Бүгүн уонна сарсын СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтигэр агрономнар сүбэ мунньахтара уонна тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын өйүүргэ өрөспүүбүлүкэ муниципальнай оройуоннарын уонна куораттааҕы уокуруктарын олохтоох салайыныыга уорганнарыгар сорох боломуочуйалары биэриигэ анаммыт стратегическай сиэссийэ ыытыллар.
Анаан-минээн “Новосибирскайдааҕы ГАУ” тэхиньиичэскэй наука хандьыдаата Владислав Бабин, экэнэмиичэскэй наука дуоктара Инна Кузнецова, “АгроАльянс” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Ренат Абузяров, “Семена Сибири” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Иван Даций кэллилэр.
Үүнээйини ылыы салаатын ааспыт сыллааҕы түмүктэрин уонна быйылгы сыл былаанын бу салаа департаменын салайааччыта Вячеслав Гаврильев билиһиннэриэҕэ. Ону сэргэ “СӨ Сири оҥорууга сулууспата” ГБТ салайааччыта Афанасий Семенов, “Упрмелиоводхоз” ГБТ салайааччыта Дмитрий Махаров, “Россельхозцентр” ФГБТ филиалын салайааччыта Агнесса Данилова, бу салаанан күүскэ дьарыктанар учуонайдар иһитиннэрии оҥоруохтара.
Сарсын тэрээһин салҕанар. “Арктикатааҕы ГАТУ” ИДПО дириэктэрэ Нюргуяна Скрябина үүнээйини ылыы салаатыгар иһитиннэрэр ситимнэри туһаныыны кэпсиэҕэ.
Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын өйүүргэ өрөспүүбүлүкэ муниципальнай оройуоннарын уонна куораттааҕы уокуруктарын олохтоох салайыныыга уорганнарыгар сорох боломуочуйалары биэриигэ анаммыт стратегическай сиэссийэни тустаах министиэристибэ Экэниэмикэҕэ департаменын салайааччыта Инна Оконешникова салайан ыытыаҕа.
Икки күннээх тэрээһиҥҥэ миниистири бастакы солбуйааччы Анна Стручкова уонна миниистири солбуйааччы Сахаяна Павлова кытталлар.
Сибииргэ олорор араас омуктар былыр былыргыттан Кытайы кытта алтыһар этилэр. Тыһыынчанан сыллар тухары тиһигин быспакка…
Үлэ кыбартаала киэҥ саалатыгар өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан мустубут үөрэх үлэһиттэрин хабыллар ытыстарын тыаһын ортотугар, Ил…
Бүгүн СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтигэр иккис күнүн улуустааҕы, куораттааҕы уокуруктарга бэриллибит боломуочуйанан…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ полиция 2-с №-дээх салаатын дьуһуурунай чааһыгар кэллиэс устудьуонуттан иһитиннэрии киирбит. Кини аатыгар ким…
Олунньу 21-22 күннэригэр Ньурба куоракка "Кыайыы көтөллөөх, өрөгөй Оһуохайа" диэн ааттаах улахан түһүлгэ ыытыллара былааннанар.…
Ozon «Сделано в Якутии» витринаны арыйда. Манна Саха сирин оҥорон таһаарааччыларын табаардара көстүөхтэрэ: аксессуардар, ювелирнай…