Тыа сирин бастыҥ ыала – Сидоровтар (видео)

Тыа сирин бастыҥ ыала – Сидоровтар (видео)

04.08.2024, 15:30
Хаартыска: Сидоровтар тус архыыптарыттан.
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү сэлиэнньэтигэр олорор элбэх оҕолоох Марфа Ивановна уонна Руслан Афанасьевич Сидоровтар 2024 сылга “Сыл бастыҥ ыала” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус “Тыа сирин бастыҥ ыала” номинациятыгар кыайыылаах аатын эрэллээхтик ылбыттара.

1994 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү сэлиэн­ньэтигэр Сидоровтар диэн саҥа ыал эбиллибитэ. Онтон ыла Нам улууһун Көбө­көнүттэн төрүттээх Руслан Сидоров таптаан ылбыт Мусьянатын сирин-уотун иккис дойду оҥостон, биэс оҕолоох, бигэ тирэхтээх дьоһун-мааны ыал буолан олороллор.

Сөбүлүүр үлэлэрин, оҕолорун иитиини, уопсастыбаннай үлэлэри сатабыллаахтык дьүө­рэлээн, ынах-сүөһү, кус-­хаас ииттэн, дьиэ кэргэҥҥэ эбии дохуот киллэринэллэр.

Марфа Ивановна Дьокуус­кайдааҕы 2 №-дээх пед­училищены уонна педакадемияны бүтэрэн, “оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору үөрэтиигэ педагогика уонна методика” идэтигэр үрдүк үөрэҕи ылан, Оҕону сайыннарар Төҥүлүтээҕи кииҥҥэ – “Олимпионик” уһу­йааҥҥа иитээччинэн үлэ­лиир. 35 сыл педагогическай ыстаас­таах Марфа Ивановна – СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) Махтал суругунан, “Оройуоҥҥа өҥөтүн иһин” анал бэлиэнэн уо.д.а. үрдүкү бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта. Ыал ийэтэ уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөхтүк кыттар, “Эбэ” түөлбэ, “Чобуо” фольклор ансаамбылын салайаач­чыта, “Таммахтар” литэрэтиирэ улуус­тааҕы түмсүүтүн чилиэнэ, ону сэргэ уһу­йаан оҕолоругар аналлаах олоҥхо өрөспүүбүлүкэтээҕи куон­куруһугар “Бастыҥ салайаач­чы-2023” аатын ылбыта.

Ыал аҕа баһылыга Руслан Афанасьевич Оҕону сайыннарар Төҥүлүтээҕи кииҥҥэ-­“Олимпионик” уһуйааҥҥа харабылынан үлэлиир.

Ситиһиилэрэ эмиэ хара баһаам: “Ситим” үҥкүү ансаамбылын кыттыылааҕа, “Балатон. Ускуустуба. Эдэр саас” норуот­тар икки ардыларынааҕы бэстибээл Гран-притын кыа­йыылааҕа, кэлэктиибинэн үҥ­күүгэ эрэгийиэннээҕи, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар призердара, сыл түмүгүнэн “Бастыҥ үлэһит-2023” аатын ылбыта. Кэргэнэ Марфа Ивановналыын “Оҕолору иитии­гэ ситиһиилэрин иһин” улуус баһылыгын грамотатынан наҕараадаламмыттара.

Хаартыска: Сидоровтар тус архыыптарыттан.

Төрөппүт холобурун батыһан

“Оҕо төрөппүтүн көрөн үөрэнэр, кини үтүө холобурун батыһар”, – диэн мээнэҕэ эппэттэр. Сидоровтар биэс оҕолорун ситиһиилэрэ – төрөппүттэр дьоллоро.

Улаханнара Руслан – Физическай култуура уонна успуорт Чурапчытааҕы судаа­рыстыбаннай институтун бүтэрэн, тыа хаһаайыстыбатын техникумун Төҥүлүтээҕи салаа­тыгар физическай култуура преподавателынан үлэлээбитэ 5 сыл буолла, 2023 сыллаахха нэһилиэк бастыҥ спорстменын аатын ылбыта, ГТО туйгуна.

Улахан кыыс Сандаара филолог үрдүк үөрэҕин баһылаабыта, Нарыйа Кытайга Наука уонна технология университетыгар кытай тылын преподавателын идэтин ылбыта, Намыына Намнааҕы педагогическай кэллиэскэ черчение уонна уруһуй учууталын, иитээччи идэлэригэр үөрэммитэ.

Кыра уоллара Семен – Төҥүлү орто оскуолатын 11-с кылааһын бүтэрдэ. “Аман өс” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус Кылаан кыайыылааҕа, аҕатын туйа­ҕын хатаран, “Туллукчаан” үҥкүү ансаамбылын кыттыылааҕа, Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтигэр «Доҕор­доһуу-2024» норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл 2-с истиэпэннээх лауреата, хабылык уонна хаамыска остуол оонньууларыгар 1 миэстэни ылбыта.

“Кыһыҥҥы көрдөр” оҕо сынньалаҥа

Сидоровтар: “Оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн патриотизм тыынын иҥэрэргэ дьиэ-кэргэн, тулалыыр эйгэ, уһуйааччы сүҥкэн оруоллаахтар. Дойду дьиэ кэргэнтэн, кини үгэстэриттэн, дьарыгыттан саҕаланар. Киһи бэйэтэ көрөн, толкуйдаан, илиитинэн оҥорон таһаарбыта ордук күндү, сыаналаах буолара саарбаҕа суох. Оҕо олоххо бэлэмнээх улаатарыгар, барыны-бары сатыырыгар, билэригэр, дьону кытары алтыһа үөрэнэригэр элбэх үлэ барыахтаах”, – диэн санаанан салайтараллар.

Ол да иһин, улуустаа­ҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи араас күрэхтэргэ, бырайыак­тарга дьиэ кэргэнинэн тутус­путунан олус көхтөөхтүк кытталлар. 2015 сыллаахха Лоомтукаҕа ыытыллыбыт тыа сирин ыалын өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр «Кыһыҥҥы көрдөр» оҕо сынньалаҥ эйгэтин тэри­йиигэ бырайыагынан кыттыбыттара. Кинилэр бырайыактарын сыалынан-соругунан  оҕоҕо төрөөбүт дойдутугар тапталы иҥэрии, кинини  кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ уһу­йуу, бэйэ холобурунан батыһыннарыы, дьиэ кэргэн дохуотун тупсарыы буолбута. Онуоха хаар-муус оҥоһуктарынан ураты дьоҕурдаахтарын, сатабыллаахтарын, аныгылыы толкуйдаахтарын көрдөрбүттэрэ. Этэргэ дылы, иллэҥ кэми туһалаахтык атаарыы үтүө холобурун кэрэһиттэринэн буол­буттара. Тохсунньуттан кулун тутарга диэри салҕаммыт Сидоровтар бырайыактарыгар бэйэлэрэ дьиэ кэргэнинэн, уһу­йаан иитиллээччилэрэ, оскуола үөрэнээччилэрэ, иитээччилэр, кылаас салайааччылара, түөлбэ олохтоохторо кыттыбыттара. Бырайыак кыттыылаахтара хаар-муус оҥоһуктары, сыыр, кириэппэс оҥорбуттара, ыалдьыттары көрсөн маастар-кылааһы ыыппыттара, санааларын үллэстибиттэрэ. Чуолаан хаар оҥоһуктарынан кыттыы эмиэ төрүөттээх эбит. Ыал аҕа баһылыга Руслан Афанасьевич кэпсииринэн, 2004 сыллаахха кыыстара 2 саастааҕар оҕолоругар анаан хаар-муус оҥоһуктары тиэргэнигэр “тэлгэппит”. Оҕолор наһаа үөрбүттэриттэн көтөҕүллэн, Сидоровтар тиэргэннэригэр билигин даҕаны 5-тэн кырата суох оҥоһугу астына-дуоһуйа көрөҕүн.

Ити курдук, дьиэ кэргэни сомоҕолуур, дьоҕуру-талаа­ны сайыннарар, кыһыҥҥы тэлгэһэни тупсаҕай көстүүлээх оҥорор, дьиэ кэргэн дохуотун үрдэтэргэ анаммыт бырайыактарынан 2011 сылтан тиһиктээхтик үлэлииллэр, сыл аайы дьон-сэргэ биһирэбилин ылаллар, оҕо-аймах үөрүүтүн үрдэтэллэр.

“Бу бырайыакпыт оҕону үлэҕэ уһуйарга, кыһыҥҥы уһун өрөбүллэригэр иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атааралларыгар биир сонун хардыынан буолла”, – диэн Сидоровтар ситиһиилэрин сэмэйдик үллэс­тэллэр. Бу бырайыактарынан дьиэ кэргэн бырайыактарын өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүүгэ инники миэстэлэри ылбыттара.

“Чаҕыл” сайыҥҥы лааҕырга

Сидоровтар дьиэ кэргэн үөрэххэ аналлаах бу лааҕырдарын оҕолорго төрөөбүт норуот­тарын үгэстэригэр убаастабылы үөскэтэр, төрөөбүт тылга, нуучча, английскай тылларга, математикаҕа үөрэппит матыры­йаалларын чиҥэтэр уонна оҕо сынньалаҥын тэрийэр сорук­таах арыйбыттара.

Ону сэргэ оҕолору уопсас­тыба олоҕор оҕо эрдэхтэн кытыннарыы, кэлэктиипкэ иитии улахан суолталааҕын өйдөөн, бу хайысхаҕа күүскэ үлэлээбиттэрэ.

“Үөрэхтээһиҥҥэ дьиэ кэргэн лааҕырын тэрийэр туһунан санааны эрдэттэн иитиэхтии сылдьыбыппыт. 2017 сыллаахха бэйэбит уһаайбабытыгар лааҕыр баазатын оҥорон, ааммытын аан бастаан арыйбыппыт. Икки симиэнэҕэ 7-10 саастаах 12 оҕону ылбыппыт. Кинилэр үөрэппит биридимиэттэрин чиҥэтэллэрэ, ону таһынан кэрэхсэбиллээх дьону ыҥыран маастар-кылаастары, экскурсиялары тэрийбиппит. Фольклорга дьарыктаабыппыт, хомуска маастар-кылаастары ыыппыппыт. Төрөппүттэргэ кэнсиэр көрдөрбүппүт, кыргыттарга, уолаттарга араас тиэ­мэлээх бырайыактары толкуйдаан үлэлэппиппит”, – диэн тыа сирин бастыҥ ыала кэпсииллэр.

Дьиэ кэргэн үөрэҕириигэ туһуламмыт лааҕырыгар сылдьыбыт оҕолор уонна кинилэр төрөппүттэрэ олус сөбүлээбиттэрэ. Онтон Сидоровтар оччолорго устудьуоннуур оҕолоро төрөппүттэрин кытары лааҕырга тэҥҥэ үлэлээн, оҕолору кытары алтыһыыга уопут ылбыттара, ол инники үлэлэригэр туһалыыра саарбаҕа суох. Ону таһынан бырайыак дьиэ кэргэн бүддьүөтүн хаҥатыыга кырата суох оруоллаах буолбута. Бу бырайыактарынан элбэх ситиһиилэммиттэрэ.

Руслан Сидоров:

– Хайа баҕарар эр киһи курдук, аар айылҕабар сылдьан бултуурбун, балыктыырбын олус сөбүлүүбүн. 1996 сыллаахха кэргэним көҕүлээн уонна дьиэ кэргэммитигэр эбии до­хуот киллэринээри сахалыы ытык оҥорор буолбутум. Онтон дьон сөбүлээн, сакаастаан барбыттарыттан эрдийэн араас мас оҥоһуктар тахсан испиттэрэ. Иккис оҕобут төрөөбүтүгэр үрдүк туорайдаах мас орону оҥорбутум. Онтон оҕо дьарыктанар дьоҕус остуоллара, дэйбиирдэр, хабылык, хаамыска, о.д.а. бытархай оҥоһуктар оҥоһуллан барбыттара.

Манна даҕатан эттэххэ, Руслан Афанасьевич ийэтин өттүнэн Спиридон БочкаревМоскуобускай диэн уус олорон ааспыт. Кинини удьуордаабыт Руслан бииргэ төрөөбүт убайдара Анатолий уонна Альберт эмиэ ыҥырыкка сылдьар уустар, ту­­тааччылар.

Ситиһиилэрэ:

2017 с. – “Тыа сирин ыала-2017 с.” дьиэ кэргэн бырайыактарын (бырагыраамаларын) өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлин призердара;

2018 с. – “Искусство быть родителем” төрөппүттэр дэкээдэ­лэрин чэрчитинэн ыытыллыбыт дьиэ кэргэн бырайыактарын көрүүгэ “Саамай интэриэһинэй бырайыак” номинация кыа­йыылаахтара;

2018 с. – Оҕо аймах уонна дьиэ кэргэн дьарыктаах буоларыгар бастыҥ бырайыактар куонкурустарыгар 60 тыһыынча солкуобайдаах Грант кыайыылаахтара (“Чаҕыл” үөрэхтээһин лааҕыра);

2022 с. – “Дьиэ кэргэн тиэргэнэ: ыччаты үлэнэн иитии” улуустааҕы куонкуруска – 1 миэстэ;

2022 с. – “Дьиэ кэргэн тиэргэнэ: ыччаты үлэнэн иитии” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска – 3 миэстэ;

2023 с. – “Быйаҥнаах тэлгэһэ-2023 с.” улуустааҕы куонкурус­ка – 1 миэстэ;

2024 с. – “Сыл бастыҥ ыала” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус “Тыа сирин бастыҥ ыала” номинация кыайыылаахтара;

2024 с. от ыйын 8-10 күннэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр ыытыллыбыт педагогическай дьаарбаҥкаҕа “Ийэ тыл – төрөппүт уонна оҕо” өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүү-күрэс “Дьиэ кэргэн ньымалара” анал аат кыайыылаахтарынан ааттанан, 1 үрдэли ыллылар.

+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: