Тыа хаһаайыстыбатын өйүүргэ олохтоох бэйэни салайыныыга кэккэ боломуочуйалары биэриэхтэрэ
Ил Түмэн онус уочараттаах пленарнай мунньаҕар норуот дьокутааттара «Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын өйүүргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай оройуоннарын уонна куораттааҕы уокуруктарын олохтоох салайыныы уорганнарыгар судаарыстыба кэккэ боломуочуйаларын сүктэрэр туһунан» Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сокуонугар уларытыылары киллэрэр туһунан» сокуон барылын көрдүлэр.
Бу сокуон барыла Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сокуонун РФ Бүддьүөтүн кодексын 140 ыстатыйатыгар сөп түбэһиннэрэр уонна тыа хаһаайыстыбатыгар судаарыстыба өйөбүлүн саҥа ньымаларын киллэрэр сыаллаах оҥоһулунна.
Сокуон 4 уонна 6 ыстатыйаларыгар муниципальнай оройуоннар уонна куораттааҕы уокуруктар олохтоох салайыныы уорганнара тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын сайыннарыы тумус тутуллар хайысхаларын уонна өйөбүл кээмэйин сирдэрин-уоттарын, килиимэттэрин уратытын уонна тыа хаһаайыстыбатын салайан ыытыы уратыларын учуоттаан бэйэлэрэ быһаарар бырааптара уонна эбээһинэстэрэ эбилиннилэр.
Сокуон 3 сыһыарыытын олохтоох бүддьүөттэргэ субвенцияны бүддьүөт биир тус сыаллаах ыстатыйатынан көһөрүү тиһигин киллэриинэн сибээстээн саҥа эрэдээксийэнэн ылынарга этиллэр. Уларытыыга субвенция кээмэйин уопсай ааҕыы формулата, ону тэҥэ сүөһү иитиитигэр иккис бөлөх оройуоннарын, сылгыны үөрдээн иитинни, сибиинньэ иитиитин, хортуоппуй, оҕуруот аһын, туораахтаах култууралар ыһыыларыгар агротехнологическай үлэлэри ыытыыны өйөөһүн ааҕыллар нуорматын урукку эрэдээксийэҕэ курдук уочараттаах үп сылын иннинээҕи 3 сыл устатыгар ортотунан буолбакка, Сахастат чахчыларыгар олоҕуран уочараттаах үп сылын иннинээҕи сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан быһаарыы этиллэр.
Ону тэҥэ сүөһү, сылгы этин, хортуоппуйу, аһаҕас сиргэ үүннэриллэр оҕуруот аһын, бурдугу соҕотуопкалааһыны өйүүргэ субвенция кээмэйэ уочараттаах үп сылын иннинээҕи сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан Сахастат, өрөспүүбүлүкэтээҕи идэтийбит кэтээн көрүү чахчыларынан суоттанар буолуоҕа.
«2032 сылга диэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын 2050 сылга диэри көрүүлэрдээх стратегиятын олоххо киллэрэр сыалтан 2024 сыл кулун тутар 28 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олохтоох оҥорон таһаарыыны уонна туризмы сайыннарар туһунан» 269 №-дээх стратегическай Ыйаахха илии баттаабыта. Онно ыйыллыбыт бастакы уочараттаах дьаһаллары олоххо киллэрии түмүгэр 2030 сылга олохтоох оҥорон таһаарыы кээмэйэ 2023 сылга тэҥнэһэн 1,5 төгүл улаатыахтаах, тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар ирээттэрэ тыа хаһаайыстыбатын баалабай бородууксуйатын уопсай кээмэйин 70 бырыһыаныгар диэри улаатыахтаах», -диэн тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров эттэ.
Норуот дьокутааттара тустаах миниистиргэ элбэх ыйытыыны биэрдилэр, ол иһигэр киксэрэн биэрии курдук этиилэр кытары иһилиннилэр. Бу сокуон барылын оҥоруу норуот дьокутаата Александр Атласов көҕүлээһинэ буолар. Ол эрээри, төһө даҕаны ханнык баҕарар сокуон барыла элбэх инстанцияны, сис кэмитиэти ааһан көрүүгэ киирэрин билэн олорон, сорох дьокутааттар эн бэйэҥ эрэ оҥордуҥ дуо диэн тыллаһаллара олуона.
Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга чуолаан, хоту сиргэ уустук балаһыанньа баарын, көмө харчы, субсидия миэстэтигэр хайдах тиийэҕин, туһаныллыаҕын токкоолостулар.
Онуоха «Тыа хаһаайыстыбатыгар оҥорон таһаарыыны өйүүргэ судаарыстыба кэккэ боломуочуйаларын толороллоругар Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай оройуоннарын уонна куораттааҕы уокуруктарын олохтоох салайыныы уорганнарыгар бэриллэр субвенция кээмэйин торумнуур нормативтары бигэргэтэр туһунан» 2021 сыл ахсынньы 13 күнүнээҕи 515 N-дээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан бигэргэтиллибит гражданнар кэтэх хаһаайыстыбаларыгар сүөһү, сибиинньэ иитиитин, бурдук үүннэриитин өйүүргэ, үүт соҕотуопкатын хааччыйарга субвенцияны торумнуур нуормалары бигэргэтии сокуонунан учуоттанна диэн буолла.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: