Тускул: «Ыам ыйын сылаас тыына буорга иҥэр»
Ыам ыйа — Айыыһыт түһэр кэмэ. Саха айылҕаҕа сүгүрүйэн, араас туому толорор.
Сайын саҕаланар. Иэйиэхсит хотун кэмэ буолан, кини сылаас тыына буорга, ууга, салгыҥҥа иҥэр.
Ыам ыйын 6 күнэ — Дьөгүөрэйэп. Бастакы кус кэлэр. От бытыгырыыр, сүөһү уостаан аһыыр.
Ыам ыйын 8 күнэ — ырыаһыт чыычаахтар тоҕо анньан көтөн кэлэр кэмнэрэ.
Ыам ыйын 12 күнэ — хаһыҥ түһүөн сөп.
Ыам ыйын 13 күнэ — киэһэлик ичигэс, уу-чуумпу, онтон сулустаах түүн буоллаҕына, ардаҕа суох сайыны күүт.
Ыам ыйын 14 күнэ — Дьэрэмэйэп күнэ. Үчүгэй күн буоллаҕына — күһүнэ өлгөм үүнүүлээх, хаҕыс күн буоллаҕына, кыһына — тымныы.
Ыам ыйын 19 күнэ — бастакы сиик түһэр. Сиигэ элбэх буоллаҕына, күһүн элбэх оҕурсуну хомуйуоҥ.
Ыам ыйын 22 күнэ — сааскы Ньукуолун. Кэҕэ этэр, сүөһү мэччийэн аһыыр. Сайыҥҥы хонук саҕаланар.
Ыам ыйын 26 күнэ – ыам бырдаҕа түһэр. Хортуоппуйу олордуу.
Ыам ыйын 28 күнэ — сылаас күн буоллаҕына, сайыны быһа куйаарар. Ый туолуута. Сайылыкка көһөр кэм.
Ыам ыйын 28 күнүттэн бэс ыйын 4 күнүгэр диэри – Ыам собото.
Норуот синоптига Тускул үгэс быһыытынан ыам ыйын улуустарынан анаарбыт билгэтин «Саха сирэ» хаһыат бээтинсэтээҕи нүөмэригэр сиһилии ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: