Тутуу, өрөмүөн, суол оҥоруута

Сайыҥҥы былдьаһыктаах күннэргэ тутуу, өрөмүөн, суол оҥоруутун туһунан ыйытыыга Ил Дархан маннык эттэ:
—Барыта былаан быһыытынан бара турар. Тутуллуохтаах, өрөмүөннэниэхтээх эбийиэктэрбит элбэхтэр. Оскуолалар, балыыһалар, уһуйааннар, успуорт эбийиэктэрэ, уо.д.а. өрөспүүбүлүкэбит сиригэр-уотугар барытыгар тутулла тураллар.
Итиннэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит кэмигэр сөптөөх быһаарыыны, хайысханы ылынан, үлэни ыытан, федеральнай киинтэн киирэр үппүт-харчыбыт элбэх, бэйэбит да аҕыйаҕа суох харчыны көрөммүт, ол түмүгэр бу үлэлэр ыытыллаллар. Билигин сыалбыт-сорукпут диэн куонкуруска кыайбыт бэдэрээччиттэрбит ханнык да үлэни тохпокко, бытаардыбакка дьоҥҥо-сэргэҕэ наадалаах эбийиэктэри кэмигэр киллэриэхтээхтэр.
Суоллар тутулла турар. Федеральнай суолларбытыгар үбүлээһин төһө да кыччаабытын иһин, үлэ син биир барыахтаах, хонтуруоллаһыахтаахпыт. Үлэлэр кэмигэр барыахтаахтар уонна хаачыстыбалаах буолуохтаахтар. Дьокуускайтан саҕалаан улахан федеральнай суолларбытыгар тиийэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: