Тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ ханна сынньаныан сөбүй?
СӨ Бырабыыталыстыбата, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтэ тыа сирэ сайдарыгар, эдэр ыччат олохсуйарыгар, дьон-сэргэ чөл туруктаах буоларыгар улахан болҕомтолорун уураллар. Ону өйүүр миэрэлэртэн биирдэстэринэн “Агро-бырамыысыланнай комплекс үлэһиттэрэ санаторийга-куруорка эмтэнэллэригэр судаарыстыба өйөбүл дьаһалларын туһунан” диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин 771-З N 451-IV нүөмэрдээх 16.12.2009 сыллаахха ылыныллыбыт сокуонун чэрчитинэн чэпчэтиилээх сонотуоруй-куруорт путевкаларынан АПК үлэһиттэрин хааччыйыы буолар.
Бу өйөөһүн көрүҥүнэн агро-бырамыысыланнас комплексыгар 5 сыл тохтоло суох үлэ ыстаастаах Саха сиригэр олорор тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ туһаныан сөп. Маннык путевканан тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлии сылдьар киһи икки сылга биирдэ туһанар бырааптаах.
Саха сирин АПК үлэһиттэрэ Алтаай кыраайыгар уонна Новосибирскай уобаласка сынньаналларыгар чэпчэтиилээх путевкаларынан туһаныахтарын сөп.
2024 сылга ыытыллыбыт сокуупка түмүктэринэн СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтэ Алтаай кыраайыгар “Курорт Белокуриха” АУо уонна Новосибирскай уобаласка “Санаторий Рассвет” ХЭУо диэн сынньанар кииннэри кытары судаарыстыбаннай хантараак дуогабарын түһэрсибитэ. Уопсайа 72 чэпчэтиилээх путевка көрүллүбүтүттэн 37-тэ – Алтаайга, 35 – Новосибирскайга.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтин бүддьүөтэ путевка 80% толуйар, үлэһит бэйэтэ 20% төлүүр. Ол аата, АПК үлэһитэ Алтаайга “Курорт Белокуриха” АУо сонотуоруйга сынньанарыгар 21 700 солкуобайы төлүүр, “Рассвет” сонотуоруйга – 16 275 солкуобайы. Бу этиллибит сонотуоруйдарга сынньалаҥ уһуна 14 күн, күҥҥэ үстэ аһаталлар уонна ыйыллыбыт хайысхаларынан эмтииллэр.
Арктика улууһугар олорор уонна үлэлиир АПК үлэһитэ сонотуоруйга барар-кэлэр айанын билиэтин туттардаҕына, министиэристибэ нөҥүө толуйуллар.
СӨ Бырабыыталыстыбатын ыйааҕынан 2022 сылтан чэпчэтиилээх путевканан туһаныахтарын сөптөөх АПК үлэһиттэрин идэлэрин испииһэгэ кэҥээн, билигин бу испииһэккэ 45 идэ киирэ сылдьар (табылыыссаны көр).
Туох докумуон нааданый?
Чэпчэтиилээх путевканы ыларга СӨ тыатын хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар тиһигин хааччыйар кииҥҥэ 2024 сыл ыам ыйын 20 күнүттэн от ыйын 18 күнүгэр диэри бу этиллибит докумуоннар тиксэриллиэхтээхтэр:
– Чэпчэтиилээх путевка ыларга сайабылыанньа (пуормата СӨ ТХМ саайтыгар баар);
– Ыспыраапка 070/у пуормалаах, олорор сиргит балыыһатыттан ылаҕыт:
– Пааспар куоппуйата;
– Үлэлиир киниискэтин куоппуйата эбэтэр Үлэ кодексатын ыст. 66.1 олоҕуран үлэлии сылдьаргыт туһунан сибидиэнньэ (Госуслуга саайт нөҥүө СФР-тан бэйэҕит ылыаххытын сөп). Быйылгыттан сайабылыанньа биэрбит үлэһит дьиҥнээхтик үлэлиирин, үлэлээбэтин быһаарар туһуттан министиэристибэ Биэнсийэ пуондатыттан үлэһит үлэтин туһунан ыспыраапка ирдээн бэрэбиэркэни ыытыаҕа.
Докумуоннаргытын маннык ньымаларынан тириэрдиэххитин сөп
Бэйэҕит аҕалан биэриэххитин сөп – Дьокуускай куорат, Курашов уулуссатын, 28, 311 кэбиниэт. Үлэ чааһа – бэн-бтн 9:00 – 18:00 (эбиэт 13:00 – 14:00);
Буостанан – 677000, Дьокуускай куорат, Курашов уулуссатын, 28, 311 кэбиниэт. Докумуоннар куоппуйаларын нотариус бигэргэппит буолуохтаах;
“МФЦ РС(Я)” ГАУ нөҥүө;
РПГУ электроннай көрүҥүнэн e-yakutia.ru портал нөҥүө (инструкция СӨ ТХМ уонна ЦРО АПК саайтарыгар баар).
