Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү сэлиэнньэтигэр олорор элбэх оҕолоох Марфа Ивановна уонна Руслан Афанасьевич Сидоровтар 2024 сылга “Сыл бастыҥ ыала” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус “Тыа сирин бастыҥ ыала” номинациятыгар кыайыылаах аатын эрэллээхтик ылбыттара.
1994 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү сэлиэнньэтигэр Сидоровтар диэн саҥа ыал эбиллибитэ. Онтон ыла Нам улууһун Көбөкөнүттэн төрүттээх Руслан Сидоров таптаан ылбыт Мусьянатын сирин-уотун иккис дойду оҥостон, биэс оҕолоох, бигэ тирэхтээх дьоһун-мааны ыал буолан олороллор.
Сөбүлүүр үлэлэрин, оҕолорун иитиини, уопсастыбаннай үлэлэри сатабыллаахтык дьүөрэлээн, ынах-сүөһү, кус-хаас ииттэн, дьиэ кэргэҥҥэ эбии дохуот киллэринэллэр.
Марфа Ивановна Дьокуускайдааҕы 2 №-дээх педучилищены уонна педакадемияны бүтэрэн, “оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору үөрэтиигэ педагогика уонна методика” идэтигэр үрдүк үөрэҕи ылан, Оҕону сайыннарар Төҥүлүтээҕи кииҥҥэ – “Олимпионик” уһуйааҥҥа иитээччинэн үлэлиир. 35 сыл педагогическай ыстаастаах Марфа Ивановна – СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) Махтал суругунан, “Оройуоҥҥа өҥөтүн иһин” анал бэлиэнэн уо.д.а. үрдүкү бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта. Ыал ийэтэ уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөхтүк кыттар, “Эбэ” түөлбэ, “Чобуо” фольклор ансаамбылын салайааччыта, “Таммахтар” литэрэтиирэ улуустааҕы түмсүүтүн чилиэнэ, ону сэргэ уһуйаан оҕолоругар аналлаах олоҥхо өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһугар “Бастыҥ салайааччы-2023” аатын ылбыта.
Ыал аҕа баһылыга Руслан Афанасьевич Оҕону сайыннарар Төҥүлүтээҕи кииҥҥэ-“Олимпионик” уһуйааҥҥа харабылынан үлэлиир.
Ситиһиилэрэ эмиэ хара баһаам: “Ситим” үҥкүү ансаамбылын кыттыылааҕа, “Балатон. Ускуустуба. Эдэр саас” норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл Гран-притын кыайыылааҕа, кэлэктиибинэн үҥкүүгэ эрэгийиэннээҕи, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар призердара, сыл түмүгүнэн “Бастыҥ үлэһит-2023” аатын ылбыта. Кэргэнэ Марфа Ивановналыын “Оҕолору иитиигэ ситиһиилэрин иһин” улуус баһылыгын грамотатынан наҕараадаламмыттара.
“Оҕо төрөппүтүн көрөн үөрэнэр, кини үтүө холобурун батыһар”, – диэн мээнэҕэ эппэттэр. Сидоровтар биэс оҕолорун ситиһиилэрэ – төрөппүттэр дьоллоро.
Улаханнара Руслан – Физическай култуура уонна успуорт Чурапчытааҕы судаарыстыбаннай институтун бүтэрэн, тыа хаһаайыстыбатын техникумун Төҥүлүтээҕи салаатыгар физическай култуура преподавателынан үлэлээбитэ 5 сыл буолла, 2023 сыллаахха нэһилиэк бастыҥ спорстменын аатын ылбыта, ГТО туйгуна.
Улахан кыыс Сандаара филолог үрдүк үөрэҕин баһылаабыта, Нарыйа Кытайга Наука уонна технология университетыгар кытай тылын преподавателын идэтин ылбыта, Намыына Намнааҕы педагогическай кэллиэскэ черчение уонна уруһуй учууталын, иитээччи идэлэригэр үөрэммитэ.
Кыра уоллара Семен – Төҥүлү орто оскуолатын 11-с кылааһын бүтэрдэ. “Аман өс” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус Кылаан кыайыылааҕа, аҕатын туйаҕын хатаран, “Туллукчаан” үҥкүү ансаамбылын кыттыылааҕа, Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтигэр «Доҕордоһуу-2024» норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл 2-с истиэпэннээх лауреата, хабылык уонна хаамыска остуол оонньууларыгар 1 миэстэни ылбыта.
Сидоровтар: “Оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн патриотизм тыынын иҥэрэргэ дьиэ-кэргэн, тулалыыр эйгэ, уһуйааччы сүҥкэн оруоллаахтар. Дойду дьиэ кэргэнтэн, кини үгэстэриттэн, дьарыгыттан саҕаланар. Киһи бэйэтэ көрөн, толкуйдаан, илиитинэн оҥорон таһаарбыта ордук күндү, сыаналаах буолара саарбаҕа суох. Оҕо олоххо бэлэмнээх улаатарыгар, барыны-бары сатыырыгар, билэригэр, дьону кытары алтыһа үөрэнэригэр элбэх үлэ барыахтаах”, – диэн санаанан салайтараллар.
Ол да иһин, улуустааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи араас күрэхтэргэ, бырайыактарга дьиэ кэргэнинэн тутуспутунан олус көхтөөхтүк кытталлар. 2015 сыллаахха Лоомтукаҕа ыытыллыбыт тыа сирин ыалын өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр «Кыһыҥҥы көрдөр» оҕо сынньалаҥ эйгэтин тэрийиигэ бырайыагынан кыттыбыттара. Кинилэр бырайыактарын сыалынан-соругунан оҕоҕо төрөөбүт дойдутугар тапталы иҥэрии, кинини кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ уһуйуу, бэйэ холобурунан батыһыннарыы, дьиэ кэргэн дохуотун тупсарыы буолбута. Онуоха хаар-муус оҥоһуктарынан ураты дьоҕурдаахтарын, сатабыллаахтарын, аныгылыы толкуйдаахтарын көрдөрбүттэрэ. Этэргэ дылы, иллэҥ кэми туһалаахтык атаарыы үтүө холобурун кэрэһиттэринэн буолбуттара. Тохсунньуттан кулун тутарга диэри салҕаммыт Сидоровтар бырайыактарыгар бэйэлэрэ дьиэ кэргэнинэн, уһуйаан иитиллээччилэрэ, оскуола үөрэнээччилэрэ, иитээччилэр, кылаас салайааччылара, түөлбэ олохтоохторо кыттыбыттара. Бырайыак кыттыылаахтара хаар-муус оҥоһуктары, сыыр, кириэппэс оҥорбуттара, ыалдьыттары көрсөн маастар-кылааһы ыыппыттара, санааларын үллэстибиттэрэ. Чуолаан хаар оҥоһуктарынан кыттыы эмиэ төрүөттээх эбит. Ыал аҕа баһылыга Руслан Афанасьевич кэпсииринэн, 2004 сыллаахха кыыстара 2 саастааҕар оҕолоругар анаан хаар-муус оҥоһуктары тиэргэнигэр “тэлгэппит”. Оҕолор наһаа үөрбүттэриттэн көтөҕүллэн, Сидоровтар тиэргэннэригэр билигин даҕаны 5-тэн кырата суох оҥоһугу астына-дуоһуйа көрөҕүн.
Ити курдук, дьиэ кэргэни сомоҕолуур, дьоҕуру-талааны сайыннарар, кыһыҥҥы тэлгэһэни тупсаҕай көстүүлээх оҥорор, дьиэ кэргэн дохуотун үрдэтэргэ анаммыт бырайыактарынан 2011 сылтан тиһиктээхтик үлэлииллэр, сыл аайы дьон-сэргэ биһирэбилин ылаллар, оҕо-аймах үөрүүтүн үрдэтэллэр.
“Бу бырайыакпыт оҕону үлэҕэ уһуйарга, кыһыҥҥы уһун өрөбүллэригэр иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атааралларыгар биир сонун хардыынан буолла”, – диэн Сидоровтар ситиһиилэрин сэмэйдик үллэстэллэр. Бу бырайыактарынан дьиэ кэргэн бырайыактарын өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүүгэ инники миэстэлэри ылбыттара.
Сидоровтар дьиэ кэргэн үөрэххэ аналлаах бу лааҕырдарын оҕолорго төрөөбүт норуоттарын үгэстэригэр убаастабылы үөскэтэр, төрөөбүт тылга, нуучча, английскай тылларга, математикаҕа үөрэппит матырыйаалларын чиҥэтэр уонна оҕо сынньалаҥын тэрийэр соруктаах арыйбыттара.
Ону сэргэ оҕолору уопсастыба олоҕор оҕо эрдэхтэн кытыннарыы, кэлэктиипкэ иитии улахан суолталааҕын өйдөөн, бу хайысхаҕа күүскэ үлэлээбиттэрэ.
“Үөрэхтээһиҥҥэ дьиэ кэргэн лааҕырын тэрийэр туһунан санааны эрдэттэн иитиэхтии сылдьыбыппыт. 2017 сыллаахха бэйэбит уһаайбабытыгар лааҕыр баазатын оҥорон, ааммытын аан бастаан арыйбыппыт. Икки симиэнэҕэ 7-10 саастаах 12 оҕону ылбыппыт. Кинилэр үөрэппит биридимиэттэрин чиҥэтэллэрэ, ону таһынан кэрэхсэбиллээх дьону ыҥыран маастар-кылаастары, экскурсиялары тэрийбиппит. Фольклорга дьарыктаабыппыт, хомуска маастар-кылаастары ыыппыппыт. Төрөппүттэргэ кэнсиэр көрдөрбүппүт, кыргыттарга, уолаттарга араас тиэмэлээх бырайыактары толкуйдаан үлэлэппиппит”, – диэн тыа сирин бастыҥ ыала кэпсииллэр.
Дьиэ кэргэн үөрэҕириигэ туһуламмыт лааҕырыгар сылдьыбыт оҕолор уонна кинилэр төрөппүттэрэ олус сөбүлээбиттэрэ. Онтон Сидоровтар оччолорго устудьуоннуур оҕолоро төрөппүттэрин кытары лааҕырга тэҥҥэ үлэлээн, оҕолору кытары алтыһыыга уопут ылбыттара, ол инники үлэлэригэр туһалыыра саарбаҕа суох. Ону таһынан бырайыак дьиэ кэргэн бүддьүөтүн хаҥатыыга кырата суох оруоллаах буолбута. Бу бырайыактарынан элбэх ситиһиилэммиттэрэ.
Руслан Сидоров:
– Хайа баҕарар эр киһи курдук, аар айылҕабар сылдьан бултуурбун, балыктыырбын олус сөбүлүүбүн. 1996 сыллаахха кэргэним көҕүлээн уонна дьиэ кэргэммитигэр эбии дохуот киллэринээри сахалыы ытык оҥорор буолбутум. Онтон дьон сөбүлээн, сакаастаан барбыттарыттан эрдийэн араас мас оҥоһуктар тахсан испиттэрэ. Иккис оҕобут төрөөбүтүгэр үрдүк туорайдаах мас орону оҥорбутум. Онтон оҕо дьарыктанар дьоҕус остуоллара, дэйбиирдэр, хабылык, хаамыска, о.д.а. бытархай оҥоһуктар оҥоһуллан барбыттара.
Манна даҕатан эттэххэ, Руслан Афанасьевич ийэтин өттүнэн Спиридон Бочкарев—Москуобускай диэн уус олорон ааспыт. Кинини удьуордаабыт Руслан бииргэ төрөөбүт убайдара Анатолий уонна Альберт эмиэ ыҥырыкка сылдьар уустар, тутааччылар.
Ситиһиилэрэ:
2017 с. – “Тыа сирин ыала-2017 с.” дьиэ кэргэн бырайыактарын (бырагыраамаларын) өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлин призердара;
2018 с. – “Искусство быть родителем” төрөппүттэр дэкээдэлэрин чэрчитинэн ыытыллыбыт дьиэ кэргэн бырайыактарын көрүүгэ “Саамай интэриэһинэй бырайыак” номинация кыайыылаахтара;
2018 с. – Оҕо аймах уонна дьиэ кэргэн дьарыктаах буоларыгар бастыҥ бырайыактар куонкурустарыгар 60 тыһыынча солкуобайдаах Грант кыайыылаахтара (“Чаҕыл” үөрэхтээһин лааҕыра);
2022 с. – “Дьиэ кэргэн тиэргэнэ: ыччаты үлэнэн иитии” улуустааҕы куонкуруска – 1 миэстэ;
2022 с. – “Дьиэ кэргэн тиэргэнэ: ыччаты үлэнэн иитии” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска – 3 миэстэ;
2023 с. – “Быйаҥнаах тэлгэһэ-2023 с.” улуустааҕы куонкуруска – 1 миэстэ;
2024 с. – “Сыл бастыҥ ыала” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус “Тыа сирин бастыҥ ыала” номинация кыайыылаахтара;
2024 с. от ыйын 8-10 күннэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр ыытыллыбыт педагогическай дьаарбаҥкаҕа “Ийэ тыл – төрөппүт уонна оҕо” өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүү-күрэс “Дьиэ кэргэн ньымалара” анал аат кыайыылаахтарынан ааттанан, 1 үрдэли ыллылар.
Саха сиригэр коронавируһунан ыалдьыы нэдиэлэ иһигэр 1,5 төгүл элбээтэ. Бу туһунан федеральнай суһал ыстаап иһитиннэрэр.…
Бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, үгүс улууска хаар түһүөҕэ диэн Саха сиринээҕи УГМС иһитиннэрэр. Анаабыр уонна…
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников салайааччылаах бөлөх байыаннай дьайыы зонатыгар тиийэн, биир дойдулаахтарын…
"Национальная горнорудная компания" АУо генеральнай дириэктэринэн Матвей Евсеев ананна. Саха сирин Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга…
Саха сирин олохтоохторо соторутааҕыта кыыл табалар Өлөөн улууһун дьиэ табаларын илдьэ барбыттарын туһунан сураҕы истибиттэрэ.…
Таатта оройуонун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр А.Е.Мординов аатынан интэринээттээх лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ. Эбийиэк СӨ…