Салгыы
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА: «Кыыс Аммаҕа — Олоҥхо ыһыаҕар»

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА: «Кыыс Аммаҕа — Олоҥхо ыһыаҕар»

Ааптар:
26.06.2024, 10:30
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Аммаҕа — саха барыта тардыһар ытык, кэрэ сиригэр, аны Олоҥхо — Саргы ыһыаҕа ыһылынна… Төһө да дойдум, Сунтаарым сирин ыһыаҕын кытта күнэ түбэстэр, быйыл анаан Аммаҕа барар сорук туруоруммутум. Манна орто балыһым Наталия үлэлиир-хамныыр суолталаах дойдута уонна өр кэмҥэ ыһыах буолла да үлэм сүрүнэ дии сылдьыбыт киһи сынньана, ыһыаҕы ыалдьыт быһыытынан көрө-истэ, сэргии-уста тиийэ сырыттым.

Олоҥхо ыһыаҕын биир тутула саха буоларбыт үтүө сиэрин-туомун, ытык суолтатын бар дьоҥҥо иҥэрии, үгэспитин умнубаппыт туһугар, кэлэр кэскилбитигэр элбэҕи да сэһэргиир сыаллаах ытык күн буолар.

Амма сиригэр-уотугар, айан аартыгар киирээппитин кытта алтаннар алаадьынан көрүстүлэр, элиэлэр элиэтээн сөхтөрдүлэр. Онтон Эмискэ — Күннүк Уурастыырап үрүмэччи маҥан ата үгүс дьоннуун үмүөрүһэ үөрдэ. Кэлбит күммэр үрүҥ күнү көрүстүлэр, алгыс кэрэтин ыллыннылар.

Онтон дьэ, Саргы ыһыаҕын арыллыыта саха дьонун бүттүүн долгутта, олоҥхо остуоруйатыгар ыалдьыттатта. Бу манна киһи элбэҕиттэн тиксибэккэ таһынан сылдьан көрдөр да, хата ыһыах дьиҥ тыынын бүччүмҥэ олорон биллим. Онно иис-уус түһүлгэтэ, манна ырыа-тойук эҥсиллэр, оһуокай үҥкүүтэ икки күн устата, ураһаларга, балаҕаннарга оллооннон олорон олоҥхо сэһэнэ кэпсэнэр. Хорчуоппаҕа саха аһын маанытын амсайан, күүс-уох эбинэн ала түүннэри сылдьыы, кэрийии, астыныы-дуоһуйуу. Сатаҕайдар сунтаардары маанылыы көрсөн олус долгуттулар. Саха көрдөөх оонньуута — Ат сүүрдүүтэ, Сунтаартан кэлэ үс ат сүүрэн сүргэни көтөхтө. Онтон быһыйдар, күүстээхтэр түһүлгэлэрэ өрө көтөҕүллэ олордо, Көрдүгэн саҥата бар дьону көтүтэ тутта. Дыгыйа кыргыттарынаан ыһыах түһүлгэтин кэрэ көстүүлэринэн сибэкки курдук симээбиттэрин олус сэргээтим. Аны үөрэ-көтө бэлиэтээһиним Ыһыах түһүлгэтэ бэйэбит ыһыахпыт түһүлгэтин кэриэтэ олус чөкө, ырааҕынан сүүрбэккэ, барыта чугас-чугас буолан үтүөтэ эрэ бэрт. Онтон Аал Луук Мас бэйэтэ туспа кэпсэл, сардаана симэхтээх баараҕай Аар Хатыҥ үгүс киһи ыратын сипсийэрин иһиттэ быһылаах. Саҥа тутуулары илэ бэйэҕитинэн кэлэн, көрөн сэргээҥ диэн ыҥырабын, Аммаҕа аҥаардас дьэдьэннии, сөтүөлүү эрэ буолбакка ытык сирдэригэр киирэн күүстэ ылыныҥ. Киэһэ өттүгэр тыыннаах муусука, ыччат дьон ырыата-үҥкүүтэ, ол кэмҥэ ыччат бастыҥ олоҥхоһута Анастасия Алексеева өрө тутуллан олоҥхону аныгылыы дьүһүйүүтэ сүрэҕи долгутта, олоҥхобут инникилээх эбит дэтиттэ. Аны бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Чээбий «Ала Булкун Бухатыыр» олоҥхотун сүүс киһиэхэ аахтарыыларыгар кыттыһан ыһыахха суолталанан тутум үрдээтим уонна Амма ыалдьытымсах дьоно үөрэ-көтө көрсөн, кэлэн илии тутуһан кэпсэтэн улаханнык долгуттугут.

Түһүлгэттэн ыһыаҕы түмүктээн тахсыыбар чороҥ соҕотох үүммүт дьоллоох сардаана сибэкки ыалдьыттары атаарда. Ону кытта Олоҥхо тыйаатырын испэктээгин киэргэппит Абааһы Уолун — Володяны (араспаанньатын билбэппин) хаартыскаҕа хатанан, манан диэн өссө эбэн эттэххэ, сылгы уобараһын биэрбит АГИКИ хараҥа дьүһүннээх, уһун суһуохтаах, эттээх-сииннээх уолугар эмиэ эҕэрдэ буоллун! Эһиги бу испэктээккэ биһиги харахпыт далыгар уратытык, толору аһылынныгыт.

Махталым култуура салайааччытыгар, уруккута биир идэлээхпэр, сунтаардар күтүөппүтүгэр Иван Ивановка — Ванска, олоххор суолталаах өрөгөй ыһыаҕын этэҥҥэ, үрдүк таһымнаахтык ааспытынан истиҥ эҕэрдэ! Махтал Аммаларга!

Биир тыынынан, туох өйбөр киирбитинэн, тугу да омуннаабакка суруйуубун хайҕабыл курдук ылынан «Кыыс Аммаҕа — Олоҥхо ыһыаҕар» диэн биэриибин сэргиэххит диэн эрэнэбин!

Сунтаартан ыалдьыт
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: