Тыа сирин сайдыытын биир кэлим бырагырааматынан тутуллар эбийиэктэр сыаналара хонтуруолга тутуллуоҕа

Share

Тыа сирин биир кэлим сайыннарыы бырагыраамата Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Анал этиитигэр олоҕуран, 2020 сылтан үлэлиир. Бырагыраама чэрчитинэн, тыа сиригэр биэс сыл устата үгүс оскуола, оҕо уһуйаана, балыыһа, о.д.а. социальнай эбийиэктэр тутулуннулар. Бу бырагыраама 2030 сылга диэри былаанын туһунан алтынньы 30 күнүгэр Владимир Путин мунньаҕар ырыттылар.

Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Оксана Лут иһитиннэрбитинэн, бу бырагыраама чэрчитинэн, биэс сыл устата 248 оскуола, 155 оҕо уһуйаана, 66 фельдшер-акушер үлэлиир пууна тутуллубут.

Биэс сыл иһигэр бу бырагырааманан уон икки тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээх пуун хабылынна. Ол эбэтэр тыа сирин түөрт уон бырыһыана. Бу сыл бүтүөр диэри биэс тыһыынча кэриҥэ социальнай, инженернэй, суол-иис эбийиэктэрэ үлэҕэ киириэхтээхтэр. Ону сэргэ нэһилиэнньэлээх пууннары тупсаран оҥорууга уон үс тыһыынчаттан тахса бырайыак үлэлиэхтээх. “Тыа сирин аныгы көстүүтэ” хайысханан 248 оскуола, 155 оҕо уһуйаана, 66 фельдшер-акушер үлэлиир пууна, поликлиника, 338 култуура дьиэтэ, 1190 инженерней тутуу үлэҕэ киирбитэ, — диэн иһитиннэрэр мунньах кэмигэр миниистир Оскана Николаевна.

Бырагыраама биир сүрүн хайысхатынан тыа сиригэр олорор дьиэлэри тутуу буолар. “Барыта 185 тыһыынчаттан тахса ыал олорор усулуобуйатын тупсарда. Ол иһигэр тыа сиригэр ананан бэриллэр ипотека нөҥүө. Бу хайысханан биэс сыл иһигэр барыта уон биир мөлүйүөнтэн тахса кв м тутулунна. Үксүн бу ипотеканан түөрт уон саастарыгар диэри эдэр дьон туһаналлар. Ипотеканан туһаммыт дьонтон аҥаардара киин куораттартан тыа сиригэр көһөн кэлэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар”, — диэн бэлиэтиир Оксана Лут.

2020 сылтан 2024 сылга диэри бу бырагыраамаҕа бүддьүөттэн 263 миллиард солкуобай үбүлээһин көрүллүбүт. Ону сэргэ бизнес өттүттэн 17 миллиард солкуобай инвестиция быһыытынан угуллубут. Быйылгы бүддьүөт сокуонугар бырагыраамаҕа 2025 сылга – 108, 2026-2027 сылларга – 185 миллиард солкуобай көрүллүбүт.

Миниистир дакылаатыгар иһитиннэрбитинэн, эһиилгиттэн саҕалаан бу бырагыраама Арассыыйа саҥа түөрт эрэгийиэнигэр киирэн биэриэҕэ. Ону сэргэ 2030 сылга диэри бырагыраамаҕа сүрүн болҕомтону тирэх буолар нэһилиэнньэлээх пууннарга, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга, агрокластердарга ууруохтара.

Владимир Путин мунньах түмүгэр бу бырагарыыма тыа сириттэн дьон көһүүтүн лаппа кыччаппытын бэлиэтээтэ.

2024 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи дааннайынан. Арассыыйаҕа тыа сиригэр олорор дьон ахсаана уопсай нэһилиэнньэттэн 25,1 бырыһыанын ылбыт. Былаан 25 бырыһыан этэ. Онон бу сыыппара бырагыраама көдьүүстээҕин көрдөрөр диэн этиэм этэ, — диэн эттэ Владимир Владимирович.

Түмүккэ бэрэсидьиэн сылын аайы бырагыраама үбүлээһинэ үрдээн иһэрин, ол эрээри тутуллар эбийиэктэр ахсааннара кыччыырын бэлиэтээн туран, бырагырааманан киирэр эбийиэктэргэ сыана бас-баттах барбатын хонтуруоллуурга бырабыыталыстыбаҕа, эрэгийиэн салайааччыларыгар сорудах биэрдэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

2 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

3 часа ago