СӨ Агро-бырамыысыланнас комплексын ресурсанан хааччыйар киин докумуоннары тутан, бэрэбиэркэлээн баран Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтигэр ыытар. Чэпчэтиилээх путевканы ылар дьон испииһэгэр киирбиккитин эбэтэр хапсыбатаххыт туһунан иһитиннэриини ыыталлар.
Ханнык түгэннэргэ бэриллибэтий?
Путевка маннык түгэннэргэ көрүллүбэт:
– АПК эйгэтигэр үлэлээбэт буоллаххына;
– Идэҕит ыйыллыбыт 45 идэ ахсааныгар киирбэт буоллаҕына;
– АПК эйгэтигэр үлэлиир тохтоло суох ыстааскыт 5 сылга тиийбэт буоллаҕына;
– Саха сиригэр олорбот буоллаххытына;
– Сорох докумуоннаргыт итэҕэс буоллахтарына.
Анастасия Большакова, Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин баһылыга:
— Мин тус бэйэм хоту дойдуга тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлиир дьону хайаан да сонотуоруйга ыытан эмтэтиэххэ, сынньатыахха дии саныыбын. Биһиги нэһилиэктэн ким да путевкаҕа тиксэ илик. Холобура, аҕам И.К.Большаков “Быйаҥныыр” балыктыыр община баһылыга, баар-суох балыксыта Василий Николаевич Садовников хаһан даҕаны сонотуоруй-куруорт диэни көрбөтөх да, туһамматах да дьон. Онон, уустук суоллаах-иистээх, тыйыс айылҕалаах хоту дойду дьонугар путевкалар тиксэллэрэ буоллар.
N | Идэлэр кэрискэлэрэ |
1 | Агроном |
2 | Агротехник |
3 | Агрохимик |
4 | Администратор |
5 | Бары хайысхалар биригэдьиирдэрэ (биригэдьиир көмөлөһөөччүлэрэ) |
6 | Бары көрүҥ буҕаалтырдара |
7 | Бэтэринээринэй быраас |
8 | Бэтэринээринэй санитар |
9 | Бэтэринээринэй тиэхиньик |
10 | Бэтэринээринэй биэлсэр |
11 | Диспиэччэр |
12 | Бары хайысхалар сэбиэдиссэйдэрэ |
13 | Бары хайысхалар звеньевойдара |
14 | Зооветисписэлиис-табаһыт |
15 | Бары хайысхалар зоотехниктара |
16 | Тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччу биирдэм урбаанньыт |
17 | Бары хайысха инженердэрэ |
18 | Инженер-мелиоратор |
19 | Инженер-технолог |
20 | Инженер-энэргиэтик |
21 | Плем-тэрилтэҕэ инструктор |
22 | Ихтиолог (ихтиопатолог) |
23 | Лабаратыарыйаларга лабараан (агрохимическэй, сиэмэ, бэтэринээрийэ, оҥорон таһаарар, үүт пуунун) |
24 | Сүөһү иитиитин, үүнээйини үүннэрии маастара |
25 | Тыа хаһаайыстыбатын сырьетун астаан таһаарар (переработка) тэрилтэлэр маастардара |
26 | Менеджер |
27 | Бары көрүҥ мэхээнньиктэрэ |
28 | Бэтэринээринэй лабаратыарыйа начаалынньыга |
29 | Охотовед |
30 | Бары көрүҥ оробуочайдара |
31 | Салайааччы (баһылык, дириэктэр, бэрэссэдээтэл) |
32 | Сыах, сектор уонна атын производственнай структура начаалынньыга (салайааччыта) |
33 | Сэкирэтээр |
34 | Бары көрүҥ исписэлиистэрэ |
35 | Теплотехник |
36 | Техник-осеменатор |
37 | Бары көрүҥ технологтара |
38 | Отделение управляющайа |
39 | Бары көрүҥ экэнэмиистэрэ |
40 | Экспедитор |
41 | Учаастак (сыах) |
42 | Бары көрүҥ электро-мэхээнньиктэрэ |
43 | Бары көрүҥ энэргиэтиктэрэ |
44 | Бары көрүҥ юрисконсультаннара |
45 | Холкуос чилиэнэ (бааһынай (пиэрмэр) хаһаайыстыбата, артыала), холкуостаах (көннөрү холкуостаах), өскөтүн дуоһунаһа суох үлэҕэ киирбит буоллаҕына |
Мария Сивцева уонна Женни Стрюкова бэлэмнээтилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: