Тустуук Андрей Аронов Кыргызстан чөмпүйүөнэ буолла
10.01.2024, 17:45
Дьулустаан Сергеев хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:
Мииринэй оройуонуттан төрүттээх тустуук Андрей Аронов Кыргызстан чөмпүйэнээтигэр бастаата. Кини спортивнай карьератыгар маннык таһымнаах күрэхтэһиигэ номнуо иккис кыһыл көмүс мэтээлэ буолар.
Андрей Аронов 97 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа тустар. Финалга юниордарга Азия вице-чөмпүйүөнэ Кыныбек Абдулхаировы кытта көрүстэ. Саха сириттэн төрүттээх тустуук тэҥ киирсиигэ кыайыылаах таҕыста.
Кыргызстан чөмпүйэнээтигэр Андрей Аронов 2020 сыллаахха Чуйскай уобалас аатыттан тустан эмиэ бастыы сылдьыбыта диэн СИА суруйар.
+1
1
+1
+1
1
+1
1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: