Тыа хаһаайыстыбатын бүддьүөтэ аан бастакытын 15 млрд. солк. таҕыста
Кэлэр 2025 сыллааҕы тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар Саха сирин бастакы ылыллыбыт бүддьүөтэ аан бастакытын 15 млрд. солк. тахсыбыт. Ити туһунан Ил Дархан Айсен Николаев “Якутия, вперед!” тэлэбиисэринэн биэриигэ иһитиннэрдэ.
“Араас хамыыһыйаларынан улахан, дьоһуннаах үлэ барда. Бары сөбүлэҥ кэнниттэн тыа хаһаайыстыбатын чааһыгар, кини ороскуокка чааһыгар 2024 сыллааҕы бастакы бүддьүөтүнээҕэр 177 мөл. солк. үбүнэн кырата быһаарылынна.
Боппуруоһу быһаарарга өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын, Парламенын салалтатын кытта туспа көрсүһүү тэрийбит. Ол түмүгэр үбү төнүннэрэн, тыа хаһаайыстыбатыгар эбии 600 мөл. солк. курдук харчыны көрбүттэр.
“Бу барыта бүддьүөккэ угуллан турар. Ол эбэтэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн тыа хаһаайыстыбатын ыстатыйатыгар аан бастакытын 15 млрд. солк. аһарда. Мин санаабар, бу улахан суолталаах. Биһиги манан баар кыһалҕалары аахсыбакка туран, өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһайыстыбата судаарыстыбаттан өрүү өйөнөрүн көрдөрдүбүт” – диэн Ил Дархан эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: