Тыа сирин ипэтиэкэтин сылга 3% ылыахха сөп буолуоҕа

Тыа сирин ипэтиэкэтин сылга 3% ылыахха сөп буолуоҕа

26.07.2023, 18:00
Хаартыска: М.Васильева (СИА)
Бөлөххө киир:

Арассыыйа бырабыыталыстыбата нэһилиэнньэни, ол иһигэр тыа сирин олохтоохторун,  табыгастаах  дьиэнэн хааччыйарга тиһиктээх үлэни ыытар. Саха сирин олохтоохторо тыа сирин ипэтиэкэтин сылга 3% ылыахтарын сөп.

Кыра нэһилиэнньэлээх пууннар олохтоохторугар тыа сирин ипэтиэкэтин бырагыраамата үлэлиир. Бу бырагыраама 3,5 сыл олоххо киллэриллибит кэмигэр дойдуга 120 тыһыынча кэриҥэ кирэдьиит бэрилиннэ. Ону таһынан соторутааҕыта бырагыраама өссө кэҥэтиллэн биэрбитэ: билигин 3% үрдүгэ суох ставкаҕа сойуом муҥутуур кээмэйэ икки төгүл, 6 мөлүйүөн солкуобайга диэри улаатта.

«Биллэн турар, тыа сиригэр уонна үгүс эрэгийиэн  кыра куораттарыгар  чааһынай дьиэлэрэ элбэх, ол иһин биирдиилээн олорор дьиэни тутарга улахан болҕомто ууруллар. Билигин ипэтиэкэ бырагыраамаларыттан хас биирдиилэригэр дьиэни атыылаһарга эбэтэр тутарга сойуом оҥорторуохха сөп. Бу сыл алта ыйыгар маннык кирэдьиит   хайыы үйэ  450 миллиард курдук суумаҕа бэрилиннэ”, – диэн Михаил Мишустин от ыйын 24 күнүгэр Владивостокка  Бүтүн Арассыыйатааҕы пуорум пленарнай  сиэссийэтигэр иһитиннэрдэ.

Саха сиригэр тыа сирин ипэтиэкэтигэр сайаапкалары Россельхозбаан ылар. Билигин үбү биирдиилээн олорор дьиэни уонна куорат таһынааҕы дьиэни тутууттан ураты,  нэһилиэнньэлээх пууннарга баар биэстэн элбэҕэ суох мэндиэмэннээх дьиэлэргэ кыбартыыра атыылаһарга (бастакы ырыынакка) туттуохха сөп.

«Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, бу чэпчэтиилээх бырагыраама тыа сиригэр олоруон баҕарар  нэһилиэнньэ бары араҥатыгар ананар.

2020 сыл сааһыттан саҕалаан, бырагыраама олоххо киириэҕиттэн  Россельхозбаан Саха сиринээҕи салаатыгар 349 ыал 945 мөлүйүөнтэн тахса суумаҕа  тыа сирин ипэтиэкэтин оҥортордо”, — диэн Россельхозбаан Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрэ Василий Тимофеев кэпсээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: