Тыа хаһаайыстыбата: улуус баһылыгын кытта аһаҕас кэпсэтии

Share

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга туһуламмыт сүбэ мунньах буолан ааста.

«Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын тула Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын кытта аһаҕас кэпсэтии» диэн суолталаах тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн Тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин салайааччыта Андрей Находкин, улуус баһылыга Дмитрий  Тихонов, оройуоннааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салалтата, нэһилиэктэр баһылыктара, уопсастыбанньыктар кыттыыны ыллылар.

Мунньах туһунан сиһилии улуустааҕы Ытык Сүбэ салайааччыта Зиновий Игнатьев билиһиннэрэр:

Тыа хаһаайыстыбатын салааларыгар быһаччы үлэлии сылдьар дьон санааларын этэллэрэ оруннаах. Мунньах кыттыылаахтара СӨ Уопсастыбаннай балаататын эспиэрэ, олоҕун улууска тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар анаабыт, билигин төһө да бочуоттаах сынньалаҥҥа олордор, ынах сүөһү, сылгы ииттэр Хочо олохтооҕо Владимир Васильев этиитэ мунньах кыттыылаахтарын болҕомтотун тарта.

Владимир Иосифович бэлиэтээбитинэн, Арассыыйаҕа тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар өрөспүүбүлүкэбит “рентабельнайа суох” эрэгийиэн аахсааныгар сылдьар.  

— “Тыа хаһаайыстыбатын туһунан” РФ Сокуонун 7 ыстатыйатын 12 пуунугар «олохтоох нэһилиэнньэни  бэйэ оҥорон таһаарар аһылыгынан хааччыйыыга уонна олохтоох нэһилиэнньэ үлэлээх буолуутун мэктиэлииргэ судаарыстыба көмө оҥорор» диэн ыйыллар. Олорор сиринэн нэһилиэнньэ күннээҕи кыһалҕатын быһаарыы муниципальнай тэрээһин, тыа хаһаайыстыбатын производствотын быһаарар тэрилтэ, улуус дьаһалтатын эбээһинэстэригэр киирсэрэ биһиги балаһыанньабытыгар кыаллыбат боппуруос буолла. Нэһилиэк оттуур сирдэрин «полевой учаастак» диэн көрүҥҥэ киллэрэн, улуус сирдэрэ чааһынайга бэриллэн, олохтоох дьон тыа хаһаайыстыбатын бородуукталарынан хааччыллыылара кыаллыбат кыахха киирэн олорор. Боппуруос Арассыыйа сокуонунан быһаарылларын наадатыгар, баар сирдэри учуоттаан, ревизиялаан, нэһилиэктэр дьоннорун ахсааннарынан сирдэрин дьоннорун аһатар нуормаларынан  нэһилиэктэргэ сыһыартыыр уонна улуустарга сокуон ирдэбилин толороллорун курдук сирдэрин хос, бастайааннай туттууга бэриллэрин туруорсарбыт наада.

Кэтэх подсобнай хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо ыанар ынах төбөтүгэр 35000 солкуобайы тыыран, сүөһүлээх дьон бэйэлэрин үлэлэрин түмүгүнэн бэйэ оҥорон таһаарар аһылыгынан хаааччыналларыгар кыах бэриллибитэ. Тыа сирин олохтоохторо үгэс буолбут сүөһү, сылгы иитиитинэн дьиэ кэргэнинэн дьарыктаныыта, норуоту патриотическай иитиигэ саҥа тыын, саҥалыы көрүү буолар. Өрөспүүбүлүкэ салалтата өссө ситэри көмөлөһөн,  бэриллэр 35000 солкуобайы инфляция бырыһыанын коэффицент быһыытынан тэҥнээн биэрэн иһэрэ буоллар, өссө улахан өйөбүл буолуо этэ, — диэн Владимир Васильев бэйэтин санаатын тиэртэ.

Санаа атастаһыытын кэнниттэн, киирбит этиилэри ырытан үөрэтэр уонна олоххо киллэрэр  тыа хаһаайыстыбатынан боппуруостарын анаан сүрүннүүр  анал Сүбэ сэбиэтэ тэрилиннэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

15 минут ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Харах балыыһатыгар Арассыыйа Гиннеһин рекорда оҥоһулунна

2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…

59 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Муусука абылаҥар уһуйар учууталлар куонкурустара

Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра”  1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Инники идэҕэ хардыы” пуорумҥа эдэр чинчийээччилэр 250-тан тахса дакылааты киллэрдилэр

Билим чинчийиитинэн дьарыктанар үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар дакылааттарын бүгүн, Саха сирин уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Егор Борисов…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Зеленскэйдээх кэпсэтиигэ хайдах тиийэллэрин туруорсаллар

Украинаны НАТОҕа ылалларын этинэллэр эрээри, Трамп дьоно ылымматтар быһылаах.  

2 часа ago