2023 сылга уонна 2024-2025 былааннаммыт кэмҥэ тыа сирин сирин-уотун кэлимсэ сайдыытыгар Саха сирин 14 оройуонугар 30-ча бырайыагы торумнууллар. Манна Дьааҥы, Эдьигээн, Орто Халыма курдук Арктика оройуоннара эмиэ киириэхтэрэ. Сэтинньигэ РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр сүүмэрдиэхтэрэ. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ премьерэ Андрей Тарасенко анал хайысхалаах министиэристибэлэри кытта мунньаҕар эттэ.
Бу иннинэ Ил Дархан Айсен Николаев бырагырааманы үчүгэйдик ситэрэргэ уонна 2022 сыл түһүмэҕин толорууну учуоттаан эбийиэктэри талыы критерийдэрин хаттаан көрөргө соруйбута. Быйыл сэттэ оройуоҥҥа 13 социальнай эбийиэги бырагырааманан тута сылдьаллар.
Үөһээ Бүлүү улууһун Кырыкый сэлиэнньэтигэр култуура-успуорт комплексын уонна Харбалаах сэлиэнньэтигэр дьыссааты тутуу түмүктэнэр. Ону тэҥэ, Үөһээ Бүлүүгэ култуура-успуорт комплексын туталлар. Бүлүү улууһугар Үгүлээккэ дьыссааты уонна Чурапчы улууһун Уһун сэлиэнньэтигэр оскуоланы туталлар. Ону тэҥэ Үрүҥ Күөл (Чурапчы) сэлиэнньэтигэр тыа сирин киинин уонна Туора Күөлгэ оскуола-саады салгыы туталлар. Уус Алдан оройуонугар оскуоланы уонна дьыссааты, Хаҥалас Үөдэйигэр оскуоланы киллэриэхтэрэ.
Сунтаар улууһугар Күндэйэ сэлиэнньэтигэр дьыссааты тутуу түмүктэнэрэ чугаһаата. Ол эрээри Сунтаар сэлиэнньэтигэр бассейннаах успуорт комплексын тутуутугар кыраапыктан хаалыы тахсыбытынан, бэдэрээтчити кытта үлэни тэтимирдэр сорук туруорулунна, тутуу матырыйаалын сыаната ыараабытынан эбии үп көрүллүөҕэ. Эдьигээн улууһугар Кыстатыам сэлиэнньэтигэр оскуола-саады тутууну түмүктээбиттэрэ, оттон Үөһээ Бүлүүгэ Хомустаах сэлиэнньэтигэр уулуссаҕа сырдатыыны киллэрбиттэрэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Хаартыска: СИА
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…