Тыатааҕы тыатааҕыны сиэбит дуо?
Бүгүн эмиэ биир дьикти сонун социальнай ситимнэринэн тарҕанна. Ол курдук, Үөһээ Бүлүү улууһугар Туобуйаттан 5 км, суолтан 1,2 км ыраах сиргэ тыатааҕы тыатааҕыны сиэбитин булбуттарын туһунан. Күн-дьыла балаҕан ыйын 21 күнүгэр диэн ыйыллыбыт.
Олохтоох дьаһалта баһылыга Гаврил Лазаревтан ыйыталаспыппытыгар олохтоох оскуола учуутала Алексей Алексеевич Абрамов суругун ыытта.
“Төһө да адьырҕатын иһин, билигин эһэлэр тутуспаттар. От ыйын саҕаланыыта, Бөтүрүөп саҕана сүүлүн кэмигэр, дьэ, онно, тутуһан сиэһэллэр. Эһэ ол иһин наһаа үөскээбэт. Бу эһэ улахана сүрдээх дии. Төбөтө, баппаҕайа, аарыма кыыл киэнэ. Мээнэ кыылга кыайтарбат кырдьаҕас быһыылаах. Туохтан эрэ эчэйэн, өлөн сытыйбытын кэннэ сиэбит быһыыта. Эһэ сибиэһэй эти сиэбэт, бултаабытын да иһин, көмөн, олох сытытан баран сиир».
Дьэ, туһугар эмиэ дьикти эбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: