СҮБЭҺИТ: Тыатааҕыны көрүстэххэ…

Share

Кэлиҥҥи сылларга ойуур баһаардарыттан, халаан уутуттан сылтаан тыатааҕылар нэһилиэнньэлээх пууннарга аһары чугаһыыр буолбуттарын социальнай ситимҥэ тарҕанар видеолар, хаартыскалар туоһулууллар. Маныаха тыаҕа, толооҥҥо бөхпүтүн кутан, айылҕабытын сыбаалкаҕа кубулутан, тыа кыыла дьонтон куттаммакка чугаһыыр буолбута сэрэхэдитэр.

Дьоҥҥо саба түспүт түгэннэрэ

Урукку сылларга тыа кыыллара, чуолаан тыатааҕы, дьонноох-сэргэлээх сиртэн кыраҕыйар, алтыһа сатаабат буолара. Билигин айан дьоно тыа кыылын суолга аһатар буолуохтарыттан, булчуттар этэллэринэн, тыа кыыла эмиэ бэлэми аһыырга үөрэммитин, кини эмиэ сонордоһон, бултаан эрэйдэниэн баҕарбат буолбутун бэлиэтииллэр. Ол түмүгэр адьырҕа кыыллар дьиэ кыылыгар, дьоҥҥо-сэргэҕэ саба да түһүөхтэрин сөп.

Бу соторутааҕыта Таатта улууһун Уолбатыгар обургу тыатааҕы нэһилиэктэн үс км чугас сылдьар видеота тарҕаммыта. Бэлиэтээн суруйдахха, халлаан сылыйыыта үгүс киһи сатыы эбэтэр бэлэсипиэтинэн сылдьар. Оскуола оҕолоро, ыччат дьон айылҕаҕа тахсан похуоттуур, сынньанар. Куттал суоһуу илигинэ, уолбалар сэрэтэр үлэни эрдэттэн тэрийэн, кыылы бултаабыттара. Оттон Алданныыр айан суолугар тыатааҕылар суолга тахсан, ааһар тиэхиньикэлэртэн куттаммакка, холкутук хаамаллара эмиэ дьиксиннэрэр. Былырыын Горнай улууһугар тыатааҕы сайылыкка сылдьар дьахтарга, ону сэргэ Хаҥалас Хачыкаатыгар кэргэнин кытта тыаҕа сир астыы сылдьар дьахтарга саба түһэн эчэппит ынырык сурахтара тарҕаммыттара. Бу барыта туохтан тахсарый? Нэһилиэнньэлээх пуунтан чугас тыатааҕыны көрүстэххэ, хайдах быһыыланабыт? Биһиги бултуур бырааптаахпыт дуо? Хаһан видеоҕа эбэтэр хаартыскаҕа түһэрэн нэһилиэк дьаһалтатыгар ыытыахпытыгар диэри саба түһүө суоҕа дуо? Ханнык миэрэлэр ылыллыахтаахтарый?

Өскөтүн, утары көрүстэххэ…

Өскөтүн, тыатааҕыны соһуччу утары көрсө түстэххитинэ, төһө кыалларынан, уолуйуо суохтааххыт. ЫБММ бэлиэтииринэн, тыаҕа, суолга, нэһилиэктэн чугас сылдьан тыатааҕыны көрүстэххэ, тыаһы-ууһу таһааран, улаханнык хаһыытаан, төбө үрдүгэр, улаатан көстөр туһуттан, суумканы ууран, тыатааҕыны кыраҕыта сатыахтааххыт. Хайдах даҕаны куттаммыт, уолуйбут иһин, куотан туһата суох. Куотар киһини оннооҕор ыт эккирэтэр. Холку, наҕыл куолаһынан саҥара сатыахтааххыт. Арай утары иһэр, чугаһыыр буоллаҕына, хаһыытыахтааххыт. Тыатааҕы оҕолорун ийэлэрэ суоҕуна хаартыскаҕа түһэрэр, видеоҕа устар олох табыллыбат. Кини оҕолорун хаһан даҕаны хаалларбат, өрүү чугас сылдьар, барытын кэтии, маныы сытар буолуон сөп. Онон тыатааҕы оҕолорун көрдүгүт даҕаны, атахха биллэриэхтээххит. Арассыыйаҕа тахсар тыатааҕы саба түһүүлээх иэдээннэр эһэ оҕолорун хаартыскаҕа түһэрии, имэрийии түмүгэр тахсалларын статистика көрдөрөр. Айылҕаҕа хоно-өрүү сылдьар дьон саппаас аһылыктарын түспүт лааҕырдарыттан 100 м тэйиччи хаһааналлара ордук. Тыатааҕы дьоҥҥо саба түспэккэ, саппаас аһылыгы аһаан баран барыахтаах. Аһылыгы көҥөөн тыатааҕыны үүрэр сыыһа быһыы буолар. Аһылыгыттан көҥөөн дьоҥҥо саба түһүөн сөп.

Тугу гыныахтаахпытый?

Тыатааҕы мэнээктээбит кэмигэр тыаҕа соҕотохтуу сылдьар сэрэхтээх. Сир астыы, тэллэйдии сылдьан түбэһиэххэ сөп. Ол иһин тыаҕа тыастаахтык, саҥара-иҥэрэ, төһө кыалларынан, элбэх буолан сылдьар ордук. Тыатааҕыга аһыыр усулуобуйаны оҥоруо суохтаахпыт, ол туһуттан ас тобоҕун мээнэ ыһар, быраҕаттыыр табыллыбат. Ону сэргэ, уһун оттоох, халыҥ тыалаах сиртэн тэйэ туттуҥ. Ханнык да түгэҥҥэ, охтубут сылгы, туртас өлүгүттэн, сэмнэхтэн тэйэ туттуҥ. Тыатааҕыга хаһан даҕаны көхсүгүтүн көрдөрүмэҥ. Суолга тахсыбыт кыылы аһатарга дьулуһумаҥ. Тыаҕа өрүү бэйэҕитин кытта биэрэстээх ыстарар тэрили (фальшфейер), тыаһыыр-ууһуур сиренаны илдьэ сылдьыҥ.

Владимир Решетников, СӨ Экология министиэристибэтин булка уонна бултуур сирдэри харыстааһыҥҥа департаменын салайааччыта:

— Кэлиҥҥи сылларга өрөспүүбүлүкэбитигэр тыатааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга олус чугас кэлиитэ элбэхтэ хатыланна. Бу хагдаҥ эһэ ахсаана элбээһиниттэн тахсар. Ыаллыы сытар эрэгийиэннэргэ тахсар ойуур баһаардарыттан, сир аһа суоҕуттан тыатааҕы сылдьар ыырын уларытан биэрэр. Ол курдук, сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэбитигэр дьон-сэргэ олоҕор кутталынан суоһуур түгэннэрэ үөскээн, Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ тыатааҕы ахсаанын аччатарга (регулирование) 52 быһаарыыны таһаарда. Уопсайа, 13 тыатааҕы бултанна. Тыаҕа сылдьан арҕахтан тахсыбыт уонна иссэр кэмигэр (ыам ыйыгар уонна бэс ыйыгар) көрсүөххэ сөп. Бу кэмҥэ дьоҥҥо-сэргэҕэ ордук сэрэхтээх буолаллар. Ордук түүнүн кутталлаахтар. Киһи хараҥаҕа сатаан көрбөт, оттон кыыл бу кэмҥэ харса-хабыра суох буолар.

Маны сэргэ, дьон тыа кыылын айаннаан иһэн аһаталларыттан, айылҕаҕа сылдьан ас тобоҕун, бөҕү-саҕы хаалларалларыттан эмиэ тахсар. Бэлэми аһыы үөрэммит кыыл дьон үүтээнигэр кытта киирэр. Былырыын дьон олоҕор кутталынан суоһааннар, уопсайа, 99 кыыл бултаныллыбыта. Ол эрээри булт болдьоҕо ааспытын кэннэ бултуур сиргэ саалаах сылдьар булт быраабылатын кэһии буолар.

Виталий Юрьевич Кондаков, Өймөкөөн улууһунааҕы айылҕа уонна экология харыстабылын иниспиэксийэтин салайааччыта:

— Биһиэхэ быйыл саас биэс кырдьаҕас бултанна. Кыстык ыараханнык ааста, сылгы бөҕө мөлтөөбүтэ, өлүк, сэмнэх элбэх этэ. Бултаныллыбыт тыатааҕылар нэһилиэнньэлээх пуунтан чугас сылгы баазаларыгар киирэн, сылгыны тардар кутталлаах буоланнар, сөптөөх миэрэни ылбыппыт. Тыатааҕы дьэ, хамсаан эрэр кэмэ билигин биһиэхэ. Хас биирдии улууска эһэлээх, бөрөлөөх сирдэргэ эрдэттэн сэрэтэр үлэлэр ыытыллыахтаахтар.

What’s your Reaction?
+1
19
+1
1
+1
0
+1
0
+1
3
+1
1
+1
6

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

23 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

3 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

16 часов ago