Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн кэннэ санааларым

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн кэннэ санааларым

05.12.2022, 17:32
Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, 1995-2011 сылларга Үөһээ Бүлүү улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Степан Дмитриев өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн кэннэ санаатын үллэһиннэ.

2022 сылга Саха АССР уонна ол иһигэр Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тэриллибитин 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтибит.  100 сыл анараа өттүгэр сахалар алаастарынан тарҕанан олорбуттара биллэр. Ону таһынан сүрүн аһылыктара эт, үүт буолара эмиэ өйдөнөр. Сэбиэскэй кэмҥэ колхуостар, сопхуостар тэриллэннэр, тыа сиригэр үлэ-хамнас баар уонна сөптөөх хамнаһы аахсар буолан, куоракка талаһыы аҕыйах этэ. Онон саха үксэ тыа оройуоннарыгар олорбута. Сопхуостар нөҥүө үбүлээһин барарынан оскуолалар, дьыссааттар тутуллар этилэр, кинилэр хочуолунайдарын эмиэ сопхуостар оттор этилэр. Бэйэ оскуолата, дьыссаата диэн өйдөбүл баара. Ол саҕана сопхуос үлэһиттэрин оҕолорун көрөөрү дьыссаат,  үөрэтээри оскуола бааллара диэн өйдүүрбүт. 1992 сылга диэри сопхуостарга 309 тыһыынча  үөһү баара. Ити кэмнэргэ кэтэх ыалга ынах сүөһү олох аҕыйах этэ.

1992 сылтан саҕалаан Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин сопхуостары ыһыыны саҕалаабыта. Сопхуостар —  «советские хозяйства» диэн этилэр, онон ити ааттарыттан даҕаны сылтаан, кинилэри ыһыыны саҕалаабыт буолуохтарын сөп. Ол кэннэ кэллэктиибинэй хаһаайыстыбалар диэн аатырбыппыт, онтон салгыы бааһынай хаһаайыстыбаларынан тарҕаһан, паай үллэстэн сүөһүнэн, сылгынан ыһыахтаммыппыт, сылгыларбыт, ынахтарбыт УАЗ массыынаҕа кубулуйан сүүрбүттэрэ. Урут оройкуомҥа, райсэбиэккэ, сопхуос дириэктэрдэригэр эрэ УАЗ кэнники сылларга баар буоллахтарына, 100-нэн ааҕыллар УАЗ массыыналар сопхуостар ыһыллыыларыгар баар буола түспүттэрэ.

Сылгыны сыһыы муҥунан сырсан охтортообуппут, элбэх сүөһү сүүһэ тыаһаабыта. Пищепром диэн тэрилтэ баара эстэн, арыы собуоттара сабыллыбыттара. Онон 100 сыл устата барыта сөпкө дьаһанан олорбуппут диэн ким даҕаны этиэ суоҕа. Бааһынай буолбут барыта байбатаҕа, сүөһүтүн, сылгытын элбэппэтэҕэ. Ол эрээри, чахчы тулуурдаах эрэ дьон баар буолан өссө сылгы, ынах  эстибэккэ хаалбыта диэххэ сөп. Үгүс дьон үчүгэй олоҕу батыһан куораты булбуттара, онно дьиэ-уот тэринээри ынахтарын төрүт эспиттэрэ эмиэ тыа сиригэр сүөһү аҕыйыырыгар төрүөт буолбута чахчы.

Сопхуостар сири бас билэр этилэр. Кэлин ыһыллыы кэннэ дууһа сирэ диэн 1-1,5 гектарынан сүөһүлээҕиттэн, сылгылааҕыттан тутулуга суох дьоҥҥо түҥэппиттэрэ, оскуола, балыыһа атын даҕаны тэрилтэлэр үлэһиттэрэ да буоллун,  билигин даҕаны ол баар боппуруос, ким да сирин былдьаан, сүөһүлээх, сылгылаах дьонҥо  биэрэри сокуон бобор. Кинилэр ол сирдэрин сүөһүлээх, сылгылаах дьонҥо 30-50 %-ҥа  уларсан, ол сир туһаныллыбыт аатырар. Манан сибээстээн элбэх даҕаны сылгыны, ынаҕы тутар баҕалаах бааһынай-пиэрмэр хаһаайыстыбата сир тиийбэтинэн сайдар, кэҥиир кыаҕа тиийбэт. Дьиҥэр, боростуой даҕаны өйдөбүлгэ учуутал оҕону үөрэтиэхтээх, уһуйаан үлэһитэ оҕону иитиэхтээх, атын бүддьүөттэн хамнастанар дьон хамнастара улахан буоллаҕына, кинилэргэ тыа сирин дьоно үүттэрин, эттэрин батарыахтаахтар.

Оннук курдук оскуола, уһуйаан, балыыһа аһылыгар эт-үүт бородууксуйатынан тыа эрэ хаһаайыстыбаларын тэрилтэлэрин, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатын үүтү-эти тутар тэрилтэлэриттэн эрэ атыылаһан, бу бүддьүөт тэрилтэлэрэ хааччыллыахтаахтар.

“Элгээйи үүтүн-этин кэмбинээтэ”

Бу манна Сунтаар улууһун  “Элгээйи  үүтүн-этин кэмбинээтэ” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэни  (сал. Акимов Прокопий Степанович) холобурдуубун. Бу тэрилтэ 5 нэһилиэги, 3 соҕотуопка тэрилтэтин холбоон, агрохолдинг курдук үлэлиир. Тэрилтэ счетугар өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ “возмещение затрат сырой части молока” биэрэр үүт субсидията түспэт эбит. Кини үүт туттарбыт дьонугар биир киилэтигэр 10 солкуобайынан квитанция таһааран төлөһөр эбит. Тыа хаһаайыстыбатын управлениета  «Элгээйи үүтүн — этин кэмбинээтэ» үүт туппут квитанциятыгар олоҕуран, субсидиятын харчытын үүт туттарбыт дьонҥо быһа ыытан төлөһөр эбит.

Бу тэрилтэ барыта 1 тыһыынча 200 туонна үүтү соҕотуопкалыыр. Дьиҥэр, өрөспүүбүлүкэ соҕотуопкатын бары тэрилтэлэрэ бу «Элгээйи үүтүн — кэмбинээтин» курдук үлэлиэхтээхтэр, ол эбэтэр үүт субсидията онон-манан эргийбэккэ, тыа хаһаайыстыбатын управлениетыттан быһа үүт туттарааччыга барыахтаах. Аны бу кэпсиир тэрилтэм 7 маҕаһыыннаах, 4 бэкээринэлээх, кондитерскай, вермишель оҥорор сыахтардаах. Өссө халбаһыны оҥороллор.

Бу тэрилтэлэри дохуотун эрэ суотугар тутан олорор. Үүт субсидията тэрилтэ счетугар кэлбэтинэн, ону эргитэн туһаммата кимиэхэ баҕар өйдөнөр. Өскөтүн маннык тэрилтэлэри бүддьүөт өттүттэн өйөөн оскуола, оҕо тэрилтэтин, балыыһа аһыыр астарын хааччыйарыгар сакаас биэрэн көмөлөһөр буоллар, үчүгэй буолуо этэ. Биир бэйэм 1995-2011 сылларга  Үөһээ Бүлүү улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыгынан үлэлээбит буолан, Прокопий Степанович Акимовы ол кэмнэртэн билэбин, кини 1994 сылтан соҕотуопка тиһигэр үлэлиирин таһынан, сэбиэскэй систиэмэ дириҥник иҥмит буолан өйдөһөбүт.

Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев 2021 сыллаахха кэтэх ыалы өйөөн, олох табыгастаах мэхэньиисими киллэрбитэ. Кэтэх ыал ыанар ынаҕын төбөтүгэр 35 тыһыынча солкуобай субсидия биэрэн, бастакытынан, тыа сиригэр ыанар ынахтаах ыал элбэх сыл кэнниттэн бары судаарыстыба көмөтүн тутан үөрдүлэр, туһаннылар.

Иккиһинэн, ыанар ынах төбөтө харыстанна, эбиллиигэ барда. СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ үүт-эт эбиллиитигэр нэһилиэктэргэ үчүгэй үрдүк хааннаах боруода эдэр оҕустары ылан биэриигэ улахан болҕомтотун ууруохтаах. Эбэтэр ынаҕы искусственнай буоһатыыны бэтэринээрдэргэ  сыһыаран, эбии хамнас төлөөн, сүөһү боруодатын тупсарыыга үлэни ыытыахтаах. Оччоҕо эрэ элбэх үүт-эт баар буолар төрдө оҥоһуллуо этэ.

Сэбиэскэй кэмҥэ интенсивнэй уотуунан эмиэ үчүгэйдик дьарыктана сылдьыбыт кэмнэрдээх этибит. Бэйэ халбаһыытын эмиэ оҥоруохха сөп. Сэбиэскэй кэмҥэ Үөһээ Бүлүүгэ Райпотребсойуус салайааччыта Христина Никитична  Иванова тэрийэн “Фокушор” кэпэрэтиип диэн халбаһы оҥорор тэрилтэ үлэлээбитэ, Наниев диэн киһи үлэлэтэн халбаһы оҥорбута, ол кэмҥэ улахан сонун буолбута. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үлэһиттэрин кытта кэпсэттэхпинэ, 2023 сылга, быһа барыллаан, 184 тыһыынча ынах сүөһү, ол иһигэр 74 тыһыынча ыанар ынах баар буолуон сөп дииллэр.

Мантан көстөрүнэн, 2020 сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 70 тыһыынча ыанар ынах баар буоллаҕына, 2023 сылга 74 тыһыынчаҕа тиийдэҕинэ, Ил Дархан Айсен Николаев кэтэх ыалы өйүүр мэхэньиисимэ сөптөөҕүн көрдөрөр. 2023 сылга төбө субсидията 37 тыһыынча буолла. 2022 сылга тыа хаһаайыстыбатыгар 12 миллиартан ордук  үбүлээһин көрүллүбүт буоллаҕына, 2023 сылга 2 миллиард 600 мөлүйүөн солк. эбиллэн, 14 миллиард 200 мөлүйүөн буолла.

Тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллүбүт эбиллиини сөпкө туһанан, тыа сирин үлэһит дьонугар быһа тиийиитин Сунтаар «Элгээйи үүт-эт кэмбинээтин» салайааччыта Акимов П.С. курдук дьаһанан үлэлээтэххэ, көрүллүбүт үбүлээһини харчы эрэ эбиллибитин курдук көрбөккө, тыа сирин дьонугар тиийэн, дохуот буолан, тыа сирэ социальнай өттүнэн туруктаах буоларын курдук үлэни-хамнаһы тэрийдэхпитинэ, өбүгэбититтэн илдьэ кэлбит төрүт дьарыкпытын — сүөһүбүтүн, сылгыбытын харыстаан, урааҥхай сахалар бааллар дэтиэхпит.  Ол инниттэн тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир элбэх сүөһүлээх, үүтү, эти оҥорор баҕалаах, сыаллаах-соруктаах эдэр салайааччылаах бааһынай-пиэрмэр хаһаайыстыбаларын тустаах министиэристибэ ойуччу тутан өйүөн наада. Тоҕо диэтэххэ, ынах сүөһү үксэ сэбиэскэй кэмтэн баар сүөһү көрөөччүлэргэ турар, бу дьоммут доруобуйаларын туругунан сүөһүлэрин аччатан, эһэр даҕаны түгэннэрэ баар суол. Онно солбук хайаан даҕаны наада.

Түмүккэ тыа сирин социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн туруктаах буоларыгар өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн саҕалаан, тыа нэһилиэктэрин салалтатыгар тиийэ хаһаайынныы ылсан үлэлээтэхпитинэ эрэ, дьиҥнээх үчүгэй түмүктэр баар буолуохтара.

Дмитриев С.И., Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, 1995-2011 сылларга Үөһээ Бүлүү улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта.

Хаартыска: СИА-тан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: