Салгыы
Тутууга сыһыаннаах тиэрминнэр кэрискэлэрин бигэргэттилэр

Тутууга сыһыаннаах тиэрминнэр кэрискэлэрин бигэргэттилэр

29.05.2024, 10:30
Хаартыска: СИАтан.
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын Дьаһалтатын Тыл сайдыытын боппуруостарын сүрүннүүр управлениетыгар тутууга сыһыаннаах киирбит  тылбаастаммыт тиэрминнэр кэрискэлэрин тиэрмин хамыыһыйата көрөн, санаа атастаһан баран бигэргэтэргэ диэн быһаарда.

Тутууга сыһыаннаах тыллар:

  1. Аварийное состояние здания — Тутуу саахалланар туруга
  2. Ветхое состояние здания — Тутуу хаарбах туруга
  3. Исправное состояние здания — Тутуу бөҕө туруга
  4. Грунты основания — Тутуу олоҕун сирэ
  5. Фундаменты здания — Тутуу олоҕо
  6. Анализ состояния температурного режима грунтов основания — Тутуу олоҕун сирэ ирэрин үөрэтии
  7. Деформация здания — Тутуу көҥдөйүн хамсааһына
  8. Дефект конструкции — Тутуу дьиэгэ
  9. Глубина заложения фундамента — Тутуу олоҕун дириҥэ
  10. Уровень подземных вод — Сир аннынааҕы уу таһыма
  11. Сезонно-охлаждающие установки — Сири тоҥорор тэрил
  12. Нивелировочная марка, реперы Хамсааһыны көрдөрөр бэлиэ
  13. Проветриваемое подполье здания — Тутуу аннын салгылатыга
  14. Вентилируемые трубы под фундамент здания — Тутуу олоҕун салгылатар турба
  15. Температурная трубка для замера температур грунтов основания, значение расчетной температуры — Сир ириитин кээмэйдиир туруупка
  16. Пазуха скважин — Дьөлө үүттээһин көҥдөйө
  17. Обсадная труба для скважин — Дьөлө үүттээһин ытыыһа
  18. Наледь от технических вод — Туттуллубут уу тарыҥа
  19. Бетонные и железобетонные конструкции — Таас уонна тимирдээх таас оҥоһук
  20. Геоинформационная система — Сир туругун кэлим тиһигэ
  21. Капитальный ремонт — Толору өрөмүөн
  22. Специальный счет — Анал суот
  23. Объект капитального строительства Бигэ тутуу эбийиэгэ
  24. Строительный надзор — Тутуу үлэтин кэтэбилэ.
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: