Хаартыска: ЯСИА
Саха сиригэр 10%-тан тахса от бэлэмнэннэ. СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ардахтан үөскээбит халааҥҥа тыа хаһаайыстыбатын сирдэрэ эмсэҕэлээбит Өймөкөөн улууһун отунан хааччыйыа. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Якутия, вперед!» биэриигэ иһитиннэрдэ.
«Быйыл от үүнүүтэ үчүгэй, онон оту бэлэмнээһин этэҥҥэ бара турар. 10%-тан тахса от бэлэмнэннэ. Мин санаабар, быйыл үгэс курдук былаантан 90-95% бэлэмнэниэҕэ. Өймөкөөн улууһугар ардахтан үөскээбит халаанынан сибээстээн, биһиги олохтоох тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорооччуларыгар көмөлөһүөхпүт. Сүөһү кыстыгы этэҥҥэ туорууругар Өймөкөөн улууһугар 2,5 тыһ. туонна от наада. СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ бу кээмэйи хааччыйары эрэллээхтик толоруо дии саныыбын», – диэн Айсен Николаев кэпсээтэ.
Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, боломуочуйа муниципалитеттарга бэриллибитинэн сибээстээн, улуустар үгүстэрэ күүскэ ылсан үлэлииллэр. Ол курдук, үүтү бэлэмнээһиҥҥэ сыллааҕы былаан номнуо 52% туолла — бу 33 тыһыынча туонна. Ити көрдөрүү ааспыт сыллааҕар үс тыһыынча туоннаннан элбэх.
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Ульяна Захарова "Өтөх төҥүргэстээх" …
Нерюнгри оройуонун салаатын суут бириистэптэрэ биир тэрилтэттэн рекорднай суумалаах хамнаска иэһи ирдээтилэр. Нерюнгри олохтооҕо таҥастыыр…
Хаар курдук маҥан, сымнаҕас баататтан саамай дьикти, ураты оонньуурдар былыр харыйаны киэргэтэллэрэ. Ол курдук, 30-с…
Cаҥа дьылга хас биирдии дьиэ кэргэн үгэс быһыытынан баай, дэлэгэй астаах-үөллээх остуолун тула олорон, ааһан…
«РИК» бөлөх хампаанньалар көмүс уонна хорҕолдьун хостооһунугар, суол уонна хапытаалынай тутууга үтүө көрдөрүүлэри ситистилэр. 2025…
2025 сыл ахсынньы 15 күнүгэр Дьокуускай 202-с микро-оройуонугар куорат уонна чугастааҕы ыччат көрсүһэр, кэпсэтэр сирэ…