Түөһэйии туһунан босхо лиэксийэ буолуоҕа

Share

Сэтинньи 3 күнүгэр күнүс 4 чааска «Түөһэйии» туһунан лиэксийэ буолуоҕа. Лиэксийэни «Долгожить» паллиативнай психологическай көмө сулууспатын салайааччы, психолог Наталия Иванова ааҕар.

Хаартыска: Н.Иванова

Өскөтүн чугас дьоҥҥутуттан ким эрэ умнуган буолбут, түөһэйии сибикилэрэ биллибит буоллахтарына, бу лиэксийэни кэлэн истэргит, паллиативнай психологтартан сүбэ-ама ыларгыт наадалаах. Кэнники кэмҥэ сааһырбыт дьоҥҥо түөһэйии олус элбээн эрэр. Бастаан киһи субу буолбуту умнар, уруккутун өйдүүр, онтон бэргээн истэҕин аайы, мэйиитин килиэккэлэрэ, ньиэрбэлэрэ өлөн, бэйэтин кыайан көрүммэт, оҕо курдук буолан хаалар. Онон киниэхэ эрдэттэн көмөлөһүөххэ наада.

Биһиги сулууспабыт кырдьаҕас дьону көрүү-истии туһунан сырдатан, хас нэдиэлэ ахсын Дьиэҕэ көрүү-истии оскуолатын тэрээһинэ ыытыллар. Кырьдьаҕас, кыаммат дьону көрөр-истэр дьоҥҥо анаан босхо лиэксийэлэри ааҕабыт. Бу бээтинсэҕэ түөһэйии туһунан лиэксийэ буолуоҕа. Миэстэбит аҕыйах, ол иһин төлөпүөннээн, суруйтарыахтарын наада. 

Түөһэйии туһунан элбэҕи кэпсиэхпит, уйулҕа өттүттэн туох төрүөттээҕин ырытыахпыт, кэлбит дьон тест толоруохтарын сөп. Умнуган буолбут, түөһэйэн эрэр дьоҥҥо хайдах гынан көмөлөһүөххэ сөбүй диэн боппуруоска болҕомтобутун ууруохпут. Эрчиллиилэри оҥорторон көрүөхпүт. Лиэксийэ уһуна — 1,5-2 чаас, киириитэ — босхо, — диэн Наталия Ивановна кэпсээтэ.

Буолар сирэ: Дьокуускай к., Кулаковскай уул., 6. Билсэр төлөпүөн: 89142474401.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Харах мөлтөөһүнүн эрдэттэн сэрэтиэххэ сөп

Харах мөлтөөһүнүн эрдэттэн сэрэтиэххэ сөп диэн бэлиэтииллэр. Саха ыалын халандаарыгар (2007 с.) бу туһунан маннык…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Быйыл 45 байыас дьиэтин киин ититэр ситимҥэ холбуохтара

Улуустарга байыастар дьиэлэрин киин ититэр ситимҥэ холбооһун үлэтэ салҕанар. 2025 сылга 45 дьиэни холбуур былааннаахтар.…

7 часов ago
  • Сонуннар

Иннокентий Луковцевка «СӨ киинэтин үтүөлээх тириэньэрэ» бочуоттаах ааты иҥэрдилэр

Бүгүн, муус устар 1 күнүгэр, Көр-күлүү, дьээбэ күнүнэн сибээстээн, саха киинэтин режиссердара СӨ үтүөлээх артыыһа…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай сулууспаҕа сааскы ыҥырыы туһунан

Бэрэсидьиэн Владимир Путин муус устар 1 күнүттэн от ыйын 15 күнүгэр диэри байыаннай сулууспаҕа сааскы…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

«Манчаары оонньууларын» түмүктүүр чааһын путевкалара бэс ыйын 15 күнүгэр диэри оонньонуохтара

Күн бүгүн "Манчаары оонньууларын" финальнай чааһыгар 774 путевка оонньонно. Остуол оонньууларыгар, хотугу многоборьеҕа, национальнай многоборьеҕа,…

8 часов ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сибээскэ “Кыайыы куолаһа”!

Бүгүн “Кыайыыны истиэххэ” аахсыйа көмөтүнэн Арассыыйа хайа баҕарар олохтооҕо номоххо киирбит, аҥардас куолаһыттан этиҥ сааһа…

8 часов ago