Аптеката суох нэһилиэктэргэ уонна бөһүөлэктэргэ дьону-сэргэни эминэн-томунан хааччыйар туһуттан мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр 365 пуун аһыллан үлэлиир.
Бу пууннарга бастакы көмөнү оҥорорго наадалаах эмтэр тиэрдиллэллэр. Маныаха олохтоохтор сайаапкаларынан эмп арааһа сыыйа элбиир.
Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан 2023 сылтан СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтинэн улуустааҕы киин балыыһалар подразделениеларын лиссиэнсийэлээһиҥҥэ улахан үлэ ыытылынна. Ол түмүгэр, мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ аптеката суох нэһилиэнньэлээх пууннарга эми атыылыыр кыахтаннылар.
Аптека пууннарын маассабайдык арыйыах иннинэ, тэрээһин үлэлэрин учуоттуур сыалтан, 2023 сылга Нам улууһугар пилотнай бырайыак үлэҕэ киирбитэ. Онно биэлсэр-акушер пуунун иһинэн Маймаҕаҕа уонна амбулаторияҕа Хатырыкка пууннар арыллыбыттара. Ол түмүгүнэн, пилотнай бырайыак көдьүүстээҕин көрдөрөн, атын улуустарга аптекалар арыллыбыттара.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сэтинньи саха саамай сүгүрүйэр ыйа -- өбүгэ Байанайы кытта ыкса сибээстиирэ. Махталлаах булчукка Байанай хара…
Бу туһунан бүгүн #МЫВМЕСТЕ эрэгийиэннээҕи салаатын салайар Айыллаан Винокуров эттэ. "Ыстаап халыҥ таҥаһы-сабы, наадалаах малы-салы уонна…
Оҕолор снегоходунан Бүлүү эбэни туоруур видеолара тарҕанна. Суруйбуттарынан Үөһээ Бүлүү улууһугар диэбиттэр. Бу туһунан Саха…
"Доруобуйа" доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун саҥатытыы бырагырааматынан Үөһээ Бүлүү улуустааҕы балыыһатыгар кэнники икки сыл…
Саха сиригэр бырамыысыланнас оҥорон таһаарыытын кээмэйэ 2024 сыл тохсунньу-балаҕан ыйдарыгар ааспыт сыл бу кэминээҕэр 108,6%…
Инсульт диэн тугуй? Киһи уорганыгар ыарыы дьайыыта. Инсульт (лат. Insultus «охсуу»). Инсульт сэрэппэккэ кэлэр ыарыы, мэйии…