Салгыы
Тыараһаҕа Өксөкүлээх Өлөксөй искибиэрэ аһылынна

Тыараһаҕа Өксөкүлээх Өлөксөй искибиэрэ аһылынна

Ааптар:
13.10.2022, 18:15
Бөлөххө киир:

Алтынньы 6 күнүгэр айар тыл аҕата, саха норуотун духуобунай лиидэрэ, бөдөҥ общественнай деятель, төрүт өбүгэ култууратын, устуоруйатын чинчийээччи, наука сайдыытыгар бастакы саҕахтары арыйбыт учуонай А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылынан Тыараһа нэһилиэгэр искибиэр үөрүүлээх аһыллыыта буолан ааста.

Куонааскы Ньукулай олох мындырыгар үөрэппит бэлиэтэ,

Оҕо киһи улаатан, норуот билиниитин ылбыт өйдөбүнньүгэ.

Раиса Реасовна Кулаковская.

Суруйааччы сиэнэ Людмила Реасовна Кулаковская 2012 с. Тыараһа нэһилиэгэр кыраайы үөрэтээччилэри, аймах-билэ дьонун кытары көрсөн, алаастарынан сылдьан, бэдэрээлинэй суол кытыытыгар Өксөкүлээх Өлөксөйгө аналлаах өйдөбүнньүк бэлиэ турара буоллар диэн баҕа санаатын биллэрбитэ. Тыараһа баһылыга П.П. Турнин нэһилиэк кыраайы үөрэтээччилэрин кытары ыкса ситимнээхтик үлэлэһэн, Сергей Федорович Кладкин утумнаахтык ахтыылары хомуйан, киэҥ хабааннаах үлэ ыытыллыбыта.

Сергей Федорович түбүктээх үлэтин түмүгэр искибиэр мэҥэ тааһын оннугар Куонааскы Ньукулай балаҕана турбута чуолкайданан, суруйааччы олоҕун биир кэрдиис кэмэ киэҥ эйгэҕэ билиннэ. Алексей Кулаковскай 9 сааһыгар диэри Тыараһаҕа эһэтэ Николай Алексеевич — Куонааскы Ньукулайга уонна  эбэтэ Ирина Алексеевна Собакиннарга иитиллибит кэмигэр саха буолан сандаарар, киһи буолан килбэйэр олуга ууруллубута, түөрэҕэ түспүтэ. Бырайыак ааптара Л.Н. Турнин аатынан түмэл сэбиэдиссэйэ Светлана Николаевна Собакина оскуола учууталларын, үтүө сүбэһиттэрин кытары өрөспүүбүлүкэтээҕи учууталлар педагогическай дьаарбаҥкаларыгар ситиһиилээхтик кыттыбыта. Үлэ ис хоһооно кэҥээн, СӨ Ил Дархана олохтообут гражданскай уопсастыба сайдыыта хайысхаҕа «Истоки жизненного пути Кулаковского из Тыарасинского наслега» граҥҥа кыттан, 500 тыһ. солк. тахса өйөбүлү ылары ситиспиттэрэ. Саха саарына тэлэһийбит түөлбэтигэр биир дойдулаахтара, Өлөөһө сыдьааннара, Кулаковскайдар уруу-аймах дьон сомоҕолоһо түһэн, үп-харчы хомуйан саҕалаабыттара, Дьокуускай куорат Аҕа баһылыга Е.Н. Григорьев, Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы В.В.Аржаков көмөлөрүнэн, Харбалаахтааҕы «Төлөн» промышленнай чох тэрилтэтэ (дириэктэр П.Д. Рахлеев), «Тааттаавтодор» (ген. дириэктэр И.И. Бочонин), «Монтажник» производственнай кээпэрэтиип (бэрэссэдээтэл А.М. Ханин) о.д.а. улуус улахан тэрилтэлэрэ өйөбүл-тирэх буолан, ытык киһибит аатын үрдүктүк тутан, Арассыыйа биир бөдөҥ Магадааннааҕы «Сусуманзолото» бырамыысалыннас хампаанньата 1 мөл. солк. үбүлээн (ген. дириэктэр О.В. Косолапов) биир санаанан салайтаран, искибиэр олоххо киирэн, силигэ ситтэ.
Өйдөбүнньүк бэлиэ аһыллыытын үөрүүлээх күнүгэр сиэннэрэ СӨ уонна Арассыыйа бэдэрээссийэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Доҕордоһуу» түмэлин генеральнай дириэктэрэ Раиса Реасовна, Арассыыйа бэдэрээссийэтин үөрэҕириитин туйгуна, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ Рива Реасовна Кулаковскаялар, Дьокуускай куорат Аҕа баһылыга Е.Н. Григорьев, педагогическай наука кандидата, ХИФУ иһинэн А.Е. Кулаковскай үнүстүтүүтүн старшай научнай сотруднига С.Д. Дарбасова, Таатта улууһун баһылыга М.М. Соров, улуус мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ В.А. Охотин, нэһилиэк баһылыктара, эдэр ыччаты бырамыысалыннаска сирдиир «navaxtu.ru» бырайыак салайааччыта, СӨ Хотугу сири уонна Арктиканы бигэтик сайыннарыы көмө пуондатын дириэктэрэ П.П. Чехордун, ыраахтан-чугастан Өлөөһө сыдьааннара, нэһилиэк олохтоохторо ыалдьыттаан, устуоруйа биир түгэнин туоһутунан буоллулар.

Өлөөһө сыдьааннара, Арассыыйа худуоһунньуктарын чилиэнэ, скульптор Николай Дмитриевич, быраата Егор Гаврильевич Огонеровтар, Новокузнецкай куораттан истиҥ доҕордоро Андрей Кулибин өйдөбүнньүк бэлиэни оҥорорго тута ылсан, оҥкулун толкуйдаан, үлэлэспитинэн барбыттара. Туох барыта оҕо саастан саҕаланар… Өйдөбүнньүк пааматынньыкка эһэтэ Куонааскы Ньукулай аттыгар Алексей Кулаковскай оҕо эрдэҕинээҕитэ ойууламмыт. Сырдыгы тарҕатааччы Өлөксөй уол символ быһыытынан кинигэни түөһүгэр сыһыары тутан, эһэтин сүбэтин болҕомтолоохтук истэ турара элбэҕи кэпсиир. Бастыҥ маастардар Кулаковскайдар төрүччүлэрин үөрэтэн, хаартысканан чинчийэн, эһэлээх сиэн уобарастарын кэрэхсэбиллээхтик чочуйбуттар.

Өйдөбүнньүк бэлиэ олох сайдыытын кытары тэҥҥэ хаамсан, аныгы ньыманан оҥоһуллан, боруонса кыырпаҕынан дуйдаммыт үйэлээх өйдөбүнньүгүнэн буолла. Дмитрий Васильевич Давыдов — баай Дабыыдап сиэнэ, СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев сүбэһитэ Виктория Николаевна Будникова А.Е. Кулаковскай улуу нуучча суруйааччытыгар сүгүрүйэрин бэлиэтээн, үчүгэй эйгэни үөскэтэр диэн үтүө сүбэтин тутуһан, искибиэргэ А.С. Пушкин ыскамыайкалара туруорулуннулар.

Өбүгэ сиэринэн Үрдүкү Айыыларга сүгүрүйэн, дьоһун күн алгыһын Сергей Федорович Кладкин иилээн-саҕалаан ыытта. Саргылаах күн Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Таатта улууһун өрөгөйүн ырыатынан доҕуһуолланна.

Үөрүүлээх быһыыга-майгыга СӨ уонна Арассыыйа бэдэрээссийэтин норуотун маастара У.В. Матвееваҕа култуурунай нэһилиэстибэни үйэтитиигэ кылаатын иһин «Таатта улууһа муниципальнай бэлиэ» туттарылынна. Култуурунай нэһилиэстибэни үйэтитиигэ кылааттарын иһин Л.Н. Турнин аатынан түмэл сэбиэдиссэйэ С.Н. Собакина, п.н.к., СӨ үөрэҕириитин туйгуна Е.П. Чехордуна, скульптор Н.Д. Огонеров, Тыараһа нэһилиэгин баһылыга П.П. Турнин, А.Е. Кулаковскай үнүстүтүүтүн старшай научнай сотруднига С.Д. Дарбасова, кыраайы үөрэтээччи С.Ф. Кладкин Таатта улууһун баһылыгын бочуотунай грамотатынан наҕараадаланнылар. Искибиэр тутуутугар кылааттарын иһин Е.Г. Огонеров, Дьокуускай куорат 21 №-дээх оскуола учуутала, кыраайы үөрэтээччилэр уопсастыбаларын чилиэнэ Н.Н. Жерготов, англия тылыгар тылбаастаабыт Г.Г. Огонеров, СӨ Хотугу сири уонна Арктиканы бигэтик сайыннарыы көмө пуондатын дириэктэрэ П.П. Чехордун, Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы В.В. Аржаков улуус баһылыгын махтал суругунан, М.Н. Турнин аатынан орто оскуола учуутала Р.Н. Егорова улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин бочуотунай грамотатынан наҕараадаланнылар.

П.П. Чехордун партнера Магадааннааҕы «Сусуманзолото» бырамыысалыннас хампаанньатын генеральнай дириэктэрэ Олег Вениаминович Косолапов саха норуотун чулуу суруйааччытыгар «Культурное наследие и влияние творчества великого сына народа Якутии, основоположника якутской литературы А.Е. Кулаковского простирается далеко за пределами Республики. Его наследие не только в литературе, но в экологии, социологии, естествознании и этнографии переведены на русский, английский, французский, немецкий и многие другие языки мира. И я от лица «Сусуманзолото» одного из крупнейших из золотодобывающей компании России отдаем в дань уважения из Магаданской области Великому человеку исследователю Арктики и Дальнего Востока. Я хотел бы высказать слова благодарности всем жителям села Кыйы и особенно Главе Турнину П.П., который инициировал создание этого памятника. Это инициатива является поистине народной и мы очень рады внести скромный вклад в это воистине историческое событие. Историческое событие не только в Таттинском районе, но и для всей Якутии, для будущих поколений. Мы должны сделать все, что от нас зависит, чтобы традиции, культуры и языки сохранялись, а имена великих сынов Якутии чествовались, чтобы все их помнили, знали ведь «без знания прошлого нет будущего». Я в скором будущем обязательно приеду лично в ваше село и в знак большого уважения А.Е. Кулаковскому» дириҥ махталын тиэртэ.

Өлөөһө сыдьаана Чурапчы Мугудайыттан төрүттээх Вячеслав Хон чугас аймахтар дэлэгээссийэлэрин аатыттан, хаан уруу дьонун кытта билсэ-көрсө ыалдьыттыы кэлбититтэн кынаттанан, «Өлөөһөлөргө» анаммыт хоһоонун бэлэх уунна:

… Бөлүһүөк убайбыт ытык аатыгар

Айхаллаах саҥаны этэммит,

Ааһыаҕа бүгү күн

Кэм кэрдии сиэринэн

Сүрэххэ хаалларыа эркээйи сырдыгы,

Өлөөһө ыччаты сирдиэҕэ бу түгэн

Дууһалыын талаһар олохпут кырдьыгар,

Дьон-норуот туһугар олоҕу анааһын

Төрөөбүт дойдуну ис куттан таптааһын.

Өксөкү дабайар үрдүгэр дьулуһуу

Бу буолар дьоро күн ыйыылаах кырдьыга

Саханы арчылыыр улуукан аатыгар

Бар дьоммут иннигэр иэстээхтик сананан,

Олохпут оҥкулун тутуохха, айыахха,

Сүрэхпит кутаатын дойдуга аныахха.

Норуот күүһүнэн тутуллубут Өксөкүлээх Өлөксөй искибиэрин үөрүүлээх аһыллыыта саха аймахха элбэҕи кэрэһэлиир үйэлээх өйдөбүнньүгү бэлэхтээтэ. Бэлиэ күн баҕа санаа бастыҥа этилиннэ, истиҥ махтал тыллара ананнылар.

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев ыйааҕынан 2023-2027 сс. Өксөкүлээх Өлөксөй сылынан биллэриллибитэ. Саҕалааһын үлэ чэрчитинэн тэрээһин иккис түһүмэҕэ «Өксөкүлээх үөрэҕэ» иитэр-үөрэтэр эйгэ кэнсиэпсийэтин билиһиннэрэр сыаллаах төгүрүк остуол ыытылынна. Оскуола кэллэктиибэ оҕо кыра сааһыттан А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй баай нэһилиэстибэтин иҥэрэр сыаллаах иитии кэнсиэпсийэтин киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрдилэр.

Раиса Реасовна Кулаковская СӨ Национальнай архыыбын үлэһиттэрин кытта таһаарбыт эһэтин туһунан «Сэйимчээннээҕи дневнигин» нэһилиэк библиотекатыгар бэлэх уунна. Светлана Дарбасова А.Е. Кулаковскай тоҕус туомнаах хомуурунньугун 2-с туомун, «Труды по якутскому языку» диэн тылга үлэлэрин, Тыараһаттан төрүттээх, Өлөөһө сыдьаана Д.Д. Собакин кинигэлэрин оскуола, нэһилиэк библиотекаларыгар бэлэхтээтэ.

Соҕотох саха саарына — А.Е. Кулаковскай бүтүн норуоту түмэр күүһүн толору туоһулуур тэрээһин үгүс ыалдьыт сүргэтин көтөхтө. Кини сырдык аата үйэлэри уҥуордаан ааттана турдун, баай нэһилиэстибэтин иитэр эйгэтэ кэҥээн истин!

Медиа материалы бэлэмнээтэ Андрей Тимофеев.
«Таатта» хаһыат, Улуус.медиа

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 80% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: