Салгыы
Тыа сириттэн көһүү, оттон төттөрү төннүү…

Тыа сириттэн көһүү, оттон төттөрү төннүү…

22.09.2024, 10:00
СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:

Тыа сириттэн куоракка көһүү бара турарын бары көрө-билэ сылдьабыт. Бастаан хоту улуустар аймаммыттара, оттон билигин ол хамсааһын хайыы үйэ киин улуустары хапта. Толкуйдуур өттө хайдах буолабыт, дьаһанабыт диэн төбөлөрүн сынньаллар эрээри, дьону күүскүнэн туппаккын. Билиҥҥитэ тыа сиригэр дьону хаалларар кыһалҕа турар, оттон төһө эрэ кэминэн Саха сиригэр дьону хаалларар кыһалҕа үөскээрэй?

Нэһилиэк тыын эбийиэгэ

Нэһилиэк олоҕун оскуола быһаарар тыын эбийиэк диэн этэн кэллибит. Оскуола баар буоллаҕына, дьон олохсуйуо, көһүө суоҕа диэн бу сылларга элбэх таас иккилии этээстээх оскуолалар тутулуннулар. Хомойуох иһин, олох хаамыыта көрдөрөрүнэн, нэһилиэктэргэ оҕо ахсаана аҕыйыы турар. Балаҕан ыйын саҕаланыытыгар социальнай ситимнэргэ быйылгы үөрэх дьылыгар бастакы кылааска киирэр оҕолор ахсааннара улуустарынан тарҕаммыта. Үгүстэр ону курус көстүү диэн ааттаабыттара. Бу саха омук уутуйан олорор улуустара буолаллар.

Холобур, Таатта улууһугар:

Тыараһа орто оскуолата — 10 оҕо;

Тыараһа интэринээт оскуолата — 4 оҕо;

Чөркөөх — 7 оҕо;

Даайа Аммата — 3 оҕо;

Боробул — 8 оҕо;

Туора Күөл — 6 оҕо;

Дэбдиргэ — 12 оҕо;

Баайаҕа — 6 оҕо;

Уус Таатта — 15 оҕо;

Хара Алдан — 3 оҕо;

Уолба — 0

Чымнаайы — 6 оҕо;

Чычымах — 4 оҕо;

Харбалаах — 17 оҕо;

Ытык Күөл лицейэ — 40 оҕо;

Ытык Күөл бастакы оскуолата — 66 оҕо;

Ытык Күөл иккис оскуолата — 35 оҕо.

Мантан көстөрүнэн, Таатта улууһугар маҥнайгы кылааска 242 оҕо үөрэнэ киирбит.

Ньурба улууһун оскуолаларыгар 1 кылааска киирбит оҕолор ахсааннара:

Ньурбатааҕы элбэх хайысхалаах гимназия — 82

Ньурбатааҕы № 2 оскуола — 40

Ньурбатааҕы № 3 оскуола — 32

Убайаан оскуолата — 13

Антоновка — 63

Акана — 1

Дьиикимдэ — 5

Өҥөлдьө — 4

Үөдэй — 1

Дьаархан — 5

Хаҥалас — 6

Киров — 5

Күндээдэ — 9

Маар — 10

Маалыкай — 21

Ньурбачаан — 7

Марха — 5

Малдьаҕар — 5

Сүлэ — 6

Хатыы — 9

Хорула — 12

Чаппанда — 8

Чуукаар — 5

Барыта 354 оҕо оскуолаҕа киирбит.

Кыра кэмпилиэктээх оскуолалар

Саха сиригэр урукку өттүгэр кыра кэмпилиэктээх оскуолалары нэһилиэктэргэ хаалларар туһугар киирсэннэр, баччааҥҥа диэри тыа сирин оскуолалара үлэлии-хамсыы олороллор. Ол да буоллар диирбитигэр тиийэбит, хас үөрэх дьыла саҕаланнаҕын аайы бу оскуолаҕа оччо учуутал тиийбэт, бачча эрэ оҕо киирдэ диэн киһи долгуйар сыыппаралара тахса тураллар. Оннооҕор киин улуустар оскуолалара учуутал көрдүүллэр.

Тыа сиригэр үлэлии барар учууталга “Земскэй учуутал” диэн 2 мөл. солк. харчы төлөнөр, арктическай уонна хоту улуустарга 5 сылга дуогабардаһан барар учууталлар биир хостоох толору хааччыллыылаах кыбартыыра сыанатын аҥарын төлөттөрөллөр. Эдэр учууталлар акылааттарыгар эбилик төлөбүр 75%-ҥа диэри улаатта. 35 саастарыгар диэри улууска дуогабардаһан үлэлии барар учууталга 3 акылаат кээмэйдээх аадырыстаах көмө бэриллэр. Онон көмө суох буолбатах. Ол аата төһө эмэ үлэлиир-үөрэнэр усулуобуйа баарын үрдүнэн оҕо да, учуутал да аҕыйыы турар эбит.

Биричиинэ куорат дьиэтигэр дуо?

Кэлиҥҥи сылларга араас чэпчэтиилээх, сүрүннээн Уһук Илиҥҥи ипотека киирэн, удамыр сыанаҕа Дьокуускайга кыбартыыра ылар судургутуйда. Үгүс саха дьоно ити түгэни мүччү туппакка дьиэ ыллылар, ылан баран хайыаххыный? Көһөн кэлэргэр тиийэҕин, куорат ыала буолаҕын. Оҕо нэһилиэк оскуолатыттан бардаҕа ол. Төрөппүт да оҕото киэҥ сайдыылаах сиргэ үөрэниэн баҕарарын ким да хааччахтыыр кыаҕа суох. Онон ити урбанизация дэнэр аан дойдутааҕы тенденцияны тохтоппоккун.

Тыа хаһаайыстыбатыгар эрэннэххэ…

Тыа сирин сылгыны-сүөһүнү иитэр дьон тутан тураллар диэн этии эмиэ баар. Быйылгы сыл туругунан тыа хаһаайыстыбатынан 2622 бааһынай-фермерскэй хаһаайыстыбалар уонна биирдиилээн урбаанньыттар дьарыктаналлар. Бу дьон саастара төһөнүй, эдэр, орто көлүөнэ дьон төһө элбэхтэрий? Дьиҥэр, судаарыстыба, өрөспүүбүлүкэбит өттүттэн көмө баар, ону атын эрэгийиэннэр да соһуйан бэлиэтииллэр. Арай “уу анныгар сытар таас” быһыытынан бөһүөлэктэн чугас оттуур сир-уот аҕыйаҕын, уматык сыанатын, сүөһүҥ этин батарыыта кыһалҕалара тахса турар.

Бу сайын Бааһынай ырыынагар биир атыылааччы этэн турар: “Сыанаҕыт үрдүк диэн дьон биһигини үөҕэн ааһар. Оттон эти туттарааччы үрдүгүнэн биэрэрин кэннэ, хайдах үрдүө суоҕай. Биһиги эмиэ аһыахпытын, турар миэстэбитин төлүөхпүтүн наада”.

Соторутааҕыта социальнай ситимҥэ баайтаһын ынахтарын этин атыылыыр киһи ким да ылбатыттан санаарҕаабыта баар этэ. Ону атын ааҕааччылар эдэр дьон эти эрийэн ас оҥостубаттар, барытын маҕаһыынтан атыылаһаллар диэбиттэр этэ. Дьэ ситинник, сыанаҥ ыарахан буоллаҕына, дьон ылбат. Куурусса да, сибиинньэ да этин маҕаһыынтан атыылаһан олоруохпут дииллэр.

Тыа сиригэр дьону олохсутарга туох чэпчэтии баарый?

“Тыа сирин кэлимник сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн тыа сиригэр олорор дьон дьиэлэрин-уоттарын тупсаралларыгар икки тэрээһин баар:

Дьиэ тутуутугар социальнай төлөбүр.

Манна дьиэ туттааччы агробырамыысыланнай кэмпилиэккэ, социальнай эйгэҕэ үлэлиир, бэтэринээрдиир, ойуур хаһаайыстыбатыгар, быһата тыа сирин үлэтин кытта быстыспат ситимнээх буолуохтаах.

Биллэн турар, чэпчэтиини ыларга ирдэбил элбэх. Ол эрээри 2020 сылтан дьиэ тутуутугар федеральнай бүддьүөт биэрэр үбэ аччаан иһэрэ көстөр. Ол курдук, 2020 сыллаахха 56 киһиэхэ, 2021 с. — 20 киһиэхэ, 2022 с. — 11 киһиэхэ, 2023 с. — 36 киһиэхэ, 2024 с. — 4 киһиэхэ бэриллибит.

Муниципальнай тэриллиилэргэ дьиэ туталларыгар (атыылаһалларыгар) субсидия бэриллэр, ону дьоҥҥо олорор дьиэни наймылаһыы дуогабарынан бэриллэр.

Дьиҥэр, саха киһитэ тыа сириттэн аккаастаммат, төрөөбүт буора, ыыра тарда турар. Үгүс дьон үлэлээн бүтэн баран, дойдуларыгар тахсан дьиэ туттан олохсуйаллар. Онон оскуоланы нэһилиэк тыын тэрилтэтин быһыытынан көрөрү тохтотон, наһаа аймаммакка, уһуну-киэҥи санаан көрдөххө, тыа сиригэр туох хартыына тахсан кэлэрий? Биллэн турар, улахан бөһүөлэктэр оннуларынан хаалыахтара, дьон көһөн кэлиитинэн өссө улаатыахтарын сөп.

Кыра нэһилиэктэргэ, сүрүннээн, биэнсийэ саастаах үлэлээбэт дьон тахсан олохсуйуоҕа.

Үгүстэр кыһын куоракка кыстыахтара, сайынын сайылык курдук көһөн тахсыахтара. Улахан суол аттыгар олорооччулар толору хааччыллыылаах дьиэлэри туттан, дьоҕус нэһилиэк буолан ньир-бааччы олоруохтарын сөп. Эһиги санааҕытыгар?

Оҕолорбутун үөрэттэрээри

Владимир, элбэх оҕолоох ыал аҕата:

— Тыа сиригэр өр олордубут. Оҕолорбутун үчүгэй үөрэҕинэн хааччыйар инниттэн бастаан утаа нэһилиэктэн улуус киинигэр көспүппүт. Онтон салгыы былырыын Дьокуускайга көһөн кэлбиппит. Оҕолорбут бары куоракка үчүгэйдэр ахсааннарыгар киирэр оскуолаҕа бэркэ үөрэнэ сылдьаллар. Нэһилиэккэ дьиэбит барахсан иччитэх тураахтыыр. Биллэн турар, сыл аайы тиийэн сайылыыбыт, сынньанабыт, дьоммутугар окко көмөлөһөбүт, сир астыыбыт, бултуубут.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: