Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларыгар 19 тиэхиньикэ атыылаһылынна
Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын 15 оҥорон таһаарааччытыгар 19 устуука тиэхиньикэни ылалларыгар судаарыстыбаннай бүддьүөттэн лиизин быһыытынан 79 мөлүйүөн солкуобай суумалаах субсидия ыытылынна.
Саҥа тиэхиньикэни 8 улуус – Амма, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Өлүөхүмэ, Уус Алдан, Хаҥалас, Нам, Сунтаар уонна Дьокуускай куорат тыатын хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылара ылыахтара. Ол туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Барыта 6 тыраахтары, бурдук хомуйар 3 Вектор-410 комбайны, хортуоска хомуйар 7 комбайны, 2 SH-8200/АТ-8 тииптээх хомуйар комплексы уонна «ЗВЕЗДА» БДТ-7,62 диискэбэй ыарахан боромньуну ылыахтара.
Тиэхиньикэлэр бары дойду лиизинин хампаанньаларын, чуолаан, «Росагролизинг» АУо нөҥүө атыылаһылыннылар. Бу тиэхиньикэлэр быйылгы ыһыы хампаанньатыгар туһаныллыахтара. Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ 4 устуука тиэхиньикэ кэллэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: