Түөкүттэр аны онковакцинаны чинчийиигэ кыттыҥ диэн суруйар буолбуттар

Түөкүттэр аны онковакцинаны чинчийиигэ кыттыҥ диэн суруйар буолбуттар

Ааптар:
08.01.2025, 10:25
Андрей Сорокин,/ЯСИА
Бөлөххө киир:

Түөкүттэр дьону албыннаан үптэнээри арааһы бары толкуйдууллар. Аны «Энтеромикс» онковакцина   килиниичэскэй бэрэбиэркэлээһинигэр  кыттыҥ диэн дьоҥҥо  суруйар буолбуттар.  

Бу туһунан РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай онколога, радиология национальнай мэдиссиинискэй чинчийэр  киинин генеральнай дириэктэрэ Андрей Каприн: 

Телеграмҥа кэлиҥҥи кэмҥэ түөкүттэр мин ааппыттан уонна радиология национальнай мэдиссиинискэй чинчийэр  киинин аатыттан  пациеннарга  «Энтеромикс» онковакцина килиниичэскэй боруобалааһынын  иккис түһүмэҕэр  кыттыҥ диэн суруйар буолбуттар.  Түөкүттэр  чинчийиигэ  кыттарга харчы көрдүүллэр эбит, — диэн телеграмыгар суруйда.

Андрей Каприн иһитиннэрбитинэн, килиниичэскэй чинчийиилэр бары түһүмэхтэрэ уонна киин консультациялара босхо ыытыллаллар.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
9 января
  • -26°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 70% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: