Мин кэпсээри гынар киһим Уус Алдан улууһун Кэптэнититтэн төрүттээх Виталий Николаевич Жирков диэн спортсмен, чуолаан көҥүл тустууну уонна хапсаҕайы өрө туппут саха саарыннарыттан биирдэстэрэ буолар. Мин Лөгөй Тойон олорон ааспыт дойдутун аар-саарга аатырбыт күүстээх дьонун барыларын ахтан ааһарым кыаллыбат. Холобур, Күүстээх Уйбаан, ону кытта тааһы көтөҕүүгэ аан дойду аатырбыт күүстээхтэрин барыларын кыайбыт саха боотурун — Уйбаан Белолюбскайы ким билбэт буолуой.
Виталий Николаевич алта оҕо аҕатынан буолар. Өссө 90-с сыллар дьалхааннаах кэмнэригэр оскуола кэнниттэн мин салайбыт сорхуоһум отделениетын «уазик» массыынатыгар суоппарынан үлэлээбитэ, оччоттон баччааҥҥа диэри сибээстэһэн билсэ олоробут. Суруйар дьонум бары бириэмэ тургутуутун этэҥҥэ ааспыт уонна инники кэскилин туһугар үлэлиир сүүрэр-көтөр уопсай интэриэстэрин өрө туппут дьон буолаллар.
Дьэ, маннык дьон удьуордара Виталий өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан дьон билиниитин уонна сэҥээриитин ылбыт успуорпут көрүҥэ — көҥүл тустуу сайдарын туһугар үлэлэһэ сүүрэ-көтө сылдьар. Ол курдук, ону кини тылынан буолбакка үлэнэн дакаастыыр. Куоракка олохсуйан «Ситим спорт» диэн ааттаах спортивнай кулуубу тэрийэн үлэлэтэр. Сэттис сылын тустуутунан аан дойдуга аатырбыт Кавказка спортивнай салалтатын кытары кэпсэтэн сибээһи олохтоон, сылга иккитэ бэйэтэ сүүмэрдээн хамаанда тэрийэн, тустуунан дьарыктанар оскуола оҕолорун илдьэн эрчийэр. Ол уолаттары күрэхтэһиигэ кытыннарар. Онно кинилэр ыйтан ордук кэм устата сылдьаллар, гостиницаҕа олороллор. Дьэ, манна уонтан тахсалыы оҕону аһатан-сиэтэн олорор, эрчиллэр сирдэрин быһаарыы, иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атааралларыгар болҕомтотун ууруу энчирээбэт эбээһинэһин эмиэ Виталий сүгэр .
Манна кырата суох үп-харчы ороскуоттанар. Виталий төрөппүттэргэ оҕолорун хааччыйан уонна эрэнэн миэхэ биэрэн ыыталларыгар махтанар. Көмөлөһөр доҕотторбор эмиэ махтанабын диир.
Аны Кавказка тиийэн спортивнай эйгэ дьонун итэҕэлин ылан, билигин ытыс үрдүгэр сылдьар. Сылдьыбыт сирдэригэр тиийэн тустуу саалатыгар оҕолорун босхо эрчийэр, күрэхтэһиигэ кытыннарар.
Сылга иккитэ Кавказ өрөспүүбүлүкэлэрин барыларын хабан оҕолорун эрчийэр: Дагестан, Чечня, Ингушетия, Кабардино-Балкария, Ставропольскай кыраай, Кисловодскай, Минеральные Воды, Пятигорскай… Онон биирдэ баран кэлэллэригэр сүүрбэ сиринэн эрчиллэн кэлэллэр. Оҕолор быдан эбиллэн дойдуларыгар төннөллөр.
Итини тэҥэ аатырбыт күүстээх тустууктары иитэн таһаарбыт оскуолалаах Хотугу Осетия-Алания Владикавказ куоратын уонна да атын араас омук дьонун кытары бииргэ эрчиллэн, алтыһан оҕолор бары өттүнэн дэгиттэр эбиллэн сайдан кэлэллэр. Манна барытыгар дьону кытары сатаан уопсай тылы булан, кэпсэтэн сибээһи олохтоон соҕотоҕун Виталий Николаевич сүүрэр-көтөр.
Виталий маннык сырыы туһата улахан диир. Оҕо араас омук дьонун кытары сатаан тустарга үөрэнэр, уйулҕата бөҕөргүүр, бэйэтин көрүнэ үөрэнэр, сири-дойдуну, омуктар култуураларын кытта билсэр, быһаччы эттэххэ, туһата баһаам. Хантан эрэ харчы кэлэрин кэтэһэн олорордооҕор, төрөппүттэри кытта бииргэ сүбэлэһэн маннык дьаһаныы сөптөөх эбит диэн түмүккэ кэллибит диэн Виталий Николаевич кэпсээнин түмүктүүр.
Успуорт бэтэрээнэ Иван Сивцев-Бээди.
“Тохсунньу-олунньу ыйдарга 50 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа. Саас тибиилээх, сайын кураан буолуоҕа, хаар кыра. Ол эрээри,…
Өрөспүүбүлүкэ салалтата кэнчээри ыччат киэҥ билиилээх-көрүүлээх буола үүнэн-сайдан тахсарыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийиигэ улахан болҕомтотун уурар,…
Айсен Николаев урбаан координационнай сэбиэтин бу сыллааҕы бүтэһик мунньаҕар дьоҕус уонна орто биисинэс интэриэһин көмүскүүр…
Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинигэр 2024 сыл түмүгүнэн улуус култуураҕа, спортка уонна социальнай…
Байыаннай сулууспалаахтар атын категориялаах оҕолоругар социальнай өйөбүл эбии миэрэтэ көрүллэр буолла. Туһааннаах ыйаахха дойду Бэрэсидьиэнэ…
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Ол курдук Нерюнгри…