Тыатааҕы пасеканы урусхаллаабыт
Ньурба улууһугар эһэ Саввиновтар пасекаларын урусхаллаабыт, минньигэс мүөтү сиэбит. Эко-пасека Хаҥалас сэлиэнньэтиттэн 6-7 килэмиэтирдээх сиргэ баар. Тыатааҕы мүөттээх ыҥырыалар дьиэлэрин тоҕута сынньыбыт, алдьаппыт.
— Кэргэммин кытта 11 сыл устата мүөттээх ыҥырыалары иитэбит. Бу сирбитин «Уһук Илин гектаара» бырагырааманан ылбыппыт. Бу пасека сайын устата 200 киилэ мүөтү биэрэр кыахтаах этэ, онон улахан ороскуоту көрүстүбүт. Тоҕус дьиэ кэргэнтэн, үһүн эрэ быыһаатыбыт. Ыҥырыалар эрэйдээхтэр дьиэлэрин муннугар симиллибиттэр. Арааһа, Ийэ хотуннара тыыннаах хаалан, урусхаллыыр кэмигэр көтөн, куотан хаалбатахтар. Кинилэри дьиэбитигэр аҕалан, чөлгө түһэрэ сатыыбыт. Бу кыстаабыт дьиэ кэргэттэр этэ, кинилэр быдан сыаналаахтар. Хата, атын сиргэ өссө икки пасекалаахпыт, — диэн пасека хаһаайката Дайаана Сайдам СИА-ҕа кэпсээтэ.
— Оҕолоох эһэ дииллэр. Биһигиттэн Үөһээ Бүлүү чугас буолан, арааһа, баһаартан куотан кэллэхтэрэ. Билигин «электропастух» диэн тэрили атыылаһар туһунан толкуйга түстүбүт, манныгы Канадаҕа киэҥник туһаналлар. Бу тэрил пасекаҕа чугаһаабыт тыа кыылларын кыра уотунан охсон, куоттарар, — диэн пасека хаһаайката кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: