Тустууктарга анаммыт остуол оонньуута

Тустууктарга анаммыт остуол оонньуута

14.10.2023, 11:00
Елена Потоцкая хаартыската
Бөлөххө киир:

Биһиги аттыбытыгар норуоттан тахсыбыт талааннаах дьон үгүс. Кинилэри биһиги “Сатабыл” рубрикабытыгар анаан сырдатабыт.

Бүгүн “Сатабылга” ыалдьыттыыр Александр Попов-Лаачаан Уус. Норуоттан тахсыбыт сатабыллаах маастар. Кинини мин биэс сыллааҕыта “Эдэр саас” саайтка “Лаачаан оҥорбут саппыкытын омуктар сакаастыыллар” диэн төбөлөөн сырдатан турабын.

– Биэс сыл буолла, сылгыһыкка анаан саппыкытыгар эбии тобугун чааскытын уҥуоҕа тоҥмотун диэн тирии такым айан тигэр буолбуппут.

– Син ылаллар дуо бу сонун тигиини?

– Оо, туох диэн эттэҥий, доҕоор. «Синэ» суох ылаллар! Саамай сакаастыыллара өссө бу ээ. Сыаната ыараханын кэрэйбэттэр. Өрөспүүбүлүкэттэн барытыттан сакаастыы олороллор: Өймөкөөнтөн, Усуйаанаттан, Сунтаартан, Уус-Маайаттан. Бу көннөрү саппыкы буолбатах. Нууччалыы эттэххэ, «нобуор»: түүлээх кээнчэлээх, такым­наах, өссө сэлиэччик эбэбит. Ол «нобуору» мин билигин кэтэн көрдөрүөм, – диэн баран, Александр Иванович мастарыс­кыайын биир хоһугар киирэн хаалла. Сотору буолан баран онтон уола-хаан тахсан кэлбэт дуо? Сэлээппэлээх, тирии сэлиэч­чиктээх, атаҕар тирии ыстаан диэххин ыстаан буолбатах, саппыкы диэххин саппыкы буолбатах. Ковбой илэ бэйэтинэн!” – бу “Эдэр саас” саайтка суруйбуппун холобурдаатым. Дьэ, итинник күүстээх сырдатыы буолан ааспыт…

«Ай, Лаачаан» бэлиэ арчылыыр

Биэс сыл ааспытын кэннэ мин Александр Попов-Лаачаан Уус мастарыскыайыгар иккистээн кэллим. “Александр Иванович, ити суруйуум кэнниттэн эйиэхэ сакаас бөҕө эбиллибит буолуохтаах?” – диэн кэпсэтиибитин саҕалыыбын.

Елена Потоцкая хаартыската

– Төлөпүөнүм оргуйан олорбута. Бу «Ай, Лаачаан» диэн бэлиэ бэйэтэ Саха сирин брендэ буолан, өрөспүүбүлүкэм аатын ааттатта диэхпин сөп. Саха Таҥарата  – сылгы. Бастаан утаа сакаасчыттар монгол дуу, бүрээт дуу омук атах таҥаһыгар  майгыннаталлар этэ. Онтон фирменнэй бэлиэбин көрөн баран: «Бу баар Саха сирин брендэ. Хайаан да мантыгын умнума!” – диэн көрдөһөөччүлэр. Өссө сакаастарын ылаары туран, анаан бэрэбиэркэлээччилэр. Билигин ити бэлиэтэ суох биир да оҥоһукпун оҥорбоппун. 2003 сыллаахха оҥоһуллубут анал фирменнэй бэ­­лиэбит быйыл үбүлүөйдээх 20 сыла. Онон Лаачааннары анаан арчылыы сылдьар дьаралыгынан буолар.

Уу иһититтэн –  тэрил арааһа

Лаачааҥҥа мастарыскыа­йыгар иккистээн үктэммит соругум – маастар бэйэтин ыҥырыытынан сонун оҥоһуктары кытта билсиһии. Кыһыҥҥы кэмҥэ Александр Иванович атах таҥаһын оҥоруутунан дьарыктанар эбит буоллаҕына, сайыҥҥы кэмҥэ пластмасс бытыылканы уонна пеноплаһы кытта “эриһэр”. Тэлгэһэтигэр киирээккин кытта, Лаачаан  олбуорун устатын тухары – кураанах 19 лиитирэлээх иһэр уу бытыылката саһааннанан турарыгар хараҕыҥ быраҕыллар.

Бу Александр Иванович оҥоһуктарын матырыйаала. Лаачаан Уус  оҥорбут оҥоһуктара үгүс киһи болҕомтотун  тарпыттарын туһунан “Бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччылар быыстапкаҕа күннээтилэр” диэн матырыйаалбар сырдаппытым. Онно уу иһититтэн туох оҥоһук суоҕуй диэх курдук араас тэрил быыстапкаҕа турбут этэ: мас кыстыыр суумка, бөх тоҕор көлүөһэлээх дьиэ­тээҕи «тэлиэгэ», сир астыыр иһит. Бу сырыыбытыгар Лаачаан Уус мастарыскыайыгар  бытыылкаттан лаампата («люстрата”), тэрилин мунньар иһитэ, быһата, илиитин уунна да, наадалааҕын барытын уу иһититтэн оҥорбут тэриллэриттэн булар. Таһырдьа ардах уутун буочукаҕа мунньарга эмиэ бэртээхэй тэрил оҥоһуллубут. Маны таһынан, сир астыыр иһит, бурдук уурар тэрил – күн талбытын оҥорор эбит.

“Азия оҕолоро” оонньуулары көрсө – дьоһуннаах бэлэх

Лаачаан Уус ыҥырбыт соруга олус суолталаах уонна дириҥ ис хоһоонноох буолан биэрдэ.  Буолаары буолан, эһиил ыытыллыахттах «Азия оҕолоро» оонньуулары көрсө бэртээхэй сонун остуол оонньуута баар буолбут.

– Биһиги, 60-с сыллардааҕы оҕолор, оонньуубутун үйэтитэн, аныгы көлүөнэ оҕолорго оҥорон оонньоторго сананным. Оччолорго олимпийскай чөмпүйүөннэр, аатырбыт тустууктар Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов – биһиги кумирдарбыт. Уолаттар интэринээккэ олорон, кумааҕыттан тустууктары кырыйан туһуннара оонньуурбут. Онтубут кумааҕы тустуугу үрсэн “тушеҕа” ыытыы буолара. Ол ону сөргүтэн, мин остуол оонньуута оҥордум. Ханна баҕарар илдьэ сылдьарга судургу. Бу манан уһу­йааннартан саҕалаан, турис­тическай баазаларга, санаторийдарга оонньуохтарын сөп. Оттон оҕо сынньалаҥ лааҕырдарын туһунан этэ да барбаппын. Билигин оҕону төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх буола иитии бары көрүҥүнэн, ха­­йысханан барыахтаах. Оонньуу көрүҥүнэн эмиэ тустууга интэриэһи үөскэтиэххэ, аатырбыт тустууктарбытын ытык­тыы, кинилэр ааттарынан киэн тутта үөрэтиэххэ сөп. Бу оонньуубун исписэлиистэргэ илдьэн көрдөрүөм, сүбэлэ­тиэм. Оҕо тыынар уорганнарын са­­йыннарыытыгар эмиэ туһалаах оонньуу. Тустуук убайдарбар, ааттарын үйэтиппит Павел Пинигиҥҥэ, Александр Ивановка бэлэх уунан туран, алгыс ылыам. Аны «Хомуур хапсаҕайа» диэн остуол оонньуутун айар былааннаахпын, – диэн санаатын үллэһиннэ Лаачаан Уус.

Бибилэтиэкэ ааҕааччыларын оонньотуоҕа

Кумааҕы оонньуурдарын үйэтитэн, Лаачаан Уус айбыт ос­­туол оонньуутугар, кырдьык да, киһи ылларан туран оонньуур эбит. Александр Попов-Лаачаан Уус  остуол бастакы оонньуутун В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэҕэ анаан бу тэрилтэ үлэһитигэр Екатерина Поповаҕа туттарда.

Елена Потоцкая хаартыската

“Эһиги “Азия оҕолорун оонньууларын” көрсө элбэх тэрээһиннэри ыытыаххыт. Онон бу оонньуу эһиги ааҕааччыларгытыгар эмиэ бэлэх буоллун. Оонньотооруҥ”, – диэн эттэ Александр Иванович.  Онон аны мантан инньэ Лаачаан Уус оҥорбут ос­­туол оонньуута киэҥник тарҕаныа диэн эрэнэбит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: