Чурапчы улууһун Болугур нэһилиэгин агро хайысхалаах Амма орто оскуолата оҕуруот аһын үүннэрэн туттаран, икки массыынаны ылбытын туһунан бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн киэҥник тарҕанна. Тугун-ханныгын билээри оскуола дириэктэрин кытта сибээстэһэ сырыттыбыт. Бүгүн массыынаны тутуу үөрүүлээх чааһын тэрийдилэр.
Амма орто оскуолата Социалистическай үлэ дьоруойа, аатырбыт сылгыһыт Р.И.Контантинов аатын сүгэр. Үлэ дьоруойун аатын сүгэр оскуола аата да этэринии үлэһитинэн, оҕуруот аһын хото олордорунан өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр, биир тарбахха баттанар оскуола буолар.
Күн бүгүн 99 үөрэнээччилээх. Быйыл оскуоланы аҕыс оҕо бүтэрбититтэн 100 бырыһыан үөрэххэ киирбиттэр, итинтэн аҥаардара үрдүк үөрэххэ.
— Агро хайысхалаах оскуола буоларын быһыытынан, агро компоненнар хас биирдии уруокка былаан быһыытынан киирэллэр. Оскуолабыт иһинэн “Эйгэ” хаһаайыстыбалаахпыт. Производственнай үөрэх маастардара оҕолору кытта быһаччы үлэлииллэр. Олунньуттан саҕалаан маастардар салалталарынан арассааданы үүннэрбитинэн барабыт, нэһилиэнньэни арассааданан хааччыйабыт. Муус устар бүтүүтүттэн 500 кв.м. иэннээх тэпилииссэбитин бүрүйэбит. Ыам ыйын саҥатыттан номнуо хаппыыстабытын ыһабыт. Бэс ыйын саҕаланыыта, бастакы улахан хаһыҥнар кэннилэриттэн, Кыстык Кугдаҕа, бааһынабытыгар үүнээйибитин олордобут. Оскуола оҕолоро, учууталлар бары күргүөмүнэн тахсабыт.
Тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, производственнай үөрэх маастара Елена Егоровна Диодорова салалтатынан уот куйааһы, курулас ардаҕы аахсыбакка, үөҥҥэ-көйүүргэ сиэппэт туһугар күүстээх үлэ барар. Сайын ортото учууталлар бары тутуспутунан сыыс оту үргүүбүт. Күһүн үүнүүбүтүн хомуйарга эмиэ 6-11 кылаастартан саҕалаан, оскуола үлэһиттэрэ бары түмсэн кыттабыт. Оҕуруот үүннэриитин ити курдук кыайа тутабыт.
Инньэ гынан, бастатан туран, үөрэнээччилэрбитин, уһуйааны, нэһилиэк, улуус олохтоохторун экология өттүнэн ыраас аһылыгынан хааччыйабыт.
Күһүнүн оҕуруоппут аһын тиэммитинэн Таатта тыраассатынан Кыйыга, Победаҕа, Ытык Күөлгэ тиийэ атыылыыбыт. Амма тыраассатынан Сулҕаччыттан саҕалаан эмиэ хас биирдии дэриэбинэни хабан, Амма бөһүөлэгэр тиийэ батарабыт. Оҕуруоппут аһынан Чурапчы улууһун нэһилиэктэрин барытын хааччыйабыт.
Билиҥҥитэ оскуола иһинэн “Араскы” сайыҥҥы күнүскү лааҕыр үс симиэнэнэн үлэлиир. Күн бүгүн Кыстык Кугдаҕа лааҕыр баазатын тутта сылдьабыт. Оҕолор оҕуруокка үлэлииллэр, эмтээх оту хомуйуунан дьарыктаналлар. “Чурапчы” ТХПК кытта дуогабардаһан, үөрэ отун хомуйан, хатаран туттараллар.
2017 сыллаахха “Туймаада” лизингтан МТЗ-82 тыраахтары атыыласпыппыт, хаппыыстабытын батаран үс сыл устата төлөөн бүтэрбиппит. УАЗ массыына ылан сүүрдэ сылдьыбыппыт. Быйыл тиэхиньикэбитин саҥардар соруктаах күүскэ ылыстыбыт. Эрдэ, күһүн тиэхиньикэбит суох буолан уустуктар үөскүү сылдьыбыттарын, улуустааҕы үөрэх управлениета көмөлөспүтэ.
Быйыл валовайынан 42 туонна оҕуруот аһын ыллыбыт диэн суоттанан олоробут. Онтубутун батаран, оскуола туһатыгар, оҕолор инники сайдыыларыгар көмөлөөх буоллун диэн икки массыынаны ыллыбыт, — диэн Амма оскуолатын дириэктэрэ Виктория Пермякова кэпсиир.
Ити курдук оскуола үлэһиттэрэ, үөрэнээччилэр сыралаах үлэлэрин түмүгэр икки массыынаны бу күннэргэ сүүрдэн аҕалбыттар. Болугур нэһилиэгэ улуус кииниттэн 70 км тэйиччи турар. Улуус киинигэр киирэргэ-тахсарга сыыдам буоллун итиэннэ хаһаайыстыбаннай үлэҕэ туһанарга табыгастаах диэн Ipsum (Ипсум) уонна Mitsubishi Delica (Митсубиси Делика) массыыналары ылбыттар. Дьоҕус оскуола холугар сүҥкэн ситиһии! Оскуола сүрүннээн хаппыыста, хортуоппуй олордуунан дьарыктанар. Сааһын араас сибэкки, оҕуруот аһын арассаадатын хото атыылыыллар. Маныаха уопуттаах агроном, маастардар Елена Егоровна Диодорова, Николай Егорович Захаров кылааттара улахан суолталааҕын, урукку сылларга үлэлээбит, уопуттаах Валерий Михайлович Дьячковскай төһө да уурайбытын иһин, ыраахтан да буоллар сүбэтэ-амата туохха да тэҥнэммэтин салайааччы бэлиэтиир. Бүтүн оскуола, үөрэнээччилэр күргүөмнээх үлэлэрин ситиһиитэ диэн этэр.
“Эһиил таас, саҥа оскуолаҕа киириэхтээхпит. Бэлиэ сылы көрсө дьоһун бэлэх буолла. Тиэхиньикэлэр оскуолаҕа өрүү ситиһиини аҕалыахтара, сайдыыга төһүү күүс буолуохтара диэн эрэнэбит”, — диэн ыйар.
Икки күн устата ыытыллыбыт "Бизнес-Экспо 2024" Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…
Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…
Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…
2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…
Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…
“Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…