Тыа хаһаайыстыбатыгар 100 сыллаах династияны төрүттүөххэ

Share

Ийэм Петрова Мария Ивановна Бүлүү  Хаҕыныгар тыа хаһаайыстыбатын бастакы исписэлииһэ – анал үөрэхтээх санитар. Онно 1949-58 сс. уонча сыл бэтэринээрдээбитэ. Уонунан көстөөх сиргэ нэһилиэк сүөһүтүн – ынаҕы, сылгыны, табаны эмтээн-томтоон, үтүөрпүт-төрөппүт, үксэппит үтүөлээх.

Аны аҕабыт Федор Васильевич Еремеев ийэм ыарахан үлэтин сөпкө өйдөөн, көмө буолан, солбуйаары Ньурба Маарыгар 1956-57 сс. баран бэтэринээргэ үөрэммитэ. Дьиҥэр, ийэбитин ыраах айанын-сырыытын аҕыйатаары, аһынан оҕо туһугар итинник сананнаҕа. Ол эрээри аҕыйах сыл үлэлээн көрөн баран: “Сүөһүнү, ийэбит курдук үчүгэйдик кыайан эмтиэм суох”, — диэн онтон тохтуур. Онон кини “Киров”, “Микоян”, “Сардаҥа” холкуостарга үрүҥ үлэһит, суотчут, биригэдьиир уо.д.а., онтон “Мастаах” сопхуоска управляющай, онон Хаҕыҥҥа үйэ чиэппэрэ тыа хаһаайыстыбатыгар арааска бары үлэлиир. Кинилэри утумнаан быраатым Сергей Федорович Еремеев – зооинженер үрдүк үөрэҕин Дьокуускайга бүтэрбитэ. Кыргыдайга управляющайдаабыта, кэлин “Мастаах” сопхуоска Балаҕаччыга кииннээн тэриллибитигэр тахсан, ыһыллыыга диэри дириэктэрдээбитэ. Ийэлээх аҕабыт Сайылыкка дьоллоохтук да олорбуттара. Ол курдук, иккиэн “Чээриндэ” диэн угут бөҕө икки тус-туһунан биир ааттаах күөлгэ 1927 с. төрөөбүттэр. Ийэм Илин сискэ Өлүөнэ эбэҕэ 40 арыыга барар аартыкка Хоту Саккырыыртан төрүттээх Кривошапкин Николай дьиэ кэргэнигэр Чээриндэҕэ күнү көрбүт. Өссө “Төлкө” роман дьоруойдара Мариялаах Сүөдэр буолан, эмиэ күө-дьаа кэпсэтии, дьүөрэлии дьоруойдары бэйэлэригэр сөп түбэһиннэрэн, холобурдаан, үөрэн-көтөн сырдыыр да этилэр. Аны балтым Рая Благовещенскай куоракка үрдүк үөрэхтээх зоотехник идэтин ылан эмиэ идэтинэн үлэлиир. Быраатым Валера механикка үөрэнэн үлэлиир.

Итинэн биһиги дьиэ кэргэн тыа хаһаайыстыбатын Хаҕын бастакы исписэлииһин — ийэбит эркээйитинэн өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин тэриллибитэ быйыл 100 сыла бэлиэтэнэринэн, “миигинниин биэс хааһах” диэбиттии, күн бүгүнүгэр диэри мин биирдэ талбыт – мелиоратор идэбинэн тыа сирин тупсарыыга, суолун-ииһин оҥорууга 55 сылын үлэлии сылдьарбын кытта эбэммин – бу эппит чугас дьонум — ыал бары холбоон, 100 сылы толору толорон, биир тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрин династияларын Бүлүүгэ олохтоотубут дии саныыбын! Инники итинниги истиллэ илигэ, арай “Учууталлар династиялара” диэн сүрдээх үчүгэй, киэн туттуулаах хамсааһын баарын хаһыакка өрүү тахсарын кэтэһэн ааҕааччыбын.

Онон СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ эмиэ 100 сыллаах династияны төрүттүүрүгэр көрдөһөбүн.

Анатолий Петров- Уу Туолата, РФ үтүөлээх мелиоратора, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэ хаһаайына, Бүлүү улууһун уонна үс нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

14 часов ago