Түөкүттэр албынныыр албастара, ньымалара кэҥиир…

Share

Көрдөрөр-иһитиннэрэр технология күн ахсын сайдан иһэр, олохпут ону кытта тэҥҥэ уларыйар, тупсар, саҥа саҕахтары арыйарга үгүс кыаҕы биэрэр. Биир өттүнэн ону тэҥэ түөкүннээһин көрүҥэ, ньымата элбии турар. Сиэртибэлэринэн улахан дьон эрэ буолбакка, оскуола үөрэнээччилэрэ эмиэ буолаллар. 2023 сылга Арассыыйа хас биирдии үһүс олохтооҕор биллибэт нүөмэртэн эрийбит буоллахтарына, хас ахсыс киһи ол албын дьайыыга киирэн биэрбит. Ол курдук бот-чаттар, араас мессенджердэргэ суруктары ыыталааһын, албын саайтар, вирустаах ыйытыктар, сымыйа оонньуулар көмөлөрүнэн харчыны, учуотунай дааннайдары, хаартыскалары уораллар.

Саҥа көрүҥнэр

Бастакы миэстэни «өйдөөх» бот-чаттар ылаллар. Быһахолоон чэпчэки сыаналааҕынан уонна күнүстэри-түүннэри үлэлиир кыахтааҕынан аан дойду дьонун өйүн сүүйэр. Хомойуох иһин, боттары кибер-түөкүттэр күүскэ тутталлар. Холобур, кинилэр хайдах исхиэмэнэн туһаналларын көрүөҕүҥ. Бастатан туран, Telegram боттара нүөмэрдэрин атыннык уларыталлар. Кинилэр көннөрү төлөпүөн ситиминэн тахсыбаттар, мессенджер нөҥүө эрийэллэр, оччотугар нүөмэрдэрин быһаарар уустук буолар. Ити сүрүн уратылара.

Түөкүттэн бэйэлэрин кистээри виртуальнай нүөмэрдэри харчыга уларсан туһаналлар, ону тэҥэ аватардарыгар былаас уорганнарын, куттал суох буолуутун сулууспаларын, бааннар бэлиэлэрин эбэтэр дьон хаартыскаларын туруораллар. Аны туран ити нүөмэрдэри уларсарга нүөмэри уларытар кыахтаах эрэ боттар туһаныллаллар. Онон итини кэтиир түөкүттэри утары охсуһуу уустугурар. Холобур, өскөтүн эйиэхэ сымыйа баантан эрийдиннэр, ону эн ол туох нүөмэрин билээри көрдөөн, официальнай саайтка булуоххун сөп. Ити курдук Telegram мессенджергэ элбэх бот-чааттар баар буолаллар.

Албын иккис көрүҥэ эмиэ ити мессенджери кытта сибээстээх. Ол курдук Telegram ханаалга чааһынай хаартыскалары көрдүүр бот буолар. Дьону анал бот-чаакка ыҥыраллар, онтулара ChatGPT 4.0 кодтаах диэн сымыйалыыллар. Бу албыҥҥа киирэн биэрбит сиэртибэлэр ити чат көмөтүнэн киһи социальнай ситимҥэ баар профилин ссылкатынан эбэтэр төлөпүөнүн нүөмэринэн көҥүлэ суох тус хаартыскаларын көрдөөн булуохха сөп дии саныыллар. Ол файллары булар туһугар баазаны биирдэ киирэн көрөргө көҥүл ылаары кыра суумалаах харчыны төлүүллэр эбэтэр боту лимиитэ суох туһанарга балаччаны ууран биэрэллэр. Ону баара, харчы ыытан баран, ханнык да файлы булбаттар.

Үһүс албынныыр ньыманан билигин дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр ChatGPT искусственнай интеллектээх бот-чат буолар. Түөкүттэр итини үстүрүмүөн оҥостон, логин, пароль көрдүүр сымыйа ис хоһоонноох суруктары, эрэкилээмэ биллэриилэрин ыытар буоллулар. Дьону итэҕэтэр туһугар искусственнай интеллект туох баар кыаҕын толору туһаналлар. ChatGPT чахчы да киһи бэйэтин тылынан, өйүнэн айан суруйбутун курдук суруктары оҥорор. Ол туһугар баара-суоҕа туохха интэриэстээххин, ханнык тылынан суруйуоххун баҕараргын эрэ ыйыахха наада, онуоха түөкүн сымыйа ссылканы туруоран эрэ биэрэр.

Иккис миэстэҕэ онлайн-маҕаһыыннар тураллар. Сымыйа маҕаһыыннар 2023 сылтан олус элбээтилэр. Ити дойдубут ырыынагыттан биллэр-көстөр бреннэр, масс маркеттар туораабыттарыттан тарҕанна диир оруннаах. Онон кибер түөкүттэр албын онлайн-маҕаһыыннары арыйан, бобуулаах табаардары чэпчэки сыанаҕа атыылыыллар. Бу исхиэмэтэ судургу. Атыылааччы атыылаһар дьонтон 100% харчыларын тутан ылар уонна тугу да ыыппат.

