Салгыы
Тускулаана: “Дьылҕам уларыйыыны ирдээтэ быһыылаах…”

Тускулаана: “Дьылҕам уларыйыыны ирдээтэ быһыылаах…”

15.07.2023, 18:00
Хаартысканы Тускулаана Горохова-Кобельянова тиксэрдэ
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта Сунтаар суруналыыһа социальнай ситимнэргэ таһаарбыт хас да сыллааҕы сонуннарын, иһитиннэриилэрин тиһэн, 2000 кэриҥэ страницалаах үс улахан кинигэни бэчээттэтэн, биир дойдулаахтарын соһутта. Бүгүн биһиги хаһыаппыт ыалдьыта — Тускулаана Горохова-Кобельянова.

Суруналыыс, култуура үлэһитэ, блогер

— “Сунтаартан Мария Кобельянова” диэн Саха тэлэбиидэнньэтин биэриилэригэр ыытар ураты тыыннаах  сюжеттаргын биир дойдулаахтарыҥ эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ, арааһа, үгүс киһи кэтэһэр буолуохтаах. Тускулаана, хаһааҥҥыттан суруналыыстыка эйгэтигэр киирбиккиний?

— 2010 сылтан. Элгээйиттэн Сунтаарга көһөн киирэн, биир үтүө күн улуус дьаһалтатын сүбэ мунньаҕар олордохпуна, арай сурук “оҕото” көтөн түстэ. Онно «Не хочешь в телевидение?» диэн илдьити ааҕан, улаханнык долгуйбутум, соһуйбутум даҕаны. Оччолорго мин олох атын эйгэҕэ үлэлии сылдьарым. Олохпор суолталаах суругу суруйбут киһинэн, кэннибэр олорбут “Сунтаар ТВ” салайааччыта Ольга Захарова эбит. Мунньах кэнниттэн тута уун-утары көрсөн туран кэпсэппиппин бу баардыы өйдүүбүн. Кини ол туран баспыттан-атахпар диэри көрөн-истэн, сыаналаан турардаах диэн билигин күлсэбит. Ол онно туран: “Дьүһүнүҥ үчүгэй эбит, эргий, таҥаһыҥ да муодунай. Аны саҥаран көр эрэ, дикцияҕын истиэм”, — диэнтэн, суруналыыс кэрэ эйгэтигэр үктэммитим хайыы сах уон үс сыл буолбут эбит. «Саха» НКИХ ханаалыгар таһаарбыт бастакы сонунум бөрө аҥаардаах ыт туһунан этэ.

— Тускулаана, эйигин суруналыыс, култуура үлэһитэ, блогер быһыытынан билэбит. Социальнай ситимнэргэ үксүгэр баар буолан, күн ахсын, өрөбүл, бырааһынньык диэн аахсыбакка, хара сарсыардаттан улууһуҥ сонуннарын ыыта олороҕун. Уопсайынан, бириэмэҕин хайдах аттараҕын?

— Бириэмэбин диэ… арааһа,  былааннаан үлэлиирбиттэн буолуо уонна барытын ситимнии тутарбыттан. Манан диэн эттэххэ, кылаабынайа, саҕалыахха эрэ наада. Онтон эйиэнэ буоллаҕына, барыта орун-оннугар туран, ыпсан, туолан, сатанан иһэр.

“Тускулаана сонуннара”

— Ааспыт ый саҥата “Тускулаана сонуннара” диэн үс кинигэттэн турар, уопсайа 2 000 кэриҥэ страницалаах, хомуурунньугу бэчээттэтэн таһаардыҥ. Бу кинигэни таһаартарыы хайдах, туох санааттан саҕаламмытай?

— Алта сыл анараа өттүгэр, суруйбут сонуҥҥуттан кинигэлэр тахсыахтара диэбиттэрэ буоллар, итэҕэйиэ суох этим… Аны туран, ити кинигэ тахсыбытыгар, үгүс дьон улахан сэһэн суруйбут курдук санаабыттар. Ол оннук буолбатах, бу алта сыл устата Сунтаарым, дьонум туһунан суруйбут кэрэ сонуннарым. Бу сонуҥҥа дойдум дьоно үгүһэ баар, сорох дьон өссө иккилиитэ, үстүүтэ да киирбит буолуохтарын сөп. Кинигэм тахсыытыгар махталым «Офсет» тэрилтэҕэ, улууһум баһылыгар Анатолий Григорьевка, Култуурам салалтатыгар. Улахан махталым бу сонуннарбын күннэтэ мунньан, харайан, оҕолуу бүөбэйдээбит дьүөгэбэр Надежда Ивановаҕа. Кини миэхэ сонуннаргын мунньа сылдьабын диэн долгутан, хаһан эмэ кинигэ буолан тахсыа буоллаҕа диэн күлбүппүт туолла. Ол туолбутуттан дьоллоохпун.

Ааты уларытыы

— Быйыл олоххор тосту уларытыылары киллэрэн, аны билигин эйигин Тускулаана Горохова-Кобельянова диэн аатынан-суолунан билэбит. Туох санааттан маннык быһаарынныҥ. Бука сүгүрүйээччилэриҥ, ааҕааччыларыҥ да интэриэһиргиир буолуохтаахтар.

— Дии… оннук буолуон сөп. Дьылҕам уларыйыыны ирдээтэ быһыылаах. Мин бу сааспар диэри аҕабынан эбээм толору аатын илдьэ кэллим. Эбээм толору дьоллоох дьахтар буолуоҕун, бу олохтон ыалдьан эрдэ бараахтаабыт, онон эбээ тапталын билбэтэх дьоммут. Аны кини олохтон туораабыт сааһыгар кэлэн баран, мин эмиэ мөлтөөн ылбыт кэмнээхпин, туох кистэлэ кэлиэй… Онно миэхэ улахан харысхалынан мин иккис аатым — Тускулаана буолла. Ол да иһин, харысхал ааппар махтанан, Тускулаана ааты ыллым. Эбиитин Горохова диэн кэргэним араспаанньатын ылынным. Арааһа, кыыс оҕо сылдьан, кэргэммин толору ылымматахпын ылынным быһыылаах (күлэр).

— Эйигин айар куттаах, үгүс хоһоону суруйар, бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх хоһоонньут быһыытынан билэбин. Хоһоонноруҥ хайдах суруллалларый?

— Хоһооннорум барахсаттар бэйэм курдуктар… хоһооннорум дьон куруутун сэргиэхтээх, ылыныахтаах диэн айыллыбаттар, барыта баары… аны мин эрэ олохпор буолбатах түгэннэри хоһуйабын. Тапталы олус хоһуйбаппын тоҕо эрэ, барыта мөкү өрүтү уларыта тутуохха диэн ыҥырыылаах курдуктар. Ону сорох дьон саха тылын билбэттэриттэн эбитэ дуу, ол эбэтэр көнөтүнэн өйдүүллэриттэн дуу, миигин үөрэтэ, суолбун уларыта сатыыллар.

Кыһыл тыл хаһан эрэ уоттаах

тыл буолара!

Олоҕум уоттаах харахтаах,

кыһыл тыллаах кыыһа

Кырдьыгы уот харахха этэн

кыһытара элбэҕи!

Оройунан көрбүт оннук кыыс

ордук курдуга миэхэҕэ!

— диэн суруйбут хоһоонум төбөбөр тоҕо эрэ көтөн түстэ бу билигин. Сорох дьон туох ааттаах олохтон кэлэйбит, хомойбут кыыһай дииллэрэ буолуо. Ол эрээри, оннук буолбатах. Мин кэтээн көрөрүм элбэх, ону ааһан элбэх дьону кытары алтыһабын, билэбин. Олортон ыарахан олоҕу билбит, элбэх харгыстары ааспыт дьон элбэх. Бэл диэтэр, бу билигин кими санаан кэлбиппин бука этиим. Уйгуушаны — Күндэлэйэни. Кинини кытта мин күн бэҕэһээ быдан дьылларга дэһэн кэллим. Күндэлэйэ 18 саастаах ып-ыраас, сып-сырдык киһичээн… Кини төһөлөөх ыарыыны, айаканы тулуйан кэлбитин ким да илэ билбэт. Ол сытан харах уутун тохпута, дьонугар «ыалдьар, айака» диэн абатыйбыта буолуо дии саныыгыт да, суох… Ол оннук тулуурдаах, ол оннук олоххо тардыһыылаах киһи иккистээн төрөөн биһигини үөрдүө диэн эрэнэбин… Оттон сорох дьон кыраттан кыйытталларын, ытаналларын отой өйдөөбөппүн алы гыныҥ.

Култуураттан барыы. Бэйэ дьыалата

— Сунтаардар Тускулаана баар буолан, улууспутун өрөспүүбүлүкэҕэ ааттата турар диэн кэпсэтэллэрин үгүстүк истэбин. Ол курдук, култуура салаатыгар үгүс саҥа саҕалааһыннары киллэриигэ үлэлээтиҥ. Ол гынан баран, хомойуох иһин диирим дуу, култуураттан бардыҥ. Билигин оччотугар аҥаардастыы суруналыыстыканан дьарыктанаҕын дуо?

— Балык ыамнаах, киһи кэмнээх. Мин бу олохпор үйэм сааһым тухары култуура хотунунан кэлбэтэҕим биллэр. Мин өссө туох эрэ саҥаны арыйыахпын баҕарабын, бэйэбин атын өттүнэн эмиэ көрүөхпүн сананабын. Олох барахсан биир эрэ ээ. Билигин саамай сөбүлүүр үлэбэр үлэлиибин. «Саха» НКИХ кэрэспэдьиэнэбин, араадьыйаҕа, хаһыакка да биэриилэрбин ыыта турабын. Сатаннаҕына, сыл аайы «Туску сонуннара» кинигэ быһыытынан тахса туруоҕа. Уонна туох эрэ бэйэ дьыалатынан дьарыктаммыт киһи диэн ыралаахпын. Кыра саҕалааһын баар, онтон сайдыа, саргыланыа диэн эрэллээхпин!

— Тускулаана, кэпсээниҥ иһин махтанабын, айар үлэҕэр ситиһиилэри, саҥаттан саҥа бырайыактары олоххо киллэрэргэр баҕарабын.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: