Түбэй-Дьаархан тимир ууһа Спартак Петров саха быһаҕын куйаар ситиминэн хамаҕатык атыылыыр
«Мой бизнес» урбаанньыттары өйүүр тэрилтэ 2024 сыл түмүгүнэн «Куйаар ситимин бастыҥ атыылааччыта» үрдүк ааты биһиги биир дойдулаахпыт Түбэй-Дьаархан тимир ууһа Спартак Петров ситистэ.
Кини инньэ хоруона хамсыга саҕаланыан инниттэн уһааран, уһанан таһаарбыт саха ааттаах быһахтарын куйаар ситимин нөҥүө атыылаан саҕалаабыта. Бастакы атыылаһааччыта АХШ киһитэ этэ, кэлин хас да быһаҕы ылан үөрдүбүтэ диир. Ол кэннэ аан дойду араас муннуктарыгар олорор дьон сүүһүнэн быһахтары сэргии көрөн, атыылаһан тимир уус айымньытын биһирииллэр.
Спартак бу иннинэ оскуолаҕа уһуйааччы этэ, кэлин таптыыр идэтигэр толору бэринэн үлэтэ олус таһаарыылаах. Аны атах тэпсэн кэпсэтэн бардахха идиэйэтэ, саха сайдарын туһунан этинэрэ элбэх. «Олоҕу кытта сайдан, саха айбыта-оҥорбута эмиэ киэҥ эйгэҕэ тахсыахтаах», — диэн этиитигэр сөбүлэһэбин… Кэнники түөскэ кэтэр быһыччалары кыайа-хото сакаастыыллар диир. Ыйга сүүрбэччэ саха быһаҕын уһанан таһаарар, кэнники баҕата көмөлөһөөччүлэнэн элбэх быһаҕы оҥорон таһаарбыт киһи диэн ыралаах. Кини үлэлэрин бу манна киирэн көрүөххүтүн сөп. Спартак билигин биир-икки ый инниттэн сакааһа элбэх.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: