Түбэ нэһилиэгэр быыбар хамыыһыйата сахалыы таҥнан быыбардааччыларын көрүстэ
Бүгүҥҥүттэн, балаҕан ыйын 8 күнүттэн, Саха сирин бары улуустарыгар үс күннээх быыбар саҕаланна.
«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, улуус быыбардааччылара балаҕан ыйын 8, 9, 10 күннэригэр Ил Дархан, СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) уонна Нам улууһун дьокутааттарын, «Нам улууһа», «Хатырык нэһилиэгэ», «Фрунзе нэһилиэгэ», «Түбэ нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарын уонна Никольскай нэһилиэгэр олохтоох Сэбиэт дьокутааттарын быыбардыыллар.
Партизан нэһилиэгин 332 №-дээх Быыбардыыр учаастагар сарсыарда 8:00 чаастан олохтоохтор быыбарга көхтөөхтүк кыттан саҕалаатылар. Нэһилиэк 622 быыбардааччылаах. Манна бастакынан «Кустук» уһуйаан үлэһитэ Евдокия Оконешникова куоластаата.
Түбэ нэһилиэгин 349 №-дээх Быыбардыыр учаастагын хамыыһыйата биир дойдулаахтарын сахалыы таҥнан көрүстүлэр. Манна биир бастакынан Түбэ нэһилиэгин баһылыгынан өр сылларга үлэлээбит Константин Фёдоров быыбардаата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: