Тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин бэрээдэктээһин туһунан сокуоҥҥа уларытыылар киирдилэр
Ил Түмэн онус уочараттаах пленарнай мунньаҕар норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сирдэр үүнүүнү биэриилэрин хааччыйыыны судаарыстыба өттүттэн сүрүннээһин туһунан» сокуон 7.2 ыстатыйатын тустаах балаһыанньаларын күүстэрин сүтэрбиттэринэн билинэр туһунан» сокуон барылын көрдүлэр.
Бу сокуоҥҥа уларытыы борокуруор бырачыаһыгар сөп түбэһиннэрэн оҥоһулунна. Санатан эттэххэ, борокуруор бырачыаһа 2024 с. алтынньы 22-23 күннэригэр Ил Түмэн тохсус пленарнай мунньаҕар көрүллүбүтэ.
Сокуону федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэр инниттэн сокуон барылын Сокуон 7.2 ыстатыйатыгар маннык уларытыыны киллэрэргэ этиллэр:
«Олохтоох салайыныы уорганнарыгар хорутуллар сир иэнин былааннаныллар туһаныы уонна ыһыы култууратын көрүннэрин туһунан сибидиэнньэни киллэрэр ыһыы култууратын көрүҥнэрин туһунан сибидиэннньэни киллэрэр»; «ыһыы култууратын сүбэлэнэр суортарын туһанар»; тыа хаһаайыстыбатын салайыыга олохтоох салайыныы боломуочуйалаах уорганнарын кытта эргитэн ыһыы үлэтин сөбүлэһиннэрэр».
Сокуон барыла иккис ааҕыыга ылылынна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: