Тыа сирин үлэһит дьахталлара түмүстүлэр

Share

Бүгүн  өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр Тыа сирин дьахталларын норуоттар икки ардыларынааҕы  күнүгэр, Саха АССР уонна СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин 100 сылларыгар, Ийэ сылыгар анаммыт тэрээһин ыытылла турар.

Тыа сирин дьахталларын норуоттар икки ардыларынааҕы күнэ 2008 сыл алтынньы 15 күнүгэр аан бастаан ыытыллыбыта. Тыа сирин туруу үлэһит дьахталларыгар анаммыт бырааһынньык итинтэн ыла сылын аайы бэлиэтэнэр. Өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан түмсүбүт дьахталларга СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Петр Попов дакылааттаата. Кини этэринэн, Арассыыйаҕа 35 мөл үлэлээх дьахталлартан 1,4 мөл тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар. Былырыын ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ 169 тыһ дьахтар тыа сиригэр олорор, үлэлиир-хамныыр. Ону тэҥэ тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар 2280 дьахтар, ону тэҥэ 122 дьахтар салайааччынан үлэлиирэ бэлиэтэннэ. Быйыл “Агростартап” граныгар 8 дьахтар кыайыылаах буолбута.

Миниистири бастакы солбуйааччы бэлиэтииринэн, 2015-2022 сылларга граҥҥа тиксибит кэрэ аҥаардар ахсааннара Мэҥэ Хаҥаласка элбэх (21). Нам уонна Чурапчы улуустарын үлэһит дьахталлара эмиэ граҥҥа хото тиксибиттэр.

Петр Попов ити курдук тыа сирин уонна тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар дьахталлар үлэлэрин туһунан кылгастык ырытан баран сүрүн тиэмэҕэ киирдэ. Ол курдук, табаары оҥорооччулары көҕүлээн, тас дойдулар сааҥсыйаларын кэмигэр олохтоох бородууксуйаны батарыыга суолу-ииһи тобулуохтаахтарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Маныаха сүөһү, сылгы  этин, аһаҕас груҥҥа үүнэр оҕуруот аһын, хортуоппуйу уонна бурдугу  соҕотуопкалааһын ыытыллар, саҥа мэхэньиисимнэр ыытыллаллар. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн бу сыалга 214 мөл солк. көрүллүбүт.

Маны сэргэ, тыа сирин олохтоохторо “Тыа сирин сирин-уотун кэлимсэ сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагырааматын олоххо киллэрии икки сыл устата көхтөөхтүк ыытылларын бэлиэтииллэр. Маныаха эмиэ тыа  сирин дьахталлара көхтөөхтүк кытталлар. Биллэн турар, тыа сиригэр толору хааччыллыылаах дьиэ-уот Саха сиригэр аҕыйах. Ол иһин үрдүкү салалта Уһук Илин федеральнай уокуругар 2019 сыл таһымынан олорор дьиэни тутууга (атыылаһыыга) гражданнарга социальнай төлөбүрү үбүлээһин кээмэйин чөлүгэр түһэриини туруорсаллар. Ааспыт сылга Саха сиригэр бу соцтөлөбүр кээмэйэ 28 мөл солк. тэҥнэстэ, бу 2019 сыллааҕар 17 төгүл намыһах. 2022 сылга 18,8 мөл солк көрүллэн, социальнай төлөбүрү 11 киһи ылара бигэргэммит.

Петр Иванович салгыы чопчулаабытынан, 2003-2020  сыллар усталарыгар бу социальнай төлөбүр көмөтүнэн 381 тыһ. кв. м. олорор дьиэ үлэҕэ киирбит.

“Тыа сирин сирин-уотун кэлимсэ сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагырааматыгар тыа сирин инфраструктуратын сайыннарыы хос бырагырааматыгар үгүөрү үп көрүллэр. Онон 13 муниципальнай оройуоҥҥа 30 бырайыагы олоххо киллэрбиттэр. Сунтаар улууһун уонна Кэбээйи Лүксүгүн сэлиэнньэлэригэр 12 тыһ. км дьоҕус уу ситимин тутуу түмүктэммит. Ону тэҥэ Бүтэйдээх бөһүөлэгин иһигэр гаас ситимин тардыбыттар.

Петр Попов этэринэн, былрыыҥҥы сыл түмүгүнэн хапытаалынай тутуу 12 эбийиэгэ (Хаҥалас уонна Өлөөн улуустарыгар 2 уһуйаан, Чурапчы улууһугар оскуола-сад, Сунтаар улууһугар успуорт-чэбдигирдии комплекса, Горнай улууһугар канализация-ыраастыыр тутуу уо.д.а.) үлэҕэ киирбит.

Кини салгыы бу кэлимсэ сайыннарыыга туох былааннаммытын кэпсээтэ. Быһата, 2023 сылга 242 мөл солк. Амма улууһун Михайловка сэл. Норуот айымньытын дьиэтин уонна Алтаҥҥа 100 миэстэлээх Култуура дьиэтин тутуута көрүллүбүт.

Ити курдук, ситиһиилэргэ уонна инники сайдыы былааныгар тохтоон баран,  Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатыгар таһаарыылаах үлэлэринэн биллибит дьахталлары үтүө тылынан аҕынна уонна истиҥник махтанна.

Салгыы тэрээһин чэрчитинэн тыа сирин ураты дьарыктаах дьахталлара бэйэлэрин уопуттарын үллэһиннилэр.

Хаартыскаҕа: түмсүү кэмигэр

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Үөһээ Халымаҕа бокуонньук суоппар гарааһын халаабыттар

Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

11 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

12 часов ago