Тыа хаһаайыстыбатын өйүүр саҥа мэхэниисим тула кэпсэтии

Share

Ил Дархан Айсен Николаев бу дьыл кулун тутар 29 күнүгэр «СӨ туризмы уонна олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы» диэн стратегическай Ыйаахха илии баттаабыта. Ыйаахха этиллэринэн, 2030 сылга диэри тыа хаһаайыстыбата оҥорон таһаарар бородууксуйатын сүрүн 7 көрүҥүн 1,5 төгүл үрдэтэргэ сыал-сорук турар.

Бэҕэһээ, от ыйын 31 күнүгэр, Нам улууһугар М.К.Аммосов аатынан култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар, стратегическай Ыйаахха олоҕуран, 2025 сылтан тыа хаһаайыстыбатын салаатын өйүүр саҥа мэхэниисимнэри, муниципальнай тэриллиилэргэ бэриллэр биирдиилээн боломуочуйалары биэрии барылларын дьүүллэһии киэҥ ыҥырыылаах стратегическай сиэссийэтэ буолан ааста.

Стратегическай сиэссийэҕэ Нам, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Хаҥалас, Уус Алдан, Кэбээйи улуустарын баһылыктара, Чурапчы улууһун баһылыгын солбуйааччы, Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ректора, СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин, подведомственнай тэрилтэлэрин, улуустар тыа хаһаайыстыбаларын управлениеларын салайааччылара, исписэлиистэрэ, улуус нэһилиэктэрин баһылыктара, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар, бааһынай хаһаайыстыбалар салайааччылара, улуустар дьаһалталарын үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар. Үөһээ Халыма, Бүлүү, Өлүөхүмэ, Абый, Дьааҥы улуустара куйаар ситимин нөҥүө кыттыыны ыллылар диэн Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Тыа хаһаайыстыбатын өйүүр саҥа мэхэниисим олоххо киирэригэр бэйэлэрин көрүүлэрин этэн иһитиннэрии оҥордулар, санааларын атастастылар, ыйытыктарга хоруйдаатылар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Пушкин каартатын» туһаныыга Опера, балет тыйаатыра бастаата

"Пушкин каартатын" көмөтүнэн, тыһыынчанан оҕо култуура тэрилтэлэригэр сылдьар, кэрэҕэ кыттыһар кыахтаннылар.  "Пушкин каартата" култуура, дьиэ…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бу сылга уоппускаҕа ханнык ыйдарга барар табыгастааҕый?

2025 сылга уоппускаҕа барарга саамай табыгастаах ыйдарынан от ыйа уонна алтынньы буолаллар. Бу туһунан РИА-Сонуннарга…

31 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Эйгэ» үҥкүү ансаамбыла норуоттар икки ардыларынааҕы «Снежный журавль» бэстибээлгэ Гран-при ылла

2024 сыл тохсунньу 6-7 күннэригэр КНР Цицикар куоратыгар 4-с норуоттар икки ардыларынааҕы «Снежный журавль» бэстибээл-күрэс…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

РФ Бырабыыталыстыбатыгар уот эбийиэктэрин генеральнай схематын бигэргэттилэр

РФ Бырабыыталыстыбатыгар 2042 сылга диэри дойду энэргиэтикэҕэ эбийиэктэрин генеральнай схематын бигэргэттилэр. Докумуоҥҥа чуолаан РФ Судаарыстыбаннай…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Эбэтин харчытын суйдаппыт

Түөкүттэр оҕону да албынныылларын кэрэйбэттэр. Харчы харбаан ылар туһуттан тугунан барытынан олуйаллар-моһуйаллар. ИДьМ 2 №-дээх…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга 4 сулустаах гостиница тутуллуоҕа

Дьокуускай куорат киинигэр, Чернышевскай уулуссатыгар 12 этээстээх аныгы гостиница тутуллуоҕа. Бу туһунан Ил Дархан "РИК"…

2 часа ago