай сиэллээҕи элбэтэргэ үчүгэй сыллар кэлиэхтэрэ»

ТУСКУЛ: «Сүөһүнү, сыспай сиэллээҕи элбэтэргэ үчүгэй сыллар кэлиэхтэрэ»

Ааптар:
31.10.2024, 12:07
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Тускул билгэтин ааҕыҥ.

Бокуруоп инниттэн тыалыран сылаас күн-дьыл турбута. Онон тымныы түһэрэ хойутуур. Сэтинньи 21 күнүгэр диэри кыһын кэлиитин 40 хонук устата күүтэллэр диэн норуот билгэтэ бигэргэтэр.
Балаҕан ыйыгар сир аайы күүскэ ардаан, сир ириэнэх сыттаҕына хаар түһэн сылгыга хаһыылаах, ачалаах кыстык буолла диэн кырдьаҕас сылгыһыттар этэллэр. Көтөҕө түстэҕинэ саас кэмигэр харааран, тыаттан уу киирэн улахан уулаах саас кэлэр диэн тойоннуохха сөп. Ону кытта алтынньы ый 20 күнүгэр Ый уонна Үргэл алтыстылар. Үргэл Ыйы ортотунан ааста, онон эһиил өҥ, үчүгэй дьыл кэлэр буолла, онон сүөһүнү, сыспай сиэллээҕи элбэтэргэ үчүгэй сыллар кэлиэхтэрэ. Билигин идэһэ кэмигэр маны учуоттаан сүөһүнү-сылгыны элбэтэргэ былааннаныҥ диэн сүбэлиибин.

Билигин алтынньы ый 29-тан сэтинньи 1 күнүгэр диэри хайдах халлаан буоларын анаарыахпыт.

Дьокуускайга бээтинсэ күн түүнүн -20, күнүһүн -15 кыраадыс буолар. Намҥа түүнүн 19, күнүһүн 16. Покровскайга -21, күнүһүн -15 кыраадыс тымныы.
Илин эҥэргэ: Майаҕа, Чурапчыга, Бороҕоҥҥо түүнүн -24, күнүһүн 17 кыраадыс тымныы. Аммаҕа түүнүн 24, күнүһүн 16 кыраадыс тымныы. Уус Маайаҕа түүнүн -22, күнүһүн -15 кыраадыс. Ытык Күөлгэ уонна Томпоҕо түүнүн 21, күнүһүн 16 кыраадыс тымныы. Сөҥүү суох. Горнайга түүнүн -23, күнүһүн -14.

Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Ньурбаҕа бээтинсэ күн түүнүн -24, күнүһүн -18 кыраадыс тымныы. Сунтаарга түүнүн -19, -13, кыра кыраһа хаардаах. Мииринэйгэ уонна Ленскэйгэ түүнүн -20, күнүһүн -13, эмиэ кыра кыраһа хаардаах.

Өлүөхүмэҕэ түүнүн 15, күнүһүн 8 кыраадыс, кыра кыраһа хаардаах. Алдаҥҥа уонна Нерюнгригэ бээтинсэ күн түүнүн 14, күнүһүн 8, кыра хаардаах. Кэбээйигэ түүнүн -24, күнүһүн -20, Эдьигээҥҥэ түүнүн -26, күнүһүн -21.

Дьааҥы эҥэр улуустарга хайдаҕый? Баатаҕайга түүнүн -31, күнүһүн -25 кыраадыс. Баатаҕай Алыытыгар түүнүн -25, күнүһүн -19 кыраадыс тымныы. Үөһээ Дьааҥыга түүнүн -32, күнүһүн -25. Депутатскайга түүнүн -25, күнүһүн -23 кыраадыс тымныы.
Халыма эҥэр улуустарга: Үөһээ Халымаҕа түүнүн -19, күнүһүн -16, кыраһа хаардаах. Орто Халымаҕа түүнүн- 17, -13, кыра хаардаах. Алыһыайга түүнүн- 14, күнүһүн -13, Аллараа Халымаҕа түүнүн -14, күнүһүн -10. Аллайыахаҕа түүнүн -23, күнүһүн -20, кыраһа хаардаах. Өймөкөөҥҥө түүнүн -30, күнүһүн -22, Уус Муомаҕа түүнүн -26, күнүһүн -21, Абыйга түүнүн -26, -23, кыраһа хаардаах, Анаабырга түүнүн -30, -26, Өлөөҥҥө түүнүн -23, -16, кыраһа хаардаах. Тиксиигэ түүнүн -25, -20 уонна Дьокуускайга бээтинсэ күн түүнүн 20, күнүһүн 15 кыраадыс тымныы буолар.

Киин да, Бүлүү эҥэр да улуустарга, истибиккит курдук,  барытыгар 20 кыраадыска чугаһатар тымныылар түһэн эрэллэр. Ол оннугар хаар улахан суох. Урукку сылларга тымныйбыт да, сылыйбыт да сыллара бааллар эбит. Ол курдук, 1942 сыллаахха Дьокуускай куораккка 37 кыраадыска тиийэ тымныйбыт. Оттон 1931 сыллаахха 4 кыраадыс сылаас буола сылдьыбыт. Онтон былырыын баччаларга Дьокуускайга түүнүн -12, күнүһүн -8 кыраадыс тымныы буола сылдьыбыт эбит.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: