Тустаах көҥүлү хайдах ылыахха сөбүй?

Share

Үлэҕэ киллэрии көҥүлүн ылыы

Эбийиэк тутуллан бүттэҕинэ, тутууну үлэҕэ киллэрии туһунан көҥүл ылыллар. Бу көҥүлү ылан баран, Росреестрга кадастровай учуок­ка туруоруллар.

Эбийиэк тутуута бүппүтүн, турар сирэ-уота оҥоһуллубутун, тутуу тиэхиньикэтэ  территорияттан барыта  илдьиллибитин кэннэ үлэҕэ киллэрии туһунан толкуйданыллыахтаах. Онон тутааччы эби­йиэгэ үлэҕэ киллэриитин бэрээдэгэ маннык буолар: тутууну бэрэбиэркэлэнэр, эрдэ оҥоһуллубут усулуо­буйатыгар толору эппиэт­тиирэ-суоҕа быһаарыллар, алҕастар баар буоллахтарына, ол барыта тута туоратыллар, болмуочу­йалаах уоргаҥҥа докумуон­нары ыытыыга бэлэмнэниллэр, көҥүлү ылыллар. Сиһилии Госуслуги порталга билсиҥ: https://gosuslugi.ru/600143/1

Тутуу туһунан иһитиннэрии диэн тугуй?

Ханнык баҕарар киһи бэ­­йэтин учаастагар дьиэ, даача туттарын туһунан судаа­рыстыба уорганыгар биллэриэхтээх. Онон ту­­һааннаах сиргэ дьиэ, даача тутуута сөп түбэһэрин, кимиэхэ да мэһэйдээбэтин бигэргэтэрин таһынан, инникитин туох да харгыһа суох сокуонунан докумуонунан бигэргэтиллиэхтээх.

Ол инниттэн олохтоох салайар уорганнарга дьиэ эбэтэр уларытыы ыытаргыт туһунан биллэрэҕит уонна сиргит туһунан сибидиэнньэлэри биэрэҕит.

Эһиги биэрбит дааннайдаргытыгар олоҕуран олох­тоох салайар уорган бэрэбиэркэ ыытар уонна түмүк оҥорор: бу сиргэ тутуу барара сөбүн эбэтэр сөбө суоҕун туһунан.

Тутуу туһунан иһитиннэриини хайдах биэриэххэ сөбүй?

Тутууну ыытыы туһунан сөбүлэһии түһэрсэргэ пааспар, сир учаастагын докумуона (онлайн-выписка) ирдэнэр. Тутууну ыытар туһунан иһитиннэриинин олохтоох дьаһалтаҕа биллэриллиэхтээх. Маны  таһынан МФЦ нөҥүө бэрил­лиэн сөп. Ол гынан саамай түргэн ньыманан Госуслуги портал нөҥүө биллэрбит ордук: https://gosuslugi.ru/600171/1.

Тутууну ыытыы туһунан иһитиннэриигэ тугу суруйабыт? 

  1. Дьиэни тутааччы чааһынай киһи буоллаҕына, кини аата-суола, араспаанньата, олорор сирэ, пааспарын дааннайдара, оттон юридическэй сирэй буоллаҕына, тэрилтэ аата, аадырыһа, ИНН, реестргэ регистрацияламмыт нүөмэрэ ыйыллар.
  2. Сир учаастагын туһунан сибидиэнньэлэр: аадырыһа, кадастровай нүөмэрэ, сир туох­ха анаммыта, бас билэр киһи (бас билии туохха олоҕурар докумуона: холобур, атыы-тутуу дуогабара).
  3. Тутуллуохтаах эби­йиэк туһунан сибидиэнньэ: олорор дьиэ эбэтэр даача дьиэтэ, саҥалыы тутуу эбэтэр уларытыы. Дьиэ быра­йыага: киэҥэ, кэтитэ, үрдүгэ, этээһэ, кыраныыссаттан төһө ырааҕа.
  4. Тутуллуохтаах дьиэ эбэтэр даача уруһуйун киһи бэйэтэ оҥоруон сөп уонна учаастакка ханан сытара, кыраныыссаттан төһө ырааҕа ирдэнэр.

Судаарыстыба регистрациятын ылыы:

Бу докумуону ылан баран, аны бас билии­гэ ылар туһунан сайабылыанньа бэриллэр, маны Госуслуги порталга биэрэҕит: https://do.gosuslugi.ru/services/332011337/

Онлайн-выписканы эмиэ Госуслуги порталыттан ылыахха сөп. Робот-макс диэн цифровой ассистент нөҥүө ылыахха эмиэ сөп. Бу Робот-макс нөҥүө сир учаастагын туһунан сибидьиэнньэни эмиэ ылыахха сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

59 минут ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

15 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

16 часов ago