Түөкүттэр Алдан олохтооҕун албыннаабыттар
Алдаҥҥа ИДьМ отделыгар 59 саастаах киһи 230 тыһ. солк. уордарбыт киһитин эппиэтинэскэ тардарга үҥсэн суруйбут.
Эмсэҕэлээччи кэпсээбитинэн, ФСБ үлэһитэбин диэн киниэхэ биир киһи төлөпүөннээн, кини аатыттан кирэдьиит ылаары гыммыттарын эппит. Онон харчытын «куттала суох счекка» ыытарыгар «сүбэлээбит».
Сарсыҥҥытыгар Киин баан үлэһитэ аатыран дьахтар төлөпүөннээбит. Бу дьахтар салалтатынан эмсэҕэлээччи харчытын устан ылан кини ыйбыт счетугар ыыппыт. Хас да күн буолан баран, «Киин баан» үлэһитэ эмиэ сибээскэ тахсыбыт. Бу сырыыга өссө харчылааҕын дуу, суоҕун дуу токкоолоспут. Онуоха эмсэҕэлээччи 300 тыһ. солк. уурдарыы баарын эппитигэр, дьахтар эмиэ «куттала суох счекка» ыытарыгар соруйбут. Дьэ, бу сырыыга эмсэҕэлээччи түөкүттэр албастарыгар киирбитин сэрэйэн төлөпүөнүн араарбыт.
Эмсэҕэлээччи түөкүттэр араас албастаахтарын туһунан полиция үлэһиттэрэ сэрэтэллэрин билэрин, тэрилтэлэригэр лиэксийэлэри аахпыттарын, уопсастыбаннай сирдэргэ «Сэрэниҥ, түөкүттэр!» диэн өйдөтөр-сүбэлиир быһаарыылары көрбүтүн эппит. Оттон билбэт дьонугар тоҕо итэҕэйбитин уонна харчытын кинилэргэ ыыппытын кыайан быһаарбатах.
Баан үлэһитэбит, быраабы араҥаччылыыр органнартан эрийэбит диэн билбэт дьоҥҥут төлөпүөнүнэн эрийдэхтэринэ кэпсэтимэҥ диэн полиция үлэһиттэрэ сүбэлииллэр.
ИДьМ Алданнааҕы отдела
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: