Түөкүттэр албастара уларыйар

Түөкүттэр албастара уларыйар

Ааптар:
27.01.2024, 14:30
Хаартыска: Егор Карпов
Бөлөххө киир:

“Төлөпүөн нөҥүө албынныахтарын сөп, сэрэхтээх буолуҥ!” диэн бары өттүттэн сэрэтии тарҕанар эрээри, күн аайы кими эрэ албыннаабыттарын, харчытын суйдаабыттарын туһунан истэбит. Бу ыстатыйаны ааҕа олорор ааҕааччым, “миигин баҕас отоойкоҕо олордоллоро саарбах!” дии санаабыт буоллаххына, сэрэтэрбэр тиийэбин. Албынныыр ньымалара күн-түүн уларыйа турар, кими баҕар “сыгынньах” хаалларыахтарын сөп.

Аныгы технологиялар

Үксүн, түөкүннээһин туһунан сонуннарга оннук айылаах оҕуруктаах өй туһаныллыбыта көстүбэт. Итэҕэйимтиэ киһиэхэ соһуччу төлөпүөнүгэр эрийэн соруйан ыгылытан өйүн көтү­тэллэр, баан каартатын, смс-­куоду этэргэ күһэйэллэр. Маннык  түөкүннээһиҥҥэ түбэспит киһи кэнники бэ­­йэтэ мунаахсыйар. Ол курдук, “Хайдах итинник судургу албыҥҥа киирэн биэрбиппиний?” диэн. Манныкка тү­­бэспит дьону сэнии санаамаҥ. Эрийбит дьон “идэлэрин” олус үчүгэйдик билэллэр, албынныахтаах киһилэрин эрдэттэн үөрэтэллэр, саамай уйан өрүттэрин булан, чопчу ол “туочукаларыгар” баттыыллар. Бу киһи психологиятын үөрэтэн дьа­йыыны оҥорууну “социальнай инженерия” диэн ааттыыллар. Онон ыксыы, ыгылыйа сылдьар кэмҥитигэр туора дьон эрийдэхтэринэ, адьас сэрэхтээх буолуҥ.

Ол эрэн, сайдыы биир сиргэ турбат, түөкүттэр эмиэ аныгы технологиялары эрчимнээхтик баһылаан, ньымаларын уларыталлар, тупсараллар.

Атын киһи эрийдэҕинэ, төлөпүөнүнэн кэпсэтиини тута тохтотон кэбистэххэ, албастарыгар киирэн биэрбэккин. Оттон арай ийэҥ дуу, эдьии­йиҥ дуу эрийдин? Чугас киһиҥ иэс көрдөөтөҕүнэ, кыах баарынан көмөлөһөр буоллаҕыҥ дии. Ол эрэн, билигин бу эмиэ албын буолуон сөп. Түөкүттэр дьон куолаһын үүт-үкчү үтүктэр бырагыраамалары туһанар буолбуттар. Бу туһунан Киин баан бу күннэргэ сэрэтии оҥорбута. “Голосовой” көмөтүнэн алтыһыыны билигин бэрт элбэх киһи туттар. Өскөтүн эһиги куоласкыт холобурун туора дьон ыллахтарына, тембрин, саҥаҕыт түргэнин, тылы-өһү туттар үгэскитин куоппу­йалаан ылар туох да уустуга суох буолбут. Оннооҕор “дипфейк” көмөтүнэн дьиҥнээх видеоҕа устууну оҥорор кыаллар буоллаҕа дии! Өскөтүн видео билигин даҕаны өссө сайда, чочулла турар технология эбит буоллаҕына, куолаһы “уорааһын”, түөкүннээһиҥҥэ туттуу номнуо баар суол. Онон, чугас дьоҥҥут атын нүөмэртэн эрийэн харчы дуу, харыстанар информация дуу (холобур, көмпүүтэр пароля эбэтэр кэлбит смс) туһунан кэпсэтэн бардахтарына, сэрэниэх тустааххыт. Холобур, туора киһи хору­йун билбэт ыйытыыны биэриэххитин сөп. Сокуону кэһээччилэргэ туох да сибэтиэй диэн суох, хомойуох иһин, оннооҕор саамай чугас дьоммутун кытта алтыһарбытыгар сэрэхтээх буоларга күһэллэбит.

“Баһаалыста, аймах оҕобор куоластаа!” 

Күн аайы алтыспат эрээри, чопчу билэр киһигиттэн “Аймах оҕом күрэххэ кыттар, бэрт кыранан хаалан иһэбит, баһаалыста киирэн куоластаа эрэ!” диэн ис хоһоонноох сурук барыбытыгар кэ­­риэтэ кэлэ сылдьыбыт буолуохтаах. Холобур миэхэ бу нэдиэлэҕэ икки ити курдук ис хоһоонноох көрдөһүүлэр кэлбиттэрэ. Иккиэннэрэ дьиҥнээх күрэххэ кыттар оҕолору өйөөһүн этэ. Ол эрэн, бу көрдөһүү албын­нааһын көрүҥэ буолуон сөп эбит. Сыала – эн бассаапкар* (признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России) көҥүл ылан, эн ааккыттан атын дьону түөкүннээһин. Хайдах үлэлиирий?

Көрдөһүү сурукка ханнык эрэ саайтка сигэнии ыытыллар. Саайт иһигэр, кырдьык, туох эрэ күрэх ыытылла турар, оҕолор испииһэктэрэ баар, онно ыйыллыбыт оҕо туһугар куоластаан кунуопка баттыыгын. Төлөпүөҥҥэр куоласкын бигэргэтии көрдөбүлэ кэлэр. Дьэ ону баттаатыҥ эрэ бассаапкар* атын тэрилтэн (устройствоттан) киирэргэ көҥүл биэрбит буолуоххун сөп. Оччоҕуна, атын төлөпүөнтэн, көмпүүтэртэн, эн ааккыттан аадырыс кинигэтигэр баар хантаактарга  барыларыгар тугу баҕарар суруйуохтарын сөп. Биир билэр кыыһым аккаунун алдьатан, биир түүн иһигэр “ийэбэр эмп атыылаһарга 3 тыһыынча солкуобайы иэстээ” диэн көрдөһүүнү үтүмэн элбэх киһиэхэ ыыппыттар. Сарсыарда уһуктуор диэри, олус элэккэй, дьоҥҥо куруутун көмөлөһөр кыыска элбэх билэр киһитэ харчы бөҕөтө ыыппыт…

Өскөтүн, ити курдук саарбах куоластааһыҥҥа кыттыбыт буоллаххытына, бассаапкытыгар* “Настройки” диэҥҥэ (вкладка) киирэн, “Привязанные устройства” диэн устуруоканы көрүҥ. Онно бэйэҕит холбооботох тэрилгит ыйылла сылдьар буоллаҕына, сотторо охсуҥ. Сороҕор ити курдук түөкүннээн холбонон баран, тоҕоостоох кэми күүтэн иһийэн хаалыахтарын эмиэ сөп.

Бу курдук балаһыанньаҕа түбэспэт туһугар “икки төгүл бигэргэтии” (двухфакторная аутентификация) диэн көмүскэнэр ньыманы хол­бооҥ. Быһаарсыбат да буол­лаххытына, аныгы тиэхиньикэҕэ сыстаҕас аймаххытыттан көрдөһөн туруортарыҥ.

Саҥа кэм аартыгар

Дьон икки ардыгар итэҕэйсиини тургутар уустук кэм кэллэ быһыылаах. Ханнык баҕарар киһи куолаһын, сирэ­йин “уоран” ылан, үүт-үкчү оҥорор кыах баар буолла уонна бу технология күн аайы тупсан иһэрэ саарбаҕа суох. Холобур, бүгүн төлөпүөн көмөтүнэн өҥө сыҥалааччы үксэ дьиҥнээх киһини солбуйбут робот куолаһа буолла. Дьиҥнээх киһи дуу, робот дуу кэпсэппитин онноҕор билигин тута таа­йар бэрт уустук. Аныгы билим ситиһиилэрин туһанан албынныы сатыыр түөкүттэртэн харыстанар олус уустугурда. Бадаҕа, сокуон уонна бэ­­йэ-бэйэҕэ сыһыан тосту улары­йар, саҥа быраабылалар үөскүүр кэмнэригэр олоробут быһыылаах.

Хайдах маннык кэмҥэ харыстанабыт?

Бастатан туран, бүгүн баар харыстанар ньымалары толору туһаныахтаахпыт. Двухфакторнай  аутентификация, пароль менеджердэрэ бэрт эрэллээхтик көмүскүүллэр. Ону таһынан, чугас дьоҥҥутун кытта уопсай пароль толкуйдаан, саарбахтыыр түгэҥҥэ ону ыйытан көмүскэнэргэ сүбэлииллэр. Уонна, биллэн турар, “цифровой гигиена” куруутун тутуһуллуохтаах. Билбэт саайтаргытыгар улахан кыһалҕата суох буоллаххытына, киирэ сатаамаҥ, социальнай ситимнэргэ аһаҕас профиль хаалларымаҥ, уопсастыбаннай миэстэҕэ суруйбут парольгутун сотторон иһиҥ.

(*признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России)

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: