«Тыа сирин эмчитэ» бырагырааманан үлэлээччилэр элбииллэр
Сыл аайы сүүһүнэн эмчит “Тыа сирин эмчитэ” бырагырааманан өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэригэр үлэлии барар. Бу бырагыраама уон сыл үлэлиир кэмигэр Уус Алдан улууһун Киин балыыһатыгар быраастары кытары 60 дуогабары түһэристэ.
Сардаана Бурцева М.К.Аммосов аатынан ХИФУ мэдиссиинэҕэ институтун бүтэрэн баран, төрөөбүт сэлиэнньэтигэр Сыырдаахха төннүбүтэ. Онтон ыла 5 сыл устата быраас амбулаториятыгар терапевт-бырааһынан үлэлиир. Сыырдаах олохтоохторо эмчиттэрин үлэтиттэн олус астыналлар уонна эдэрдэр төрөөбүт дойдуларыгар үлэлии кэлэллэриттэн үөрэллэр.
«Бырагырааманан үлэлиир болдьохпут бүттэҕинэ даҕаны манна хааларга кэргэмминиин быһаарынныбыт. Дьиэ тутуннубут уонна олохсуйарга сананныбыт. Биһиги үс оҕолоохпут. Мин кыра эрдэхпиттэн быраас буолуохпун уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөһүөхпүн баҕарарым. Биллэн турар, биир дойдулаахтарым олус үөрэ көрсүбүттэрэ. Аан бастаан үлэлииргэ син ыарахан этэ. Тоҕо диэтэххэ, соҕотох быраас этим. Оттон сэлиэнньэҕэ мэдиссиинискэй көмөнү оҕо күүтэр дьахталларга уонна оҕолорго оҥоруоххун наада. Үксүгэр сүрэх-тымыр, тыынар систиэмэ ыарыытыттан кэлэллэр. Ол эбэтэр гипертония, сүрэх ишемическэй ыарыылара, тымныйан ыалдьыы, бронхит уонна кэнники сылларга коронавирус инфекцията элбээтэ. Биһиги кэлэктииппит улахана суох, 12 үлэһиттээхпит. Иллээхтик-эйэлээхтик үлэлии-хамсыы сылдьабыт”, — диэн Сардаана Васильевна кэпсиир.
Марфа Горохова Оройуоннааҕы киин балыыһа поликлиникатын 3 учаастагар терапевт-бырааһынан 2018 сылтан үлэлиир. Марфа Николаевна этэринэн, туох да саарбахтааһына суох Уус Алдаҥҥа үлэлии барарга быһаарыммыт. Биллэрин курдук, тыа сиригэр быраастар куруук тиийбэттэр. Оттон дьиҥнээх эмчит киниэхэ наадыйар сирдэригэр баар буолуохтаах.
Марфа Николаевна: “Тыа сирин эмчитэ” бырагыраама эдэр быраастарга улаханнык көмөлөһөр. Ылыахтаах төлөбүрү болдьоҕор ылбытым. Мин бэйэм Уус Алдан улууһуттан төрүттээхпин. Онон биир дойдулаахтарбын кытары үлэлиир чэпчэки. Тыынар уорганнар, энцефалопатия, куртах-оһоҕос ыарыылаахтар бааллар. Ону таһынан сүрэх, сис, аллергия уо.д.а. ыарыыларынан көрдөрөр дьон үгүс. Быраас үлэтэ хаһан да чэпчэки буолбатаҕа, ол гынан баран олус интэриэһинэй, эппиэтинэстээх уонна наадалаах. Мин маннык түмсүүлээх кэлэктиипкэ үлэлиирбиттэн олус үөрэбин”, — диэн санаатын үллэстэр.
Уус Алдан улууһун Киин балыыһатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: