Тыа сирин ыччата чуҥкуйбат

Share

Арассыыйатааҕы ыччат сойууһа тэрийбит нэһилиэк креативнай эйгэлэрин икки ардыларынааҕы #АРТвСело күрэс  түмүгүнэн Горнайдааҕы кииннэммит библиотечнай ситим кыайыылаахтар ахсааннарыгар киирбитэ.

Куонкурус РФ бэрэсидьиэнин култуурунай көҕүлээһиннэрин пуондатын өйөбүлүнэн ыытыллыбыта. Уопсайа 26 эрэгийиэнтэн 70 сайаапка киирбититтэн, өрөспүүбүлүкэттэн соҕотох кыайыылаах аатын ылан, үөрүүбүт муҥура суох.

Ол курдук, күрэс кыайыылаахтара айарга-тутарга, креативнай эйгэни тэрийэргэ туһааннаах маллары бэлэх тутан, нэһилиэк оҕолоругар, эдэр ыччатыгар араас хабааннаах тэрээһиннэри тэрийэллэр.

П.Д.Аввакумов аатынан киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ «АРТвСело» бырайыак чэрчитинэн, Бэрдьигэстээх нэһилиэгин оҕолоругар уонна эдэр ыччатыгар кэрэҕэ угуйар маастар-кылаастары ыыталлар. Маастар-кылаастарга мас оҥоһуктары быһа сиэтии ньыматынан киэргэтэргэ, акрил кыраасканан эко-суумкаҕа уруһуй түһэрэргэ, пластилинынан ону-маны оҥорорго үөрэнэллэр.

Маннык бырайыактар олоххо киирэн, тыа сирин эдэр ыччатын, оскуола үөрэнээччилэрин кэрэ эйгэтигэр угуйаллар. Иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атааралларыгар, сэргэхсийэллэригэр күүс-көмө буолаллар.

Марина Дашинимаева,

Бэрдьигэстээх, Горнай.

Мария Павлова хаартыскаларга түһэриитэ.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Доруобуйатын туругун билиэн баҕалаах элбиир

Уус Алдан улуустааҕы киин балыыһатыгар “Онкопоиск” скрининг дьаарбаҥката ыытылынна. Дьаарбаҥка чэрчитинэн улуус олохтоохторо доруобуйаларын көрдөрөр…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Аҕыс саастаах оҕо инсуллаабыт

Ямало-Ненецкэй Автономнай уокурукка хирурдар оскуолаҕа инсуллаабыт аҕыс саастаах кыыһы быыһаабыттар. Ити туһунан тустаах уокурук Доруобуйатын…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Угуйугунан мэҥиэлээн, Telegram-ханааллар аккауннарын уораллар

Угуйук угуохпутун баҕарабыт диир дьоҥҥо киирэн биэримэҥ. Түөкүттэр бас билээччилэри эбэтэр администратордары кытта биллэр маркетплейстар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьааҥы улууһугар «Мин биисинэһим» өҥөнү оҥорор кииннэннилэр

Дьааҥы улууһугар Баатаҕайга "Дьоҕус уонна орто урбаан" бырайыагы олоххо киллэриинэн, "Мин биисинэһим" өҥөнү оҥорор киин…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Түүл туоларын нэдиэлэ күнүнэн быһаарыы

Түүл туоларын нэдиэлэ күнүнэн, чааһынан быһааралларын туһунан истибиккит дуо? Онтон Р.И.Бравина "Түүл сахалыы тылдьыта" кинигэтигэр…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хортуон дьааһыгы үрдүнэн ааһан…

Сэттэ саастаах кыыһы эчэтиигэ буруйдаах погрузчик суоппарын холуобунай дьыалата суукка ыытыллыбыт. Дьокуускай куорат борокуратуурата 1972…

2 часа ago