Албын үһүс көрүҥэ тэрилтэҕэ олорон буолбакка, дьиэттэн, хайа баҕарар табыгастаах кэмҥэ олорон үлэлээн харчы өлөрөр дьону таарыйар. Ол аата тэйиччиттэн үлэ миэстэтин биллэриилэрэ.

Манна албыннааһын икки исхиэмэтин көрүөххэ:

1. Дьоҥҥо биллэр хампаанньаттан иһитиннэрии тиийэр. Онно тэйиччиттэн олорон социальнай ситимнэргэ үлэлээн харчыланар туһунан суруллар. Ол хамаанда чилиэнэ буолар баҕалаах дьон төлөбүрдээх аҥкыатаны толороллоро ирдэнэр. Биллэн турар, төлөбүр кэнниттэн ким да ханнык да бырайыакка кыттар кыаҕа суох буолар.

2. Араас ханаалларга, саайтарга көрдөөтөххө, киһини ымсыырдар хамнастаах биллэриилэр элбэх буолаллар. Холобур, онно суруллубутунан ханнык эмит бөдөҥ атыы хампаанньата интэриниэтинэн сакаастары дьаһайар дьоҥҥо наадыйар. Онно саайтка «үлэни саҕалаа» диэн ссылкалаах буолар. «Итини төһөнөн суһаллык баттыыгын да, соччонон үлэһит буоларыҥ түргэтиир, үлэ миэстэтэ аҕыйах» диэн суруктаах буолар. Хампаанньа үлэһитэ буола охсор туһугар тус бэйэҥ дааннайдаргын, хамнас ылар каартаҥ реквизиттэрин ыйыах тустааххын. Ити кэнниттэн үлэ көрдөөччү тус кэбиниэтиттэн логин уонна пароль тутар. Онно барбах эрэ табаар каарточкаларын толорор сорудахтаах буолар. Сити курдук сиэртибэ күнү быһа үлэлиир, дьарыктанар, ону тэҥэ өссө үлэтин түмүгүн эмиэ көрөр. Хас биирдии сорудах кэнниттэн виртуальнай көһүлүөк туолан иһэр, бүгүҥҥү өлөрбүт хамнас кытта көстөр. Онтон үлэ күнүн бүтүүтэ саҥа үлэһит атыылаабыт атыытыттан улахана суох сууманы уонна атыыттан быһыллыбыт бырыһыанын төлүүр. Түмүгэр, каартатыгар хамнас түспэт. Ити курдук хаарыан бириэмэ халтайга ааһар, ону тэҥэ харчытын сүтэрэр.

ТОҔО ИТЭҔЭЙЭБИТ?

Дьон үксэ албыннааһын исхиэмэтин билэр уонна киирэн биэрбэт. Ол эрээри, олоххо көстөрүнэн, аферистар дьон уйулҕатыгар дьайан, киһи бэйэтэ да билбэтинэн итэҕэйэн барар: тус дааннайын, кодун, харчытын уонна да атыны барытын «ыраас лиискэ» ууран биэрэр. Онон итинниккэ киирэн биэрбэт туһугар түөкүттэр исхиэмэлэрин эрэ буолбакка, бэйэни уйулҕа өттүнэн хайдах харыстанар ньымалары билэр олус наадалаах.

Елизавета Зарубина, килиниичэскэй психолог:

— Үөрэҕэ суохтар албыҥҥа киирэн биэрэллэр диэн сыыһа өйдөбүл. Ылан көрөр эбит буоллахха, кибер-түөкүттэргэ улахан аҥаара 45‑тэриттэн үөһээ саастаах дьон албыннатар эбит. Кинилэр сыыппара технологиятын саҥа үстүрүмүөннэрин толору баһылаабатах буолаллар.

Урут бааннар судаарыстыба оҥорор өҥөтүгэр киирсэллэр этэ. Дьон судаарыстыбаны кытта сибээстээх барыта дьиҥнээх дии саныыр уонна толорорго ыксыыр. Социальнай уйулҕа өттүнэн көрдөххө, уопсастыбаҕа хас биирдии киһи бас бэринэр үөрүйэхтээх. Хайа баҕарар кэмҥэ иерархия диэн уопсастыба төрдө буолар. Онно киһини бас бэринэргэ үөрэтэллэр. Онон түөкүттэр киһи кыайан утары барбатын курдук уйулҕа бардам албастарын туһаналлар. Холобур, киһи эрэйинэн өлөрбүт харчытын сүтэрэр улахан кутталлаах. Ити кутталга сиэттэрэн арааска киирэн биэриэн сөп. Оруннаахтык толкуйдуур кыаҕа суох буолар. Ону тэҥэ үчүгэй бэлэми ааспыт дьон массыанньык буолаллар. Киһи уйулҕатын сыныйан үөрэтэллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

6 часов ago