Тыа хаһаайыстыбатын өйөбүлүгэр көрүллэр субвенция кээмэйэ улаатыаҕа
Ил Түмэн пресс-сулууспата суруйарынан, парламент көрүүтүгэр “О наделении органов местного самоуправления муниципальных районов и городских округов Республики Саха (Якутия) отдельными государственными полномочиями по поддержке сельскохозяйственного производства» сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии туһунан сокуон барыла киллэриллибит.
Сокуон барылынан иккис бөлөххө киирэр муниципальнай оройуоннарга уонна куораттааҕы уокуруктарга кэтэх хаһаайыстыбаларга ыанар ынахха көрүллэр төлөбүр кээмэйэ 37 тыһ. солкуобайтан 39 тыһ. солкуобайга диэри улаатыаҕа.
Бастакы бөлөххө киирэр муниципальнай оройуоннарга уонна куораттааҕы уокуруктарга кэтэх хаһаайыстыбаларга ыанар ынахха көрүллэр төлөбүр 37 тыһ. солкуобайтан 45 тыһ. солкуобайга диэри үрдүөҕэ. Ити кэтэх хаһаайыстыбаларга сүөһү аһылыгын, уматыгы атыылаһыы, оту тиэйии ороскуоттарын 27 %-нын хааччыйыа.
Маны таһынан уларыйыы үүтү оҥорон таһаарыыга уонна переработкалааһыҥҥа сыһыаннаах. Сокуон барылын көҕүлээһининэн, субвенция кээмэйин үүт биир туоннатыгар 60-тан 65 тыһ. солк. диэри улаатыннарарга этиллэр. Аны туран сокуон уларыйыытынан бурдук ыһыллар иэнин биир гектаарыгар субвенция кээмэйэ 10 тыһ. солкуобайтан 13 тыһ. солкуобайга диэри улаатыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: