Тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһин улаатыаҕа
Туһааннаах соругу Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар судаарыстыбаннай бүддьүөт барылын көрүү мунньаҕар туруорда.
«2023 сыллааҕы бүддьүөт бырайыагын оҥорууга норуот дьокутааттарын кытары үгүс үлэ ыытылынна. СӨ бырабыыталыстыбата тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ улахан болҕомто ууруохтааҕар сорук туруордуом», – диэн Айсен Николаев эттэ.
Ил Дархан сылгыны үөрдээн иитиигэ субсидия кээмэйин улаатыннарар туһунан сорудахтаахта. 2022 сыллаахха субсидия кээмэйэ 1,5 тыһ. солкуобайтан 3 тыһыынчаҕа диэри улааппыта. 2023 сылга субсидия кээмэйин 5 тыһ. солк. диэри улаатыннарар туһунан этилиннэ.
Маны таһынан, Айсен Николаев тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга үүт субсидиятын 50 солкуобайтан 60 солкуобайга диэри улаатыннарары эттэ.
Кэтэх хаһаайыстыбаларга субсидияны 37 тыһ. солк. диэри улаатыннарыы былааннанар. Санатан эттэххэ, саҥа механизмынан ыанар ынахха 35 тыһ. солк. субсидия көрүллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: