Салгыы
Түбэ кыраныыссатыгар — cобо пааматынньыга

Түбэ кыраныыссатыгар — cобо пааматынньыга

11.11.2022, 17:45
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Нам улууһун Түбэ нэһилиэгэр Үрүҥ Күөлгэ балык артыала тэриллибитэ 80 сылыгар үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. 

Үбүлүөйдээх тэрээһин туһунан Нам улууһун кэлим сакаас сулууспатын салайааччыта, Түбэ нэһилиэгиттэн улуус мунньаҕын дьокутаата Григорий Гуляев маннык билиһиннэрдэ:

Түбэ орто оскуолатын бибилэтиэкэрэ Марита Сивцева собоҕо анаммыт бырайыак толкуйдаабыта. Биһиги сүбэлэһэн баран, 1942 с. балыгы бултуур идэтийбит хаһаайыстыба тэриллэн, кыайыы туһугар килбиэннээх үлэ саҕаламмытын, онно байыаннай суолталаах  балык артыала тэриллэн,  өрөспүүбүлүкэ  араас муннуктарыттан балыксыттар түмсэн эдэрдиин-эмэнниин балыктаабыттарын үйэтитэргэ санаммыппыт.

Биһиги Үрүҥ Күөлбүт бүтүн Саха сирин уонна фрону кураантан, суттан, өлүүттэн-сүтүүттэн быыһаабыта. Онон нэһилиэккэ киирии кыраныыссатыгар  собоҕо анаан өйдөбүнньүк бэлиэни туруорарга санаммыппыт.  Бу бэлиэ кэлэр-барар дьону уруйдуу-айхаллыы көрсөр, ытык Түбэбитигэр, Үрүҥ Күөлбүтүгэр сүгүрүйэн ааһар пааматынньыгынан буолуоҕа. Өйдөбүнньүк бэлиэ ааптара — орто оскуола үлэ уруогун учуутала Алексей Сивцев.   Суолталаах тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Юрий Слепцов кыттыыны ылла. 

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, Үрүҥ Күөлгэ балык артыала тэриллибитэ 80 сылыгар  нэһилиэк олохтоохторо бары кыттыннылар. Ол курдук, муҥхаһыттар куукулалара болҕомтону тарта.

Куукула таҥаһын олохтоохтор  бэйэлэрэ тиктилэр. 

Хаартысканы Григорий Гуляев тиксэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: