Тыа сирэ сарсыҥҥы эрэлбит
Горнай улууһун Маҥаны нэһилиэгэр тэрээһиннэр олус сэргэхтик тэриллэн ыытыллаллар. Маныаха ураты сүүрээн, толкуй, күрэхтэһии баар буолан, дьон-сэргэ кэтэһэр.
Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатын күнэ тэрээһиннээхтик буолан ааспытын туһунан бэлиэтиэхпин баҕарабын. Быйылгы кэтэһиилээх тэрээһиҥҥэ бэтэринээринэй быраас Григорий Аммосов уонна тыа хаһаайытыбатын исписэлииһэ Эраида Капитонова болҕомтону тардар, дьону көҕүлүүр сэргэх тэрээһини ыыттылар, бэртээхэй күрэхтэһии тэрийдилэр, тыа сирин дьонугар-сэргэтигэр наадалаах оонньууну тэрийдилэр. Онно бары да үөрбүппүт диэн, үөһээ Айыылар көрөн турар курдук, элбэх сүөһүлээх ыаллар бириистэргэ тигистилэр. Саамай улахан бириис 40 кг бытарытыллан анаан бэлэмнэниллибит от, уотурба, анаан бэлэмнэниллибит туус, хаһаайыстыбаҕа, дьиэҕэ-уокка туттуллар мал-сал, о.д.а. бириистэри тутан, дьон үөрдэ-көттө. Улаханнык ытыктыыр, киэн туттар, ыччакка холобур оҥостор киһибит, билигин да сүөһүтүн тутан олорор 73 саастаах Анна Осипова сүрүн бириискэ тиксибититтэн бары да улаханнык үөрдүбүт, эҕэрдэбитин тиэртибит.
Култуура үлэһиттэрэ Ульяна Суханова, Алексей Вензель уонна Эрэл Степанов түһүлгэбитигэр мустубут ыалдьыттары бука барыларын түмэ тарданнар, ыллатан тэрээһини тупсардылар, сэргэхситтилэр.
Бибилэтиэкэр Марфа Текеянова нэһилиэккэ удьуор аймахтар түмсэн, ийэлээх аҕаларын тула ырааппакка дьиэ туттан, оҕо-уруу төрөтөн, сүөһү, сылгы ииттэн , таптыыр идэлэринэн үлэлээбиттэрин туһунан «Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ» диэн ааттаах кинигэ таһааттаран тыыл, үлэ бэтэрээнэ Илья Павлович Чемезов кыргыттарыгар Валентинаҕа, Екатеринаҕа, иккис кинигэни сибээс эйгэтигэр үлэлиир уонна үлэлээбит Сидоровтар династияларыгар, Исай Сидоров кыыһыгар Мария Алексееваҕа ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан туттарда.
Түмэлбит үлэһитэ Мария Осипова ааспыт олоҕу сырдатар, сэһэргиир былыргы маллары аҕалан быыстапка туруорбута болҕомтону улаханнык тарта, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылла. Бары уруккуну-хойуккуну ахтыстылар, олус үөрдүлэр. Маннык быыстапка тэриллэ турарыгар баҕардылар. Салгыы успуорт инструктора Алексей Павлов түөлбэлэринэн күрэхтэһиитигэр үөрүү-көтүү, дьонноругар өйөбүл буолан ыһыы-хаһыы саала иһин толордо. Сэпэрээтэр хомуйуутугар, туйах сүлүүтүгэр, тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр сыһыаннаах ыйытыыларга хоруйдаатылар, мас тардыһыытыгар күрэхтэстилэр. Түмүккэ 1 миэстэни «Үрдэл», 2 миэстэни «Чыпчаал», 3 миэстэни «Сардаҥа» түөлбэлэр ыланнар мэтээл, туоһу сурук, бириис туттулар. Бу күн эҕэрдэ эриэккэһэ этилиннэ, ырыа-тойук, үҥкүү-битии, көр-нар көҕүлүттэн тутулунна.
Түгэнинэн туһанан эттэххэ, быйыл күһүн биһиги нэһилиэкпит улууска ыытыллыбыт «Урожай-2024» күрэскэ бастаан 30 тыһ.солк. сэртипикээтинэн наҕараадаламмыта. Бу сэртипикээтинэн куораттан бириистэри, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр, тэрээһин кыттыылаахтарыгар, кыайыылаахтарга туттарарга мал-сал арааһын аҕалбыттара хайҕанна.
Түмүккэ тэрээһин кыттыылаахтара толору астаах сандалы тула олорон ааспыт сыллары истиҥник аҕыннылар, кэлэр өттүгэр тугу оҥоруохха диэн былааннаатылар, үлэни-хамнаһы сайыннарарга санааларын эттилэр, астына, дуоһуйа сынньаннылар.
Маргарита Капитонова,
Маҥаны, Горнай.
Маргарита Капитонова, Марфа Текеянова хаартыскаларга түһэриилэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: