Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ Өймөкөөн улууһун отунан хааччыйыа

Share

Саха сиригэр 10%-тан тахса от бэлэмнэннэ. СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ардахтан үөскээбит халааҥҥа тыа хаһаайыстыбатын сирдэрэ эмсэҕэлээбит Өймөкөөн улууһун отунан хааччыйыа. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Якутия, вперед!» биэриигэ иһитиннэрдэ.

«Быйыл от үүнүүтэ үчүгэй, онон оту бэлэмнээһин этэҥҥэ бара турар. 10%-тан тахса от бэлэмнэннэ. Мин санаабар, быйыл үгэс курдук былаантан 90-95% бэлэмнэниэҕэ. Өймөкөөн улууһугар ардахтан үөскээбит халаанынан сибээстээн, биһиги олохтоох тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорооччуларыгар көмөлөһүөхпүт. Сүөһү кыстыгы этэҥҥэ туорууругар Өймөкөөн улууһугар 2,5 тыһ. туонна от наада. СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ бу кээмэйи хааччыйары эрэллээхтик толоруо дии саныыбын», – диэн Айсен Николаев кэпсээтэ.

Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, боломуочуйа муниципалитеттарга бэриллибитинэн сибээстээн, улуустар үгүстэрэ күүскэ ылсан үлэлииллэр. Ол курдук, үүтү бэлэмнээһиҥҥэ сыллааҕы былаан номнуо 52% туолла — бу 33 тыһыынча туонна. Ити көрдөрүү ааспыт сыллааҕар үс тыһыынча туоннаннан элбэх.

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Николай Соловьев Экология министиэристибэтигэр стажировкаланар

“Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара" каадыр бырагырааматын кыттыылааҕа уонна СӨ Уу хаһаайыстыбатын уонна халаан содулларын…

8 часов ago
  • Сонуннар

Өрөспүүбүлүкэ түөлбэлэрэ Аммаҕа пуорумҥа муһуннулар

Атырдьах ыйын 1-2 күннэригэр Амма улууһун киинигэр “Төрүт түөлбэм төлкөтө”  диэн уопсастыбанньыктар пуорумнара ыытыллар. Бу…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Мииҥҥэ кутар тума

Биирдии киилэ моркуобу, помидору, луугу итиэннэ киилэ аҥара биэрэһи, 300 г петрушканы, биир оччо укуруобу…

9 часов ago
  • Сонуннар

Өймөкөөҥҥө эмчиттэр нэһилиэктэргэ хоно сылдьан үлэлииллэр

Бу күннэргэ оройуоҥҥа доруобуйа харыстабылын министиэристибэтиттэн эмчиттэр бөлөхтөрө үлэлии сылдьар. Бу туһунан улуустааҕы"Хотугу сардаҥа" хаһыат…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Норуот эмчитэ Виктор Кривошапкиҥҥа махтанар киһи үгүс

Бу күннэргэ өбүгэ ньыматынан сахалыы эмтиир Виктор Кривошапкин үбүлүөйдээх 65 сааһын бэрт уратытык бэлиэтээтэ. Сахалыы…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөн улууһугар — чөлүгэр түһэрии үлэтэ

Индигиир өрүс алдьатыылаах халаанын кэнниттэн Өймөкөөн улууһун  нэһилиэктэригэр чөлүгэр түһэрии үлэтэ тэтимнээхтик бара турар. Улууска…

9 часов ago